Дорообо, сандал саас!

Тымныы кыһын үүрүллэн

Дьыбар кыыдаан кыйданна,

Күндүл сааспыт эргиллэн

Күммүт күлүм уоттанна.

Бу ырыа тылларын оччотооҕу биһиги көлүөнэ оҕолоро бары өйдүүр буолуохтаахпыт. Үгэскэ кубулуйбут норуот күүлэйэ – кыһыны атаарыы, сааһы көрсүү улаханныын-кыралыын сай салгыҥҥа тахсан дуоһуйа сынньанар биир үтүө бырааһынньыкпыт буоллаҕа. Ааспыт субуотаҕа, муус устар 20 күнүгэр, 2 Хомустаахха дойдубутугар Дьиэ кэргэн, СӨ Оҕо сылларыгар анаан «Кыһыны атаарыы» бэртээхэй тэрээһин буолан ааста. Анаабыт курдук сүргэни көтөҕөр сааскы чаҕыл күн сандаара тыган көрү-нары көҕүлээтэ, дьону-сэргэни сэргэхситтэ. Ордук оҕо аймах көрүлээтэ, күннээтэ.

Биэс түһүмэхтээх: мас эрбээһинэ, хайытыыта, сыал ытыыта, тоһоҕону саайыы, сылабаар өрүүтэ күрэх ыытылынна. Манна буоларын курдук түмсүүлээх, хас күрэх аайы өрүү бастакы миэстэҕэ тахсар Екатерина Слепцова салайар «Чагда» түөлбэтэ бастаата. Түөлбэ саамай актыыбынай элбэх оҕолоох ыалын аҕата, хоһуун үлэһит Алексей Петухов сыыдам туттуулааҕа, барытыгар дэгиттэрэ көһүннэ. Онтон Анастасия Богатенкова салайар «Сайдам» түөлбэтэ буолла.

Оҕо аймахха ырыаҕа, хаарынан киһини оҥорууга күрэх тэрилиннэ. Ырыаҕа – Миша Охлопков, хаар оҥоһукка – Мирослава Протопопова, Сайнаара Данилова, Юлиана Никитина кыайыы өрөгөйүн биллилэр. Маны тэҥэ, массыынаны киэргэтиигэ Марк Олегович, Варвара Петровна Потаповтар дьиэ кэргэттэрэ бастаатылар. Кыайыылаахтарга барыларыгар боччум бириистэри, грамоталары туттардылар. Киэһээҥи өттүгэр үҥкүү-битии тэрилиннэ. Умнуллубат үтүө тэрээһин, сырдыгы-кэрэни, инникигэ саҥа саҕахтары арыйар, түмэр, сомоҕолуур күүһэ эрчимирдин.

Лидия ПЕСТРЯКОВА,

2 Хомустаах

Читайте дальше