Е.С. Сивцев-Таллан Бүрэ – гражданин, учуутал, суруйааччы

Саҥа үүммүт 2024 сыл тохсунньу 25 күнүгэр биир дойдулаахпыт, саха талааннаах суруйааччыта, гражданскай сэрии кыттыылааҕа, учуутал,  ССРС суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ (1944 с.), «Бочуот знага» уордьан кавалера, хас да мэтээл хаһаайына, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Ефрем Степанович Сивцев-Таллан Бүрэ төрөөбүтэ 115 сылын туолар.

Ону көрсө Нам улууһун Е.С. Сивцев-Таллан Бүрэ аатынан Бөтүҥ орто оскуолатын саха тылын, литературатын учуутала, Таллан Бүрэ үөрэнээччитэ, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, РФ уопсай үөрэхтээһинин уонна наукатын бочуоттаах үлэһитэ, «Учууталлар учууталлара», «XXI үйэ учуутала», «Методист учуутал» бэлиэлэрдээх, Бөтүҥ нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо  Матрена Михайловна Осипова учууталын туһунан 2018 с. оҥорбут дакылаатыттан кылгатан билиһиннэрэбит.

Е.С. Сивцев-Таллан Бүрэ – гражданин, учуутал, суруйааччы”

Саха биир талааннаах суруйааччыта Е.С.Сивцев–Таллан Бүрэ туһунан Бөтүҥ оскуолатыгар Ефрем Степановиһы кытта  бииргэ үлэлии сылдьыбыт учуутал, тыыл ветерана Прасковья Ивановна Винокурова «Таллан андаҕара» хоһоонунан иһитиннэриибин саҕалыахпын баҕарабын:

Буурҕа буулдьа дьылыгар

Санаа баала дьалкыҥныыр,

Өстөөхтөрү сойуолаһар

Өчөс санаа кииртэлиир.

    Эдэр Таллан шлемэр

    Кыһыл сулус умайар,

    Гвардеец сүрэҕэр

    Аттаах сэрии ньиргийэр.

Кыайыы үрдүк өрөгөйүн

Биллэ саллаат сүрэҕэ,

Онно кини Уолана

Төрөөбүтэ үһү дииллэр.

    Күннэр-дьыллар ааһаллар

    Хотойуктуу субуллан,

    Айгыраабыт олох-дьаһах

    Хорсун дьону ыҥырар.

Көмүскээбит олоҕун

Үлэтигэр умса түстэ,

Оскуолаҕа учуутал,

Сатабыллаах дириэктэр.

    Айылҕа алдьанан эрэрин

    Кистээбэккэ кэпсиирэ,

    Өлүөнэ ынчыктыырын истэн

    Мунчаарарын этэрэ.

Сүүрбэһис айдааннаах үйэҕэ

Эн эппит андаҕар тылларгын

Билиҥҥи сахабыт ыччата

Кэрэхсээн киэн тутта уруйдуур.

Бу хоһооҥҥо Таллан Бүрэ олоҕун кэрдиис кэмэ көстөн ааһар. Таллан Бүрэни үрдүктүк сыаналаабыт саха норуодунай поэта Сэмэн Данилов бу курдук суруйар:

«…Уопсайынан, Таллан Бүрэ поэзиятын лирическэй геройа туох-ханнык иннинэ-гражданин, дьиҥнээх советскай киһи, кырдьаҕас коммунист. Кини биографията — былыргы олох хараҥатын, батталын этинэн-хаанынан билбит, көҥүл, дьоллоох олох иһин бэриниилээхтик, дуулаҕатык охсуспут, гражданскай уонна Аҕа дойдуну көмүскүүр сэриилэр уоттарын, буурҕаларын ортотунан ааспыт, тулхадыйбат тыйыс санаалаах, патриот, интернационалист, дириҥ, киэҥ санаалаах саха киһитэ. Кини олоххо хаһан да чэпчэки суолу көрдөөбөт, олох ханнык да ыар эндирдэрин өрүү туруулаһан тулуйар…”.

Ефрем Степанович учуутал быһыытынан 52 сыл педстажтаах, онтон 32 сыл Бөтүҥ оскуолатыгар директорынан, саха тылын уонна литературатын учууталынан үлэлээбитэ. Кини биһигини 4-с кылаастан 8 кылааһы бүтэриэхпитигэр диэри үөрэппитэ (ол саҕана оскуола  аҕыс кылаастаах. 1965-1970 с.с.). Элбэх саҥата суох, нүһэр киһи, эмискэ өрө көрө түстэҕинэ “ах” барарбыт.

Бастаан барыбытыгар диктант суруйтарбытын өйдүүбүн. Диктаны мөлтөхтүк суруйар оҕолорго сүһүөхтэтэрэ. Ыарахан тыллары сатаан сүһүөхтээн ааҕар, суруйар оҕо хаһан да диктаҥҥа сыыспат диирэ. Ол иһин, мин учуутал буолан баран, кини методикатынан оҕолорго тиэкиһи биэрэн сүһүөхтэтэн уһултарар этим. Кырдьык, кэлин сыыһата суох суруйар буолаллар.

Саҥа теманы үөрэтэригэр олохтон холобурдуура. Уйбааныс Ааныһа, Ааныс Уйбааныһа. Бу Толя атаҕа, бу остуол атаҕа — диирин өйдүүбүн. Уолаттар кыргыттары хаадьылаатахтарына, ити оонньоһуу биир көрүҥэ диирэ. Уол кыыһы кычыкылатар, кыыс күлэн кычыгырыыр диэтэҕинэ, олох да күлбэппит диэн өһүргэнэрбит. Уолаттары биирдии строка хоһоонунан хотон кэбиһэрэ.

Литератураҕа олох кинигэттэн көрбөккө кэпсиирэ. Ону биһиги итиччэ элбэҕи хантан билэрий дии саныырбыт. Суруйааччылары аҕалан көрсүһүннэрэрэ. Хоһооннору нойосуус үөрэттэрэрэ. Биир уол илиискэ суруйан баран көхсүгэр ууран туран аахпытыгар “Оо, дьэ, бэркэ да үөрэппиккин, маладьыас, толкуйуҥ иһин “3” диэбитин өйдүүбүн. Сороҕор уолаттар бэтиэхэлиир да этилэр, ону тугу эрэ булан этэрэ. Күргүйдээн игин мөҕөрүн хаһан да истибэтэҕим. Биирдэ кини дьиэбэр кэлэн ийэбэр “буочара наһаа үчүгэй, биир да сыыһата суох суруйар, маладьыас” диэн хайҕаабыт үһү. Онтон ыла саха тылыгар, литературатыгар олус сөбүлээн үөрэммитим.

Оскуолаҕа бартыбыалын кыбынан эбэтэр кэннигэр тутан баран умса туттан хааман иһэр буолара. Ону кыргыттар “Ити Ефрем Степанович тугу эрэ көрдүүр быһыылаах” – диэн күлсэллэрэ. Арааһа, учууталбыт айар абылаҥҥа  да сылдьара буолуо”.

Биирдэ оҕолор “Уруокка Таллан Бүрэ” диэн ыҥырабыт дуо диэтилэр. Ону мин “Эс, өһүргэниэ”- диэччи буоллум. Кэлин бэйэтигэр кэпсээбиппэр, “мүчүк-мүчүк” гыммыта, ону эр ылан, “Тоҕо Таллан Бүрэ диэн ааттаммыккыный?”- диэтим. Киһим “көрдөххүнэ дьүһүнүм үчүгэй дуо?” – диэтэ. Ээ, дьүһүнэ бүрэ ол иһин улахан бүрэ киһибин диэн ааттаммыт эбит дии санаабытым. Таллан диэн улахан диэн суолтаҕа туттуллар эбит.

Оскуолаҕа үөрэнэ сырыттахпына, 7-8 кылааска буолуо, дьиэбитигэр кэллэҕинэ хоһооннорун аахтарара. Сиэбиттэн хараҥа өҥнөөх  илиистэр бүк тутуллубуттарын эбэтэр блокнот таһааран “маны аах” диирэ. Бастаан кылгас хоһооннору хап-сабар ааҕарым. Кэлин санаатахпына, поэмаларын аахтарар эбит. Ону мин туох ааттаах солуута суох уһун хоһоону суруйбутай дии саныырым. Биирдэ ааҕа туран, хараҕын симэн умса түһэн олордоҕуна, утуйда диэн ууран баран хоско киирэн истэхпинэ, “истэбин, аах, аах” диэбитигэр өлө сыспытым. Туох ааттаах, космос, былыт, сулус дии саныырым. Онтум “Сулустар” диэн поэмата эбит. Аахтаран истэн баран, көннөрөр эҥин буолуохтаах. Боростуой үөрэх тэтэрээтигэр хоһооннорун да уһултарааччы. Бэчээккэ тахсыбыт кинигэлэрин анабыл суруктаан бэлэхтиирэ. Кини киһи быһыытынан олус чиэһинэй, судургу, көнө майгылаах этэ. Дьоҥҥо көмөлөһө сатыыра. Элбэх доҕоттордооҕо. Бэйэтин төрөппүт оҕолорун уонна оскуола үөрэнээччилэрин эмиэ итинник быһыыга-майгыга  иитэрэ-үөрэтэрэ, үтүө майгыта улахан оруоллааҕа.

60-с сылларга үөрэппит оҕото норуот маастара, Россия художниктарын Союһун чилиэнэ, журналист, Нам улууһун Ытык киһитэ Анна Николаевна Зверева бу курдук ахтар: «Сэттис кылааска үөрэнэрбитигэр Ефрем Степанович уруогу таһынан поэзия куруһуогун үлэлэттэ. Онно уонча оҕо сырытта. Күһүн тематыгар сорудах биэрбитигэр мин «Сэбирдэхтэр» диэни суруйан илтим, «Сэбирдэх тэлээрэн чэпчэкитик сиргэ түһэрин таппыккын» — диэтэ. Оҕолорго барыларыгар биир тэҥ иһирэхтик сыһыаннаһара буолуо да, санаабар, миигин атыттартан чорботор курдуга, оннук буолуо дии санаатахпына, үөрэрим».

Оччолорго куораттан суруйааччылар киниэхэ куруук тахсалларын толло-салла көрөөччүбүт. Баал Хабырыыс, Эллэй, Р.Баҕатаайыскай, Ю. Шампшурин, М.Ефимов, В.Чиряев кэлин Софрон, Семен Даниловтар сылдьаллар эбит. Хайаан да оскуола оҕолоругар көрсүһүү тэрийэллэрэ. Балайда чуумпуран олорон истэрбит. Хоһооннорун ааҕалларын өйдүүбүн.

Суруйааччылар Нам айылҕатын сөбүлээн, тыаҕа тахсыһаллара. Ефрем Степанович бэйэтэ наһаа булчут. Ол кэлбит дьонун хайаан да куска, балыкка илдьэ сылдьара. Биһиэхэ кэлэн чэйдээн ааһаллара. Бу киһи булчут күтүөттээх буолан тайах этин ыргыччы сии олордоҕо — дии-дии улахан ньолбоҕор таас бүлүүдэҕэ толору хоторуллубут эти саха быһаҕынан быһан ылан хартыыһалаан, лэппиэскэлээх сүөгэй сиэн, күө-дьаа кэпсэтэн ааһаллара диэн ийэм ахтара. Биһиги дьиэбитигэр Р.Баҕатаайыскай сылдьыбытын өйдүүбүн.

Ити курдук, суруйааччыбын диэн хаһан да киэн туттубакка, аҕалбыт суруйааччыларын дьонугар-сэргэтигэр билиһиннэрэн, үөрэн-көтөн ааһара, үтүө өйдөбүл буолан сылдьар. Күннээҕи олоххо алтыһа сылдьар киһибит дириҥ ис хоһоонноох суруйууларыгар, айымньыларыгар үөрэтиллэн-иитиллэн тахсыбыппытын кэлин өйдөөн, биир дойдулаахпытынан, учууталбытынан киэн туттабыт. Ефрем Степанович бу оскуолаҕа  32  сыл үлэлээбитин тухары төһөлөөх оҕону ийэ тыл абылаҥар уһуйбута буолуой? Киһи ааҕан сиппэт…

Е.С.Сивцев – Таллан Бүрэ суруйааччы быһыытынан 1929 сыллаахтан суруйан, 9 кинигэтэ бэчээттэнэн тахсыбыта: «Хоһооннор» (1937с.), «Уолан Эрилик» (1944с.), «Көмүс долгуннар» (1957) с., «Үчүгэй Өлүөнэ»  (1963с.), «Өлүөнэ очуостара» (1971с.), «Кэллим кэпсээри» (1979с.), «Лена прекрасная» (1972с.), «Байҕалиада» (1999с.), «Көмүс муос» (1999с).

Кини бастакы суруйуулара саха поэзиятыгар ураты куоластаах поэт кэлбитин туоһулаабыта. Ойуулуур уобарастара тупсаҕайынан уонна сонун романтическай күүрээннээҕинэн ааҕааччыны кэрэхсэппитэ. Кини поэзията ыарахан, модороон, ардыгар киһини сонньутар тыллардаах да буоллар, түгэхтээх, дириҥ санаалардаах. Кини бүгүҥҥү күннээҕи күүрээннээх олоҕу, ааспыт араллааннаах героическай сыллары уонна туман буолбут өбүгэ үйэтээҕи үһүйээннэри дэгиттэр хоһуйар киэҥ эҥсилгэннээх поэт — диэн суруйар поэт Василий Сивцев.

Поэт хомоҕой хоһоонноругар тыа сирин күннээҕи түбүгүн уонна төрөөбүт дойду кэрэтин уус-уран тылынан, ураты тупсаҕайдык хоһуйан ааҕааччы кутун туппута. Кини геройдарын сүрүн бэлиэтэ: олоҕу, төрөөбүт ийэ дойдуну ис сүрэхтэн дириҥник таптааһын, ол туһуттан тыынын да толук уурарга бэлэм буолуу.

Ефрем Степанович айымньыларыгар ордук таптаан хоһуйар уобарастардаах. Холобур, Өлүөнэ өрүс уобараһа. Кини Эҥсиэлитин хочотун айылҕатын ото-маһа ураты дьикти, халлаана, сулуһа ордук чаҕылхай, дьоно-сэргэтэ да, ордук үлэһит, ыраас, үтүө майгылаах дуулаҕа бухатыырдыы үлэһит дьон. Онон сиэттэрэн, Таллан Бүрэни романтик поэт диэбиттэрэ. Романтика фантазията кини кыра эрдэҕиттэн саха фольклорун истэ улааппытыттан дириҥ силистээх буолуон сөп.

Таллан Бүрэ түөрт уонча сыллаах айар үлэтигэр биир тилийэ барар тематынан буолар гражданскай сэрии темата. Поэт эдэр оҕо сааһыгар Саха сиригэр дарбыйан ааспыт баай, дьадаҥы охсуһуутугар, барытыгар да буолбатар, илэ бэйэтинэн кыттыыны ылбыта итиниэхэ сүрүн төрүөтүнэн буолар. Ол да иһин, Таллан Бүрэ гражданскай сэриини эмиэ уратытык, ордук өрө күүрдүүлээхтик хоһуйар. Кини кыһыл сэрииһиттэрэ, кыһыл комиссардара – уратылаах, сир көннөрү дьонуттан быдан модун санаалаах, дуулаҕа, бухатыыр дууһалаах титаническай майгылаах дьон. Итиниэхэ кинилэри көмүскүүр, охсуһар идеяларын сүдүтэ, бэйэлэрин иннилэригэр туруорунар сыаллара – коммунизм тутуутун соруга улуута ити геройдары ордук модун чаҕаан сэбэрэлиир. Уопсайынан даҕаны, Таллан Бүрэ ылбат-биэрбэт майгылаах, бороҥ, чаҕылхайа суох сэбэрэлээх дьону хаһан да хоһуйбат. Кини геройдара куһаҕан да, үчүгэй да майгылаах, кирдээх да, ыраас да санаалаах дьон буолуохтарын сөп, ол эрээри кинилэр хайаан даҕаны баһархай, томороон, харахха көстөр, биллэр бэлиэ майгылаах дьон” — диэн кини суруйууларын үрдүктүк сыаналаабыта  норуодунай поэт Сэмэн Данилов…

Ефрем Степанович Сивцев-Таллан Бүрэ учуутал, гражданин, суруйааччы быһыытынан дириҥ ис хоһоонноох олоҕу олорбута.