Хомус уонна Олоҥхо декадатын чэрчитинэн, СӨ Культуратын үтүөлээх үлэһитэ, ССРС Культуратын туйгуна, Норуот ырыаһыта, импровизатор хомусчут, алгысчыт, олоҥхоһут Нам улууһун, Таастаах, Бартыһаан нэһилиэктэрин Ытык киһитэ Дмитрий Иванович Кривошапкин аатын үйэтитэр улуустааҕы «Туой, ыллаа хомуһум» үрүҥ көмүс бэлиэни көрсүү тэрээһинэ буолла.
Төрөөбүт-үөскээбит Таастааҕа Дмитрий Иванович үбүлүөйдээх сааһын көрсөр улуустааҕы тэрээһиҥҥэ «старт» биэрдэ.
Нам улууһун Культураҕа уонна духуобунай сайдыыга управлениетын салайааччыта С.П. Ядрихинскай бу тэрээһин саха фольклорун сайдыытыгар Дмитрий Иванович аатын үйэтитэр суолталаах буоларын бэлиэтээтэ.
«Дьүрүл» народнай ансамбль мустубут дьону кытары «Туой, ыллаа хомуһум» ырыатыгар күргүөмүнэн хомус тартылар.
М.В. Петрова аатынан оскуолаҕа сыл түмүгүнэн фольклор толоруутугар уһулуччу көрдөрүүлээх оҕоҕо Д. И. Кривошапкин стипендиятын туттаран, оҕо сайдарыгар болҕомтотун уурбута, улууска фольклор сайдыытыгар сүҥкэн кылааттааҕын санаан ахтан аастылар.
Т.М. Аргунова