Билсиҥ – саҥа баһылык

Түбэ нэһилиэгин олохтоохторо балаҕан ыйын 8, 9, 10 күннэригэр ыытыллыбыт биир кэлим быыбарга баһылыгынан бэйэлэрин уолларын, «Нам улууһа» МТ  «Служба единого заказчика» тэрилтэ салайааччытынан үлэлии сылдьыбыт Григорий Викторович Гуляевы биир санаанан таллылар. Испииһэккэ 269 быыбардааччы баарыттан 178 киһи быыбарга кытынна. Киниэхэ 65,17% куоластарын биэрдилэр.

Гуляев Григорий Викторович үөрэҕин, үлэтин кэмэ:

1988-92 сс. – Намнааҕы педучилище студена;

1992-93 сс. – Верхоянскай оройуон Табалаах орто оскуолатын черчениеҕа уонна үлэҕэ учуутала;

1993-2005 сс. – 1994 с. диэри күнүскү үөрэх, М.К. Аммосов аат. Дьокуускайдааҕы госуниверситет кэтэхтэн үөрэҕин студена;

1994-95 сс. – Дьокуускай к. «Якутагропромтранс» автокомбинат сантехник-слесара;

1996 с. – Дьокуускай к. 1 №-дээх ситэтэ суох орто оскуолатын уруһуйга, черчениеҕа учуутала;

1998-2002 сс. – Уус Майа оройуонун Петропавловскай орто оскуолатын уруһуйга, черчениеҕа, үлэҕэ учуутала, мастарыскыай сэбиэдиссэйэ;

2002-2004 сс. – Дьокуускай к. «Якутптицепром» ГУП капитальнай тутууга начальнига. 2003 с. диэри бу отдел техническэй надзорун инженерэ;

2005-2007 сс. – Дьокуускай к. СӨ тутууга, архитектура гос. управлениетын инспекционнай отделын кылаабынай специалиһа, 2007 с. диэри сүрүннүүр специалист;

2007-2008 сс. – Нам улууһун «Түбэ нэһилиэгэ» МТ баһылыга;

2007-2010 сс. – Дьокуускай к. Уһук Илиҥҥи государственнай сулууспа академиятын филиалын кэтэхтэн үөрэҕин студена;

2008-2011 сс. – «Нам улууһа» МТ баһылыгын тутууга уонна промышленноска солбуйааччыта;

2011 с. – «Уус Майа оройуона» МТ баһылыгын бастакы солбуйааччыта;

2011-2013 сс. – «Нам улууһа» МТ «Служба единого заказчика» МКУ  директора;

2013-2016 сс. – Дьокуускай к. СӨ «Якутлесресурс» ГАУ генеральнай директорын производствоҕа уонна тутууга солбуйааччыта;

2016-балаҕан ыйа 2023 сс. — «Нам улууһа» МТ «Служба единого заказчика» МКУ  директора.

Кэргэннээх, үс оҕолоох.

Касьян Олесов-Олук

Читайте дальше