Тохсунньу томороон тымныыта түһэн турар. Бу тыйыс кэмҥэ Нам улууһун «Намкоммунтеплоэнерго» АО үлэһиттэрэ тоҥуу-хатыы тахсыбатын туһугар туруулаһан үлэлииллэр.
— Нам селотун эбийиэктэригэр, уопсай дьиэлэргэ сылааһы тиэрдэбит. Бу тымныы кэмҥэ температурнай режими күүскэ тутуһабыт. Тохтоло уонна саахала суох итии барарын хааччыйабыт, — диир Нам с. 3 №-дээх кыбартаалынай хочуолунай газооператора Иван Шапошников.
Хаһыатчыттары НКТЭ кыл. инженерэ Евтропий Тихонов арыаллыыр буолан иһирдьэ киирэн, газооператор үлэтин билистибит. Кини туора киһи хочуолунайга кыайан киирбэтин, инструкциятын толору тутуһарын көрдөрдө. ЖКХ эйгэтигэр 19 сыл үлэлээбит, онтон бу эбийиэккэ -15 сыл. Үлэтигэр уопутурбут, 2013 с. «Лучший по профессии» көрүү кыайыылааҕынан тахсан, харчынан бириэмийэлэнэ сылдьыбыт. Билигин эппиэтинэстээх үлэһит кэмиттэн-кэмигэр сибидиэнньэлэри АДС диспиэччэригэр биэрэр.
— Диспиэччэр сулууспата НКТЭ биир тутаах подразделениета буолар. Биһиэхэ бары нэһилиэктэртэн чоҕунан оттуллар, гааһынан үлэлиир хочуолунайдартан информация киирэр, нэһилиэнньэттэн эмиэ. Кэтэх дьиэлээх дьон эмиэ көмө көрдөөн эрийээччилэр. Социальнай объектар — детсадтар, оскуолалар, балыыһалар, уопсай, чааһынай дьиэлэр эмиэ биһиги көрүүбүтүгэр киирэллэр. Кинилэр итиинэн, уунан хааччыллыылара барыта биһигинэн ааһар, — диир АДС диспиэччэрэ Елена Москвитина. Кини 20-тэн тахса сыл олох-дьаһах коммунальнай хаһаайыстыбатын эйгэтигэр үлэлээбит, СӨ ОдьКХ үтүөлээх үлэһитэ, үлэ бэтэрээнэ.
Евтропий Тихонов, НКТЭ ген. дириэктэрин I солбуйааччы, кылаабынай инженер:
— Ититии ситимэ 84 км. усталаах, ол иһигэр 10 км. Уус Алдан улууһун Найахы нэһилиэгин «Балыктаах» котельнайа киирсэр. Барыта 52 хочуолунай баар. Онтон илин эҥэр сытар нэһилиэктэргэ 8 чоҕунан оттуллар, уоннааҕы 44 гаас уматыгынан үлэлиир, онтон ититиллэр социальнай эбийиэктэри, уопсай, чааһынай дьиэлэри барытын көрөбүт-истэбит.
АДС-ка 4 мобильнай биригээдэ баар, 12-лии чаас буола-буола солбуйсаллар. Сотору-сотору ититии ситимин кэрийэн, көрөн-истэн кэлэллэр. Төгүрүк сууккаҕа абаарыйа тахсар түгэнигэр туоратарга бэлэм олороллор.
Аны диспиэччэр сулууспатыгар котельнайдары кытта онлайн автоматическай эрэсиимҥэ үлэлиир ситим таҥыллан үлэлиир, диспиэччэрдэр ону көрөн олороллор, ол иһин барытын сүрүннүүллэр, абаарыйа эҥин тахсар түгэнигэр биригээдэ барарын-кэлэрин быһаараллар.
Бу улахан тымныыга улахан сигналлар суохтар, көннөрү үлэ түгэннэрин бэрээдэгинэн көстөн ааһар, ону утары туоратабыт. Урут ГУП кэмигэр котельнайдарбыт эҥин мөлтөх туруктаахтара, араас быһылааннар тахсыталыыр этилэр. Билигин котельнайдарбытын барытын уларыта тутаммыт, саҥардан усулуобуйа лаппа тупсан турар.
Ити курдук НКТЭ үлэһиттэрэ дьыбардаах тымныыга кыраҕытык кэтээн үлэлииллэр.
Касьян Олесов-Олук