Чугастааҕы нэһилиэктэргэ автобус сырыыта алтынньыттан былааннанар

Нам сэлиэнньэтин иһигэр автобустар сүүрэн саҕалаатылар. Сэлиэнньэ иһигэр автобус сырыыта оскуола үөрэнээччилэригэр ананан олохтоммута.

Нам иһигэр дьону таһар автобустар, билиҥҥи туругунан,  Даадартан уонна хоту эҥээртэн номнуо туолан кэлэллэрэ этиллэр. Нам олохтоохторун истиилэригэр, 4 сылтан бэттэх сыанатын үрдэппэккэ турар автобус сырыыта урукку маршруту тутуһан сүүрэр. Ол курдук, улахан дьоҥҥо төлөбүр 35 солк., оскуола үөрэнээччитигэр 30 солк. Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын оҕолоро дастабырыанньа көрдөрөн босхо айанныыллар.

Чугастааҕы  нэһилиэктэр икки ардыларыгар балаҕан ыйын 2 күнүттэн  автобустар сүүрэн саҕалаатылар диэн иһитиннэриигэ олоҕуран, “Эрэннэрбит автобустаргыт ханналарый?” диэн күнтэн-күн ыйытыы элбиир. Улуус таһымыгар көрүллэр тыын боппуруос, хомойуох иһин, билиҥҥитэ олоххо киирэ илигин аһаҕастык иһитиннэрэбит. Тус санаам бу этиигэ тохтуур “ыстаабыккын эрэнимэ, ыйыстыбыккын эрэн”.

“Саҥа автобустар дьону таһалларыгар ирдэнэр докумуоннары ситэри туолууларынан уонна ирдэбилинэн, тохтобуллар суол кэтитигэр толору эппиэттээһиннэригэр суол картата (дорожная карта) оҥоһуллан бигэргэтиигэ ыытылынна.

Нэһилиэнньэ өйдүөн наада, дьону тиэйиигэ ирдэбил күүһүрэ турарынан, ирдэбилгэ эппиэттэһэр докумуон оҥоһуута уһун бириэмэни эрэйдэ. Нэһилиэктэр икки ардыларыгар сүүрүөхтээх автобустар олоххо түргэнник киирэригэр улуус салалтатын кытта тэҥҥэ күүстээх үлэ ыытылла турар”, – диэн быһаарар Ленскэй нэһилиэк баһылыга Петр Сокольников.

Автобустары ыытар суоппардар көһүннэхтэринэ, дьону тиэйиигэ ирдэнэри барытын кэмигэр толорон барыта санаа хоту буоллаҕына,  кэлэр ыйтан дьэ, Хамаҕатта, Хатыҥ Арыы, Граф Биэрэгэ, Нам хайысхаларынан автобус сырыыта үлэлиэхтээҕин Ленскэй нэһилиэк олохтоох дьаһалтатын иһинэн үлэлиир МАУ АРТ салайааччыта Виктор Яковлев иһитиннэрэр.

Харысхан Попов

Читайте дальше