Эдэр профессионаллар Үөһээ Бүлүүгэ күрэхтэстилэр

Кулун тутар 9-14 күннэригэр Үөһээ Бүлүүгэ республикатааҕы «Эдэр профессионаллар» диэн быыһааччылар чемпионаттара буолан ааспыт. Онно Нам улууһуттан В.П. Артамонов аатынан саха-француз лицейин хамаандата баран Чурапчылар, Ньурбалар кэннилэриттэн 3-с бириистээх миэстэ үктэлигэр тахсыбыттар. Кинилэри учууталлара Евдокия Гаврильевна Касьянова бэлэмнээн, илдьэ сылдьыбыт. Чемпионат туһунан кыттааччы, 9 кылаас үөрэнээччитэ Лиза Сивцева сыанабыла:

— Что такое «Молодые профессионалы», что они из себя представляют? Молодые профессионалы — это федеральный проект, который направлен на обеспечение возможности обучающимся образовательных организаций, реализующих программы среднего профессионального образования, получить профессиональное образование, соответствующее требованиям. Этот проект помогает обучающимся повысить конкурентоспособности профессионального образования и помочь набрать опыта, узнать больше о профессии.

Мы, учащиеся с 7 по 9 класс, заняв в муниципальном этапе 2 место по «Спасательным работам», отправились на региональный этап в Верхневилюйск, где остановились в техникуме. В команде всего пять участников: Гоголев Дуолан, Харатаала Арчылан, Эверстов Руслан, Винокуров Роман и Сивцева Лиза, а так же нас сопровождала учительница по ОБЖ — Евдокия Гаврильевна. Региональный этап заключал в себе несколько заданий, которые проходили на протяжении трех дней. В первый день ребятам предстояло пройти узлы, полосу препятствий, во второй день мы узнали о деблокаторе и лабиринте, а в последний день прошли скалодром, где поднимались наверх с помощью своих знаний. Каждый из участников разделились на роли, где командиром у нас в команде был Гоголев Дуолан и заняли призовое третье место!

Таким образом, хорошо провели время в проекте, где узнали много нового. С помощью проекта «Молодые профессионалы» в сфере «Спасательные работы» все участники набрались много опыта в этой сфере, нашли новых друзей из других районов. По словам участников: участие в этом проекте принесло много пользы не только в заданиях проекта, но и в жизни. Мы узнали: каково это работать в этой сфере, насколько тяжело бывает, конкуренцию и самое главное — мы нашли себя.

Евдокия Касьянова, салайааччы, ОБЖ уонна физкультура учуутала:

— Бу чемпионат көрүҥнэрэ элбэх, биһиги кыттыбыт компетенциябыт “Спасательные работы” (“Быыһыыр үлэлэр”) диэн. Бары хамаандалар бастаан улуус иһинэн талыллан, күрэҕи ааһан кэлэллэр.

​Наммыт улууһугар ахсынньы 16 күнүгэр Хамаҕатта саха-француз лицей төрдүс төгүлүн “Спасательные работы” күрэҕи ыыппыта. Быйылгы улуустааҕы чемпионакка барыта түөрт оскуола кыттыбыта: Хамаҕатта орто оскуола, Хамаҕатта саха-француз лицей, Нам 2-с нүөмэрдээх орто оскуолата, Үөдэй орто оскуолата. Түмүккэ бастакы миэстэ Хамаҕатта орто оскуолата, иккис миэстэ Хамаҕатта саха-француз лицей, үһүс миэстэҕэ Нам 2-с нүөмэрдээх орто оскуолата буолбуттара. Бастакы миэстэлээх улуус чиэһин көмүскүү барыахтааҕын элбэх спортсмен оҕолордоох буолан, атын күрэххэ бараннар, биһиги кыттар чиэскэ тиксэн хаалбыппыт. Түргэн кылгас бириэмэҕэ оҕолорбун бэлэмнээн, биэс састааптаах хамаанда тэриммиппит.

Үөһээ Бүлүү техникумар 2-с сылын бу региональнай этап үрдүк таһымнаахтык ыытылынна. Кылаабынай эксперт Былков Руслан Русланович техникум спецдисциплинэлэргэ преподавателэ, юниордар сүрүн экспертпит Мытыканов Александр Васильевич спецдисциплинэ преподавателэ. Барыта 10 хамаанда кытынна: 5 техникум устудьуоннарын, 5 оскуола оҕолорун хамаандата.

Сэттэ сорудаҕы аастылар, оҕолор бэйэлэрин, дьону хайдах быыһыырга үөрэннилэр уонна күрэхтэстилэр.
Бастакы сорудах: баһаарынай таҥаһы сөпкө кэтии, баһаарынай быалары баайыы.
Иккис сорудах: баһаарынай мэһэйдээх полосалары ааһан, сөптөөхтүк шлангалары тардан уот умулларыыта.
Үһүс сорудах: дьааматтан киһини быыһыыр үлэ.
Бэһис сорудах: саахалламмыт массыынаттан киһини өрүһүйүү.
Алтыс сорудах: завал лабиринт конструкцияҕа, сууллубут дьиэттэн киһини быыһаан ылыы, бастакы көмөнү оҥоруу.
Сэттис сорудах: скалодром — таас хайаҕа тахсыы уонна сөптөөхтүк түһүү. Бу сорудахтар барыта киһи күннээҕи олоҕор ыксаллаах түгэҥҥэ бэлэмнээх буоларга үөрэтэр. Бу күрэххэ баран элбэх саҥаны биллибит, үөрэннибит.

Наммыт улууһун оскуолаларын эһиилги күрэххэ барыларын ыҥырыам этэ. Оҕо наһаа сөбүлээн кыттар, элбэҕи билэн барар.

Бу күрэххэ барарбытыгар күүс-көмө буолбут лицейим коллективыгар, физкультура учууталларыгар, лицей дириэктэригэр Парникова Юрчана Юрьевнаҕа, мед үлэһиппитигэр Винокурова Оксана Васильевнаҕа, улууспут үөрэҕин салаайааччытыгар Игнатьева Мария Семёновнаҕа, сүрүн специалиһыгар Семёнов Владимир Аркадьевичка, сылын аайы бу күрэхпитигэр пожарнай таҥаспытын уларсар Никольскай нэһилиэк дьаһалтатыгар, баһылыкка Кривогорницын Алексей Карловичка, биһиги лицей төрөппүтүгэр Кривошапкина Марфа Егоровнаҕа, Намнааҕы педагогическай колледж преподавателигар Эверстов Юрий Афанасьевичка, Нам улууһун баһаарынай чааһын салайааччытыгар Парников Николай Алексеевичка, Хамаҕатта МПЧ №3 баһаарынай чаас уолаттарыгар, начальник Стручков Иннокентий Валерьевичка улахан махталбытын тиэрдэбин. Эһиги көмөҕүтүнэн республикаҕа 3-с миэстэ буолан кэллибит. Махтал!

Мария Винокуррва