Дьиэ кэргэни сомоҕолуур “Кыталык Куо-2024” куонкурус

Нам улууһугар Аан дойду дьахталларын күнэ кэлбитинэн, оскуола иннинээҕи саастаах оҕолорго “Кыталык Куо-2024” куонкурус буолбут. Нам улууһугар кыра саастаах оҕолорго, сырдыкка сирдиир тэрээһини Татьяна Мальцева тэрийбитэ үрдүктүк тутуллар.

Хамаҕаттаҕа “Түһүлгэ” норуот айымньытын киинигэр кулун тутар 6 күнүгэр Партизантан “Кустук”, Түбэттэн “Түбэчээнэ”, Хамаҕаттаттан “Тускул”, Аппааныттан “Хатыҥчаана”, Хатырыктан “Кэрэчээнэ”, 1 Хомустаахтан “Улыбка”, Намтан “Сулусчаан” уонна “Кыталык” уһуйаан иитиллээччилэрэ мустубуттарын логопед Сардаана Мохначевская этэр.

“Мааны кырачаан кыргыттарбыт дьиэ кэргэттэрэ кыттыылаах “Саха талыы-мааны кыыһа” бэйэни билиһиннэрбиттэрэ; спорка сыһыаннаах “Чэгиэн-чэбдик буоларга оҕо эрдэхтэн дьулуһуохха” талааннарын көрдөбүттэрэ; “Мин дойдум – киэн туттуум” дьиэтээҕи сорудах түһүмэҕэр кинигэ оҥорбуттара уонна “Кындыа кыталык кыргыттар” авангард муода көрдөрбүттэрэ”, – диэн билиһиннэрэр “Кыталык” уһуйаан үлэһитэ Сардаана Гавриловна.

Хас биирдии түһүмэх бэйэтинэн уратылаах буолбутун дьүүллүүр сүбэ чилиэнэ, “”Түһүлгэ” НАК үлэһитэ Оксана Кудрина этэр. Холобура, “Мин дойдум – киэн туттуум” түһүмэххэ таһыччы күүстээхтик оҥоһуллубут үлэ баара бэлиэтэммит, кэрэхсэбили ылбыт. Манна улуус бары нэһилиэктэрин киэн туттар сирдэрэ барыта ойууламмыта этиллэр.

“Улууска хаһыс да төгүлүн ыытыллар “Кыталык Куо-2024” куонкурус таһыма улаатара көстөр. Россияҕа Дьиэ кэргэн сыла буоларынан, бастакы түһүмэххэ кырачаан кыттааччыларбытыгар бииргэ төрөөбүттэрэ, эбээ, эһээ, ийэ, аҕа иллээх дьиэ кэргэн бука бары түмсүбүтүн көрөр олус үчүгэйэ. Оҕолоругар кыһаллар, ыалдьар көхтөөх аҕалар баалларын биһирии көрбүппүт. Холобура, биир кыттааччыбыт чугас дьоно муус оҥоһугунан дьарыктанарын көрдөрбүттэрэ. Куонкурус таһыма улааппыта аҥардас мантан көстөр”, – диир Оксана Михайловна.

Үрдүкү анал ааттар. Нам улууһугар быйылгы “Кыталык-Куо” үрдүк аатынан ааттаммыт – “Кыталык” уһуйаантан Пестрякова Эмилия. “Кэрэчээнэ Куо” анал аат “Сулусчаан” уһуйаан иитиллээччитигэр Аргунова Амелия иҥэриллибит. “Туйаарыма Куо” нарын аатынан “Кэрэчээнэ” уһуйаан кыысчаана Васильева Ева наҕараадаламмыт.

Анал ааттар:

Бастыҥ бэйэни билиһиннэриилээх “Кэскилээнэ Куо” – Николаева Асель (“Хатыҥчаана”);

Саамай талааннаах “Талаана Куо” – Нератова Аделина (“Тускул”);

Бастыҥ оҥоһуктаах “Туйгууна Куо” – Захарова Тайаана (“Улыбка”);

Бастыҥ авангард “Мичийээнэ Куо” – Садовникова Кэрэли (“Кустук”);

Бастыҥ сахалыы таҥастаах “Сандаара Куо” – Сайдамова Саина (“Түбэчээнэ”);

Бырайыак ааптарыттан бириис хаһаайката – Захарова Тайаана (“Улыбка”).

Харысхан Попов

Читайте дальше