Хамаҕатта нэһилиэгин доруобуйаларынан хааччахтаах дьоно «Дьулуур» диэн ааттаах түмсүүлээхтэр. Кинилэри общественнай олоххо, араас тэрээһиннэргэ, күрэхтэргэ көҕүлээччинэн Матрена Сивцева буолар.
Матрена Иннокентьевна Аан дойдутааҕы дьахталлар күннэрин көрсө республикатааҕы «Вера в себя — вдохновение других» истэллэринэн мөлтөхтөр ытыыга чемпионаттарыгар улуус хамаандатыгар киирэн кыттан таҕыста. Кини бэстилиэтинэн ытыы көрүҥэр сүрэхтэммитин, Хамаҕатта нэһилиэгиттэн Игорь Строев саанан ытыыга бастаан чемпион аатын ылбытын үөрэ кэпсиир. Матрена Сивцева бэйэтинэн холобур буолан спорт араас көрүҥнэригэр: сахаболга, дартска, корнхолга өрүү кыттар, оҕунан ытыыга да холонор.
Аһаҕас, сырдык санаалаах Матрена Сивцева Хамаҕаттаҕа аҕам саастаахтар «Айыы хотун», улуустааҕы инбэлииттэр «Вдохновение» үҥкүү бөлөхтөрүн биир бастыҥ үҥкүүһүтэ.
Бүгүн Аан дойду дьахталларын күнүнэн «Эбээ диэн — муударас» үөрүү кыымынан саҕар эбээлэри түмэр бырааһынньыктааҕы түһүлгэҕэ актыбыыс эбээлэрдиин кыттаары түбүгүрэ сылдьар.
Нэһилиэккэ Доруобуйа сылынан олоххо тардыһыылаах «Дьулуурдарга» туһааннаах өйөбүл, болҕомто баар буоларыгар баҕарар дьаныардаах, кыһамньылаах салайааччы Матрена Сивцева.
Мария Винокурова