Буойун учуутал сэдэх хаартыската

Сэрии кэмигэр Хамаҕатта нэһилиэгэр Уус Алдан Найахытыттан кэлбит Румянцев Егор Романович (1906 — 1956 сс.) учууталынан үлэлии сылдьыбыта биллэр. 1942 сыллаахха Хамаҕатта начальнай оскуолатыгар үлэлии олорон, «Ленин» холкуостан атырдьах ыйын 12 күнүгэр ыҥырыллыбыт, 284-с стрелковай дивизияҕа сулууспалаабыт. 1945 сыллаахха эргиллэн Мүрү интернатыгар, Суотту детдомугар сэбиэдиссэйинэн үлэлээбит.

Кини үөрэппит оҕолорун кытта түспүт сэдэх хаартыскатын үөрэнээччитэ Апра Васильевна Харитонова харайа сылдьыбытын билигин кини оҕолоро кэпсииллэр.

Буойун учуутал Егор Румянцев «Хорсунун иһин», «Бойобуой үтүөлэрин иһин», «Сталинград оборонатын иһин», «Берлини ылыы иһин», «Германияны кыайыы иһин» мэтээллэрдээх диэн история кэпсиир.

Мария Винокурова

Читайте дальше