Балаҕан ыйын 27 күнэ – Саха Өрөспүүбүлүкэтин Государственноһын күнэ. Бу күн Нам улууһун киинигэр Саха сирин биллиилээх государственнай уонна политическай деятелэ, Саха АССР төрүттээччи, биир дойдулаахпыт, чулуу киһибит Максим Кирович Аммосов пааматынньыгар сибэкки уурдулар.
Бу бэлиэ күн – бүттүүн норуот сомоҕолоһуутун, түмсүүтүн туоһута буолар. Сахабыт сиригэр бастакы государственнай тутулу – Саха автономнай өрөспүүбүлүкэтин олохтообут дьоммутун – Максим Аммосовы, Платон Ойуунускайы, Исидор Бараховы, Степан Васильевы, Степан Аржакову уонна кинилэри кытта кэккэлэһэ үлэлэспит, Саха сирин саргытын туһугар көлөһүннэрин-хааннарын тохпут, олохторун толук уурбут дьоммутун ахтан-санаан ааһар ытык иэспит.
«Ааспыт кэмҥэ олорон, үлэлээн ааспыт улуу дьоммут үтүө дьыалаларын өйдүүр уонна бэлиэтиир күммүт буолар. Инники былааннаабыппытын, көрүүлэрбитин дириҥник толкуйдуохтаахпыт», диэн «Нам улууһа» МТ баһылыгын солбуйааччы э.т. Олег Николаев ыччакка туһаайан эттэ.
«Государственнай уонна политическай деятеллэрбит М.К. Аммосов, П.А. Ойуунускай, С.М. Аржаков уонна кинилэр соратниктара Саха сирин норуотун олоҕо тупсуутун туруорсан олоххо киллэрбиттэрин салгыы сайыннаран иһэр сыаллаахпыт. Ыччат бу бэлиэ күнү чугастык ылынан, өйдөөн инникитин Сахабыт сирэ, Наммыт улууһа сайдарыгар кылааккытын киллэрэр курдук сыал-сорук туруорунуохтааххыт», — диэн «Ленскэй нэһилиэк» МТ баһылыга Петр Сокольников ыччаты көҕүлүүр санаатын эттэ.
Саха Сэбиэскэй Социалистыы Өрөспүүбүлүкэтин Государственнай Суверенитетын Декларацията – Саха бастакы президенэ Михаил Николаев көҕүлээһининэн 1990 сыл балаҕан ыйын 27 күнүгэр Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтэ Саха Сирэ туспа государство буоларын туһунан таһаарбыт биллэриитэ.
«Бүгүн биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр улахан суолталаах күн. Оҕолору, ыччаты кытары үлэлээччилэр өрөспүүбүлүкэбит историятын билиһиннэрэр, тириэрдэр эбээһинэстээх буолабыт. Бастакы президеммит Михаил Ефимович Николаев «Бэйэҕитин сэнэнимэҥ, мин Сахабын, мин кыахтаахпын, мин тулуурдаахпын…» диэн этэн турар. Бу тыллары ыччат суолдьут оҥостоҥҥут инники диэки дабайан иһиҥ», — диэн «Бастакылар хамсааһыннара» олохтоох отделениетын председателэ Анна Ядрихинская ыллыктаах тыл эттэ.
Дьоһун докумуон Саха сирин Россия Федерациятын састаабыгар судаарыстыба быһыытынан биллэрбитэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин саҥа Конституциятын (Төрүт Сокуонун) оҥорууга, өрөспүүбүлүкэ президенин дуоһунаһын олохтуурга, Саха Өрөспүүбүлүкэтэ диэн ааттанарга төрүөт буолбута. Онон Саха сирин норуота бастакы президеммит Михаил Ефимович Николаев аатын, үтүөтүн, сыралаах үлэтин сыаналыыбыт.
Семен Аргунов, Айсен Федоров