Өбүгэлэрбит үтүө үгэстэрин сөргүтүү таһыма улаатар, кэҥиир

Бүгүн Нам улууһугар «Айыы таҥара и кузнечный культ в тенгрианстве» Бүтүн Россиятааҕы IV научнай-практическай конференция, тимири уһаарыы буола турар.

Тэрээһин сиэри-туому тутуһан «Маастардар дэриэбинэлэригэр» алгыс түһэриинэн саҕаланна.

Бүгүн Нам уонна Амма улууһун уустара болгуо таһаарыахтара. «Нам улууһа» МТ баһылыгын солбуйааччы Юрий Дьяконов, Россиятааҕы тимир уустарын сойууһун вице-президенэ, СӨ тимир уустарын ассоциациятын президенэ, норуот маастара Николай Бурцев – Бахсы Уус, Россия географическай уопсастыбатын чилиэнэ, СӨ култууратын туйгуна, норуоттар икки ардыларынааҕы Тенгрини чинчийии пуондатын дириэктэрэ, «Айыы Таҥара итэҕэлэ» тэрилтэ бэрэссэдээтэлэ Лена Федорова, П.И. Сивцев аатынан Намнааҕы история уонна этнография музейын үлэһиттэрэ, ыҥырыылаах ыалдьыттар кыттыыны ыллылар.

Научнай-практическай конференция киэн хабааннаах, дириҥ ис хоһоонноох. Видео-сибээс нөҥүө Тываттан, Хакасияттан, Бурятияттан, Дьокуускайтан билими чинчийээччилэр дакылааттыыллар. Итиэннэ Нам улууһун оскуолаларыттан төрүт култуура учууталлара, үөрэнээччилэрэ тимир уустарын, туттар тэриллэрин туһунан иһитиннэрии оҥороллор.

«Күн иккис аҥарыгар саха былыргы олоҕор төннүөхтээхпит. Саха былыргы ууһун кыһатын оҥордубут, балаҕан тутуллубута, манна саха уустара туттар тэриллэрин көрдөрүүгэ туруордубут. Улууспут уонна ыҥырыылаах ыалдьыттарбыт Амма уустара болгуо таһаарыахтара. Саха ынаҕын ыан үүтүнэн, суорунаҕа бурдук тардан алаадьы буһарыахпыт. Уустарбыт историяны, кыраайы олуһун сэргииллэр, үөрэтэллэр. Үбүгэлэрбит үгэстэрин көрдөрөр сыаллаах кинилэр бэйэлэрэ оҥорбут туой көһүйэлэригэр куобах, собо, кус күөстүөхтэрэ. Өлүөнэ өрүс кытылыттан, Үөдэй биэрэгиттэн, ылыллыбыт таастан тимир болгуо таһаарыахтара», — диэн П.И. Сивцев аатынан Намнааҕы история уонна этнография музейын дириэктэрэ Александр Копырин бүгүҥҥү күн тосхолун үллэһиннэ.

***

Конференция чэрчитинэн «Умнуллубат уустар өйдөбүнньүктэрэ» диэн кинигэ биһирэмэ буолуоҕа. Маймаҕаҕа тимир, мас уустарын үтүө ааттарын үйэтитэн «Уус кыһата» сквери оҥорбуттара. Манна олоҕуран кинигэҕэ маймаҕаҕа олорн ааспыт уустар туһунан ахтыылар киирбиттэр. Олус суолталаах, история кэрэһитэ буолар кинигэ ааҕааччы киэҥ эйгэтигэр ананар.

Матырыйаалы хомуйууга, кинигэни бэчээккэ бэлэмнииргэ Татьяна Павлова, Татьяна Колесова, Татьяна Чекурова үлэлэспиттэр. Таҥан, сааһылаан оҥорооччу Вера Попова, кинигэ таһын, ойуутун Анна Николаева оҥорбут. Эппиэттиир редакторынан Александр Копырин үлэлээбит.

«Хас биирдии нэһилиэк үгүс киэн туттар, холобур оҥостор дьонноох. Кинилэр ааттарын ааттарын үйэтитэр, кэнэҕэски ыччакка өйдөбүл хаалларар биһиги ытык иэспит. Уруккуну өйдөөбөт, ырыҥалаабат, дьонунан киэн туттубат норуот – инникитэ суох!», — диэн Маймаҕа нэһилиэгин баһылыга Александр Егоров суруйбут.

Семен Аргунов

Читайте дальше