Саамай кырдьыксыт хаһыат «Эҥсиэли» диэхпин баҕарабын. Оройуоммут нэһилиэктэригэр ким тугунан дьарыктанарын, тутуу барарын, оҕуруот үүннэрэрин, сүөһү ииттэрин, үөрэххэ, спорка ситиһиилэрин, ким туох кыһалҕалааҕын кимтэн да сураспакка билэ олоробут. «Эҥсиэлини» бука бары суруйтарарбыт буоллар, элбэх киһи муударай этиилэрэ киирэн, саҥаттан саҥа санааны өйдөөн сайдарбыт кэҥиэх этэ. Айар түмсүү «Отуу уота», «Туллук хаара» хаһыатынан дьоҥҥо биллэн, дьүүллэтэн сайдар.
Хаһыат олох эрдэтээҥи тахсыыларын билбэппин. 1960 сылтан Сячиков диэн редакторга оччоттон хоһоону, чабырҕаҕы таһаартарар этим. Өрөспүүбүлүкэ суруйааччыларын мунньаҕар куруук ыытара. Онон, хата, урукку суруйааччылары барытын көрбүтүм, сорохторун кытта билсибитим. С.П. Данилов училищеҕа учууталым этэ. Сячиков «поэт оҥорторобун дуо?» диэбитин аккаастаммытым.
Кэлиҥҥи редактордары сорохторун өйдүүбүн. И. Егоров, М.М. Слепцов, А.И. Ксенофонтов, Н.М. Рыкунов кэлиэҕиттэн ырыа, хоһоон хойуутук тахсыбыта. Кэлин хаһыат лииһэ элбээтэ. Нэһилиэктэргэ үлэ-хамнас хаамыыта, культурнай олох, өрөспүүбүлүкэ, сойуус сонуннара, сонун ыалдьыттар кэлэн барыылара бэчээттэнэллэр. Араадьыйаны куруук манаан олорбоккун, иллэҥ буоллуҥ да хаһыаты дьиэҕэр аахпытынан бараҕын, билэр дьоҥҥун хаартыскаҕа көрөн соһуйаҕын. Хаһыат тахсыыта – корреспонденнар дьулуурдаах үлэлэрэ.
Ордук урут суотабай суоҕар, массыына аҕыйаҕар ыраах нэһилиэктэргэ тиийиэххэ наада. Үлэ баарына былаан туолан иһиитэ хайаан да бириэмэтигэр сырдатыллан иһиэхтээх. Социалистическай куоталаһыы хаамыыта, түмүгэ. Корреспонденнар оперативнай үлэлээх дьон, нууччалаһан кэбистэххэ.
Редактордары барыларын хайгыыбын. Сурук отдела ыарахан үлэлээх отдел быһыылаах. Араас буочардары кылар буолуохтарыгар диэри ырыыппалыыллар. Холобур, мин ыксаатахпына бэйэм да буочарбын сатаан аахпаппын. Мин сааһым ырааттаҕа дии. 1937 сылтан өйдүүбүн, ол кэмнэр билигин умнуллуох курдук буолбуттарын тупсарбакка, хомуруйбакка хайдах буолан ааспытынан «Эҥсиэли» хаһыакка суруйан саҕалаатым. Хаһан эрэ кинигэ буолуутугар кэҥэтиллэн, хаартыскаланан тахсыа дии саныыбын.
Олоҕу эдэр дьон, үүнэр көлүөнэ тупсарар. Эдэрдэр кытаатан хаһыакка суруйтарыҥ. Олоҕу хайдах баарынан суруйуҥ. Киһи олоҕо кылгас. Эһиги көтөҕө сылдьар оҕоҕут улаата охсон, эһигинэн киэн тутталларын ситиһиэҕиҥ.
И.А. БУБЯКИН – Чөҥөчөк