Тохсунньу 12 күнүгэр «Өймөкөөн – Тымныы полюһа 2024» V үбүлүөйдээх кыһыҥҥы экстремальнай марафон, кырдьык да, киһи уйанын-хатанын тургутар тымныытыгар ыытыллыбытынан уратыланна.
Тэрийээччилэр бэлиэтииллэринэн халлаан сарсыарда 6 чааска Өймөкөөҥҥө -55 буолбут буоллаҕына, сүүрэр кэмҥэ халлаан дьыбара көтөҕүллэн, арыый да «сылыйыыта» спортсменнар бастаан 10:00 ч. 42,2 км. уһуннаах марафоҥҥа, онтон чаас аҥарынан быысаһан — 21 км.100 м. (полумарафоҥҥа) Өймөкөөн – Томтор маршрутунан барыта 38 спортсмен стартаата. Манна өрөспүүбүлүкэбит улуустарыттан, Дьокуускай куораттан араас таһымнаах күрэхтэһиилэргэ кыайыылары ситиспит, ааттаах-суоллаах сүүрүктэр уонна Москва куораттан, Смоленскай, Курскай, Владимирскай, Кемеровскай, Новосибирскай уобаластарыттан кэлбит күүстээх спортсменнар бааллар.
Кыһыҥҥы бытархан тымныыга сүүрүү дистанциятын устатын тухары марафонецтары итии аһылыгынан хааччыйыы уонна иттэн ааһар хас да пууннара, ону сэргэ медиктэр дьуһуурустубалыыр медпууннара үлэлээтилэр, фиништиир сиргэ эмиэ. Оттон катастрофа медицинатын киинин массыыната марафонецтары сүүрүүлэрин былаһын тухары арыаллаата…
«Өймөкөөн – Тымныы полюһа 2024» V үбүлүөйдээх кыһыҥҥы экстремальнай марафонун түмүк боротокуолларынан көрдөрүү.
Дьахталларга 21 км. 100 м.:
-18-39 с. бөлөххө: 1 м. – Капитолина Харайданова (2.10,48), 2 м – Алиса Матвеева (2.28,25);
-40-49 с. бөлөххө: 1 м. – Яна Егорова (2.03,34);
-50-59 с. бөлөххө: 1 м. – Лидия Николаева (3.02,38);
-60-69 с. бөлөххө: 1 м. – Валентина Доргуева (3.11,41), 2 м. – Александра Ноева (3.30,26), 3 м. – Ирина Софронова (3.53,51);
-70-тан үөһэ с. бөлөххө: 1 м. – Мария Неустроева (3.16,06), 2 м. – Ирина Дегтярева (3.49,53), 3 м. – Анастасия Колесова (3.56,09).
Дьахталларга 42 км. 200 м.:
-18-39 с. бөлөххө: 1 м. – Изабелла Борисова (3.37,50);
-40-49 с. бөлөххө: 1 м. – Марина Седалищева (4.44,25).
Эр дьоҥҥо 21 км. 100м.:
-18-39 с. бөлөххө: 1 м. – Леонид Зыков (1.34,09), 2 м. – Василий Филиппов (1.39,05), 3 м. – Евгений Крошилов (3.14,23);
-40-49 с. бөлөххө: 1 м. – Эдуард Божедонов (1.49,11), 2 м. – Валерий Куприянов (2.14,34), 3 м. – Рустам Ахмедшин (3.13,52);
-50-59 с. бөлөххө: 1 м. – Иннокентий Федоров (1.59,14), 2 м. – Василий Аввакумов (2.07,23), 3 м. – Михаил Слепцов (2.30,44);
-60-69 с. бөлөххө: 1 м. – Иван Пермяков (1.56,30), 2 м. – Алексей Березкин (1.59,56), 3 м. – Хотойук Далчан Саҥарар Уола (3.51,09).
Эр дьоҥҥо 42 км. 200 м.:
-18-39 с. бөлөххө: 1 м. – Константин Драгунов (3.02,28), 2 м. – Никита Тарутин (4.35,58), 3 м. – Александр Барков (4.54,12);
-40-49 с. бөлөххө: 1 м. – Руслан Шакин (5.28,59);
-50-59 с. бөлөххө: 1 м. – Михаил Апросимов (3.36,10), 2 м. – Альберт Сивцев (3.57,01), 3 м. – Вадим Коркачев (4.53,32);
-60-69 с. бөлөххө: 1 м. – Афанасий Васильев (4.10,53);
-70-тан үөһэ саастаахтар бөлөхтөрүгэр бэтэрээн сүүрүктэр Василий Горбунов, Ион Васильев экстремальнай марафон дистанциятын түмүктээбэтилэр. Кинилэр бытархан тымныыга сүүрүүгэ кыттыылара да, хорсун санааланыы холобурунан буолар.
«Өймөкөөн – Тымныы полюһа 2024» V үбүлүөйдээх кыһыҥҥы экстремальнай марафоҥҥа Нам улууһун «Стайер» кулууп уһун тыыннаах сүүрүктэрэ чаҕылхай ситиһиилэнэн, салайааччы Иннокентий Федоров, Афанасий Васильев, Яна Егорова пъедестал үрдүк үктэлигэр тахсан, чиэстэннилэр, бочуоттаннылар!
Оттон бэтэрээн сүүрүкпүт Ион Ионович Васильев экстремальнай марафон генеральнай спонсора, партнера, спорт экстремальнай көрүҥнэрин тэриллэрин, таҥаһын-сабын оҥорорунан биллэр «BASK» тэрилтэ фирменнай сылаас кууркатынан – анал бирииһинэн наҕараадаланна. Кини марафону тэрийээччилэр ыыппыт өрөспүүбүлүкэ барыта кыттыбыт куоластааһыныгар муҥутуур элбэх 956 куолаһы хомуйан кыайыылаах таҕыста. Спорт 10-тан тахса көрүҥэр: сүүрүүгэ, саахымакка, дуобакка, волейболга, көҥүл тустууга, хапсаҕайга, остуол тенниһигэр, сахалыы остуол оонньуутугар, от охсуутугар о.д.а. көрүҥнэргэ чаҕылхай ситиһиилээх спортсмен буолар. Дьон-сэргэ кинини билэр, убаастыыр, киэн туттар дэгиттэр спортсмена буоларын көрдөрдө.
«Стайердары» ситиһиилэринэн истиҥник эҕэрдэлиибит, өссө да чаҕылхай көрдөрүүлэри, өрө дабайыылары, чэгиэн туругу, дьолу баҕарабыт!
Касьян Олесов-Олук
(Хаартыскалары Иннокентий Федоров тиксэриитэ, ЯСИА түһэриитэ)