Быйыл сааскы халаан уута улаханнык кэлэн элбэх хорумньуну таһаарда. Хатыҥ Арыы нэһилиэгин Граф Биэрэгэ бүтүннүү, Аппааны, Кыһыл Дэриэбинэ сорох дьиэлэрин, хотоннорун, олбуордарын уу эмиэ ылбыта.
Нэһилиэкпитигэр сааскы халаан уутун туоратыыга уонна үлэҕэ 11 хамыыһыйа үлэтин саҕалаабыта. Ол курдук, гуманитарнай көмөнү оҥоруу уонна тарҕатыы хамыыһыйатын председателэ Стрекаловская Екатерина Васильевна Нам улууһун дьаһалтатын кытары ыкса сибээстээхтик үлэлээтэ. Граф Биэрэгэр “Самородок” сынньалаҥ киинигэр Охлопкова Анна Аполлоновна салайааччылаах, Кыһыл Дэриэбинэҕэ “Сайдыы” сынньалаҥ киинигэр Винокурова Айталина Гаврильевна салайааччылаах бөлөхтөр көмөнү ууттан эмсэҕэлээбит олохтоохторго тарҕаттылар.
Бүтүн өрөспүүбүлүкэ дьоно, биир дойдулаахтарбыт ыарахан кэмҥэ көмөлөрө сүҥкэн. Ол курдук, биир дойдулаахпыт Нам улууһа, Хатыҥ Арыы нэһилиэгин Ытык киһитэ, “Копиртехсервис” генеральнай дириэктэрэ Никифоров Александр Тарасович уу харчынан көмө оҥордо. Онтон уола Никифоров Павел Александрович олохтоох дьаһалтаҕа ноутбук, «принтер-сканер-копир» биэрэн улахан көмөнү оҥордо. Маны тэҥэ, гуманитарнай көмө оҥордулар: ИП “Федоров Вячеслав Степанович” холодильнигынан көмөтүн В.И. Евстафьевка, В.С. Слепцоваҕа, С.Г. Бережневаҕа, В.П. Гусеваҕа туттарда; Дьокуускай куораттан “Октябрьскай” уокуруга; ИП “Стокгольм” мебель маҕаһыын; ООО “Посейдон” ыраас уу; “Матрасон” маҕаһыын; Дьокуускайдааҕы ЗАГС тэрилтэ; И.И. Фадеев аатынан “Финансово-экономический колледж”; ГБУ “Арктический научный исследовательский центр”; 7-с №-дээх оскуола үөрэнээччилэрэ уонна төрөппүттэрэ; Үөһээ Бүлүүтээҕи дьарыктаах буолуу киинэ; М.К. Аммосов аатынан “Сергеляхские огни” култуура киинин коллектива; “Мария” маҕаһыын уонна Великая Анна Петровна Дьокуускай куорат; РОО “Маяк” Дьокуускай куорат, Управа Промышленнай округа, Ольга Корешкова-Бирюкова; “Ветлаборатория”; ИП “Айсберг” Марков Т.Г.; СХПК “Эрэл”; Граф Биэрэгиттэн Вероника Матвеевна Федорова дьиэ кэргэнэ; “Кэрэли” Мэҥэ-Хаҥаластааҕы оҕолор эбии үөрэхтээһин киинэ; “Колокольчик” 86-с №-дээх оҕо сайдар киинэ; Ньурба улууһун Антоновка сэлиэнньэтин “Биһик” оҕо уһуйаана; Ньурба улууһун птицефабриката, дириэктэр Петр Гаврильев; ИП “Соловьев В.И.” икки бензиновай помпа; “Арктическай научно-исследавательскай киин” икки помпа, бензогенератор, 30 л. уматык; Хаҥаластааҕы дьарыктаах буолуу киинэ, Капитоновкаттан В.И. Кононов аатынан кырдьаҕастар уонна инбэлииттэр дьиэлэрэ; “Россельхозбанк”; ИП “Петрова А.С” уонна Бугаева М.И.; Россия худуоһунньуктарын чилиэнэ, Россия суруналыыстарын чилиэнэ, норуот маастара, Нам улууһун, Хатыҥ Арыы нэһилиэгин Ытык киһитэ Зверева Анна Николаевна гуманитарнай көмө оҥордо; Лена Тарасовна, Александр Филиппович Тохтобиннар Граф Биэрэгин олохтооҕор Синюшкиа И.С. анал көмө оҥордулар.; Нэһилиэкпит тэрилтэлэрэ “Чороон” НАК, “Хатыҥчаана”, “Сандаара”, “Мичээр” оҕо сайдар кииннэрэ, Хатыҥ Арыытааҕы оҕо искусствотын оскуолата, И.Е. Винокуров аатынан Хатыҥ Арыы орто оскуолата; нэһилиэк пенсионердара уонна олохтоохторо; Нам улууһун территориальнай быыбардыыр уокуруга, УИК чилиэттэригэр конвектор туттардылар; анал харчынан көмө Граф Биэрэгин олохтооҕор Осипова А.В. ГКУ РС(Я) “Горный комплексный центр социальной защиты населения и труда при Министерстве труда и социального развития РС(Я)”; Дьокуускай куорат “Яннамед” медицинскэй клиниката Граф Биэрэгин “Надежда” маҕаһыыҥҥа (Власова Н.В.), харчынан көмө оҥордо.
Маны тэҥэ, нэһилиэкпит общественниктара, далбар хотуттара, олохтоохтор үлэһиттэри аһатарга күннээҕи үтэнэн, аһылыгынан күүс-көмө буолбуттара. “Норуот күүһэ-көмүөл күүһэ” диэн мээнэҕэ эппэттэр. Бары биир сомоҕо күүс буоламмыт, бу уустук ыарахан күннэри аастыбыт. Бары көмөлөспүт бар дьоммутугар муҥура суох махтанабыт, чэгиэн доруобуйаны, иллээх-эйэлээх олоҕу, үлэҕитигэр ситиһиини баҕарабыт!
Надежда Сивцева