«Орлята России» — оҕо сайдыытын кэскиллээх суола

Бүгүн, алтынньы 26 күнүгэр, Нам улууһугар “Развитие социальной активности младших школьников по программе “Орлята России” эрэгийиэннээҕи семинар үлэтин саҕалаата. Бу семинар алын кылаас оҕолорун үөрэтэр учууталлар сатабылларын, үөрүйэхтэрин таһымын үрдэтэр уонна үөрэнээччилэр социальнай олоххо көхтөөхтүк кытталларын ситиһэргэ ананан тэрилиинэ. Эрэгийиэннээҕи семинарга улууспут оскуолаларын алын кылаастарын учууталлара, иитэр үлэҕэ дириэктэр сүбэһиттэрэ, тэрийээччи педагогтар, оҕо уһуйааннарын иитээччилэрэ, Горнай, Хаҥалас, Анаабыр улуустарыттан, Дьокуускай куораттан учууталлар, ыҥырыылаах ыалдьыттар барыта 120-тэн тахса педагог кыттыыны ылар.

Семинар 4 бөлөҕүнэн тэрилиннэ:

1 бөлөх – «Орлята России» программаны олоххо киллэрии уопута: теорияттан практикаҕа»;

2 бөлөх — «Орлята России»: «Алын сүһүөх оскуолаҕа иитэр үлэ сайдыытын суола»;

3 бөлөх — «Оҕо социальнай олоххо көҕүн кэлэктиибинэн айар үлэ нөҥүө сайыннарыы»;

4 бөлөх — «Орлята России» программа сайдар кэскилэ».

Манна «Орлята России» программанан үлэлиир алын сүһүөх кылаастар учууталларын, педагогтарын «Ким элбэх билиилээх – ол мэлдьи кыайыылаах», «Үтүө дьыала сири сырдатар», «Орлята в деле», «Развитие социальной активности детей дошкольного возраста «Орлята-дошколята», «Школа позитивных увлечений: место и роль семьи в программе и треках «Орлята России», «Секреты орлятского мастерства: организация работы по формированию социальной активности в классном коллективе» о.д.а.  үлэ бастыҥ уопутун тарҕатар иһитиннэриилэрин истиэхтэрэ, дьүүллэһиэхтэрэ.

Ньургуйаана Макарова, «Оҕо саас сирдьиттэрэ» тирэх киин салайааччыта:

-Маннык тэрээһиннэр наадалаахтар, биһиги өйүүбүт. Бүгүҥҥү күҥҥэ өрөспүүбүлүкэбититтэн Бүтүн Россиятааҕы «Орлята России» программаҕа 540 оскуола,  46 000 оҕо кыттар. Россиябыт Президенэ Россия элбэх омуктааҕынан баайын туһунан этэн турардаах. Биһиги национальнай өрөспүүбүлүкэ буоламмыт, бэйэбит өттүбүтүттэн ааспыт үөрэх дьыла бүтүүтүгэр бу программаны сахатытаммыт «Өксөкү сиэннэрэ» диэн ааттаах үөрэтэр-методическай комплексы олоххо киллэрдибит, киэҥник тарҕаттыбыт. Манна биһиги тирэх кииммитин кытта «Кэскил» оҕо кинигэ кыһата, А.Г. уонна Н.К. Чиряевтар ааттарынан Дьокуускай куорат национальнай гимназиятын учууталлара бииргэ үлэлэстилэр. «Өксөкү сиэннэрэ» программаны саха тыллаах оскуолалар биһирээтилэр, тоҕо диэтэргит биһиги бөлүһүөк суруйааччыбыт А.Е. Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй философиятыгар, олоҕор тирэҕирэр. Ол иһин алын кылаас үөрэнээччилэрэ кыраларыттан Өксөкүлээх Өлөксөй кимин билэ, саха норуотун култууратын кытта билсэн улааталлар. Аны туран билигин «Орлята-дошколята» программаны олоххо киллэрэн эрэбит, преемственноһы олохтооммут. Уонна билиҥҥи балаһыанньаҕа сөп түбэһиннэрэн оҕолорбутун патриотическай тыыҥҥа, Ийэ дойдуга бэриниилээх буолар дьон гына иитэн таһаарарга сыал-сорук турар. Итиннэ бэйэбит кылааппытын киллэрэбит. Онно сөп түбэһиннэрэн соторутааҕыта алтынньы 8 күнүгэр «Центр компетенции по патриотическому воспитанию детей и молодежи» диэн үрдүк аат иҥэрилиннэ. Онон инникитин бу хайысхаҕа систиэмэлээх үлэ барыа дии саныыбын.  

Эрэгийиэннэҕи семинар «Катапульта веселого настроения» көхтөөх тэрээһининэн уонна санаа атастаһыытынан түмүктэниэ. Оттон тэрээһин иккис хайысхатыгар — улууспут оскуолаларын алын кылааһын үөрэнээччилэрэ оҕону коллективка иитэр «Карусель» оонньууга кытталлар. Манна барыта 17 хамаанда 7 трегинэн: «Орленок-Эрудит», «Орленок-Лидер», «Орленок-Эколог», «Орленок-Хранитель», «Орленок-Доброволец», «Орленок-Мастер», «Орленок-Спортсмен» биирдиилээн уонна бөлөҕүнэн булугас өйү, толкуйдуур дьоҕуру, сатабылы көрдөрөр оонньуулар сорудахтарын толороллор, сүүрүүлээх, сылбырҕа хамсаныылаах күрэхтэһиигэ куоталаһаллар. Ону таһынан «Мы лидеры детства» бэйэни билиһиннэриигэ күөн көрсөллөр. Манна И.Е. Винокуров аатынан НПК 15 устудьуона волонтерунан үлэлиир.

Бүгүҥҥү дьоһун суолталаах тэрээһини Нам улууһун үөрэҕин управлениета, «Россиятааҕы оҕо киини» иһинэн үлэлиир эрэгийиэннээҕи «Оҕо саас сирдьиттэрэ» тирэх киин, И.Д. Винокуров-Чаҕылҕан аатынан Нам алын сүһүөх оскуолата уонна Бүтүн Россиятааҕы «Бастакылар хамсааһыннара» оҕо уонна ыччат уопсастыбаннай хамсааһынын Намнааҕы салаата тэрийдилэр.

Касьян Олесов-Олук

 

 

 

 

 

 

 

Читайте дальше