«Быйаҥ» ХЭТ Колхознай уулуссаны оҥорор

Нам сэлиэнньэтин суолларыгар көннөрүү, өрөмүөннээһин үлэтэ күүтэрин, былааҥҥа турарын Ленскэй нэһилиэк баһылыга Петр Сокольников бигэргэтэр.

Санатан эттэххэ, Колхознай уулуссаҕа өрөмүөн үлэтэ ППМИ программанан ыытыллар. Олохтоох дьаһалта маннык программаҕа Нам сэлиэнньэтин түөлбэлэрэ көхтөөхтүк кытталларыгар ыҥырар.

Колхознай уулусса өрөмүөнэ толору бүттэҕинэ, суолу оҥорооччулар «Көччү» суолун көннөрүөхтэрэ. Алдьаныылаах сирдэргэ итинник быһыылаахтык, аллараа өттүгэр хаптаһыннары тэлгэтэн, буор кутан оҥороллоро былааннанарын «Быйаҥ» ХЭТ салайааччыта Руслан Окороков этэр.

«Билигин Колхознай уулуссаҕа икки үлэһит, 3 урал, КамАЗ, бульдозер, погрузчик техникалар үлэлии сылдьаллар», — диир Руслан Егорович.

Харысхан Попов

Читайте дальше