Быйыл РФ президенэ Владимир Путин бүтүн Арассыыйа үрдүнэн Дьиэ кэргэн сылын биллэрэн, улууспут нэһилиэктэригэр туһааннаах үлэлэр ыытыллаллар. Хас биирдии дьиэ кэргэн сыаннастарын өрө тутарга , киэҥ эйгэҕэ таһаарарга үлэ ыытыллар.
Ол курдук , кулун тутар 7 күнүгэр Хомустаах Бастакы нэһилиэгэр «Алгыс» норуот айымньытын киинигэр «Эн мичээргэр сандал саас» кэргэннии дуэттар кыттыылаах эҕэрдэ кэнсиэр буолла. Дьоро киэһэни Евдокия, Юрий Николаевтар иилээн-саҕалаан ыыттылар.
Ырыа аргыстаах Анастасия, Петр Аргуновтар, Елена, Степан Сивцевтар, Екатерина, Алексей Татариновтар, Полина, Мичил Максимовтар, Дарина Ердашова, Анатолий Винокуров, Виктория, Григорий Матвеевтар
дьиэ кэргэннэрэ ылбаҕай ырыаларынан көрөөччүлэр биһирэбиллэрин ыллылар. Дьоро киэһэни киэргэттилэр: А. Окоемов аат. «Мичээр» үҥкүү народнай ансаамбыла, «Күнчээн» үҥкүү «Уолан» бөлөҕө, ырыа куттаах «Эр сомоҕо» түмсүү,
«Дохсун» эр дьон вокальнай коллектива.
Дьиэ кэргэн бөҕө тутуллаах, байылыат олохтоох буоллаҕына, судаарыстыба эмиэ бөҕөргүүр.
Лена Корякина