Нам улууһугар, Эҥсиэли хочотугар, хапсаҕайга Федерация «Кубога-2023» хамаанданан күрэхтэһиигэ Саха сирин 10 бастыҥ хамаандата умнуллубат хапсыһыылары, түгэннэри бэлэхтээтэ.
“Хапсаҕайга Федерация «Кубога-2023» күрэстэһиилээх буолара эрдэттэн сэрэйиллэр, биллэр этэ. Бүгүҥҥү күҥҥэ хайа эрэ хамаанданы чорботор, таһыччы сабырыйар диир сатаммат. Нам улууһугар көрсүбүт хамаандалар күүстэринэн, сымсаларынан, хапсаҕай албастарын баһылаабыттарынан тэбис-тэҥнэр”, – диир күрэхтэһии кылаабынай судьуйата Андрей Яковлев.
Көбүөргэ эрийсиилээх киирсиилэр, долгутуулаах көрсүһүүлэр кэннилэриттэн Үөһээ Бүлүү хамаандата кыайыылааҕынан ааттанан 300 тыһ. солк. суумалаах сертификатынан наҕаарадаланна. Былырыын үһүстээбит Нам улууһа бу сырыыга иккис үрдэлгэ тахсан 200 тыһ. солк. суумалаах сертификаты тутта. Тугу барытын кыайыыга диэн күүһүн түмпүт Бүлүү улууһа эрэллээхтик үһүскэ таҕыста уонна 100 тыһ. солк. суумалаах сертификаты ылла.
Икки күннээх хапсаҕайы кэтээн көрүү
Урукку сылларга утарылаһааччыларын атахтарын тилэхтэриттэн өрө баһан таһаарар биһиги Вадим Семеновпыт бэркэ да кииристэ. Вадим биир көрсүһүүтүн сыанабылга аҕалабын. Көҥүл тустууга аата ааттанар, Үөһээ Бүлүү эдэр бөҕөһө Тимур Николаев Семенов атаҕын ылан баран, тиниктэһии кэнниттэн Нам бөҕөһүн сири булларбатаҕыттан киэн тутта санаабытым. Салгыы, Александр Румин Любомир Николаевы ыарырҕатан ылбыта баара. Ол эрээри, Александр Румин диэн талаан уонна маастарыстыба! Аны 57 киилэҕэ Намтан Николай Захаров олох үчүгэй хапсыһыыны көрдөрбүтэ, хамаандаҕа эрэл сахпыта. Кими баҕарар кытта тахсан тутуһуон сөбүн эдэр хапсаҕайдьыт холку быһыыта көрдөрбүтэ. Кини күүстээх хапсаҕайдьыт Олимпий Васильевы кытта баары-баарынан тутуһан кыайыыны суруммута. Оччотугар Захаров ааттаах-суоллаах хапсаҕайдьыкка утары тахсарыгар, өйгө-санааҕа төттөрү тардар санааны баһыйдаҕа, алдьаттаҕа. Оҕолорбут да киирсиилэрэ куһаҕана суох этэ. Инникитин уолаттары быспакка салгыы кытыаран иһиэххэ наада. Аны Мэҥэ Хаҥаластан Константин Власов (бэйэтин ыйааһына 80 кг) 95 киилэҕэ тахсан хапсаҕайдаабытыттан холобур ылыахха сөп. Мин көрүүбүнэн, 95 кг да баһыйтарбат курдук. Ыйааһына тиийбэтэ элбэҕи оҕуста, онтон атын киирсэрэ хаалла.
Бу көстүүнү бэлиэтиир хайаан да наада. Көрөөччү эппитин курдук, Федерация Кубога Нам улууһугар буолбакка, Үөһээ Бүлүүгэ ыытылла турар курдуга. Оттон маны бэлиэтээччилэрбит тоҕо бэйэлэрэ сааланы саба тутар гына куоластарын соноппотулар… Нам бөҕөһө кыайдаҕына бэрт кылгас кэмҥэ, кыайыы уоҕар эрэ бэрт кыра уруйдааһын баара. “Кэскил-2” киинэҕэ курдук “Оттон анараа уолаттар хайдахтар этэй?” дииргэ тиийиллэр.
Аны тэрийии өттүнэн, уоту-күөһү баһылаабыттарыттан, тэрийбиттэриттэн киһи эрэ астынар, хайгыыр. Уолаттар бэйэ дойдутугар хапсаҕайдыыр эппиэтинэһи аһары ылынан олох күүскэ долгуйбут, ыһыллыы да түгэннэрэ тахсыбыт буолуохтарын сөп. Эбии Үөһээ Бүлүү диэн хаһыыга тахсыы, утарылаһааччылара ааттарын-суолларын истии барыта оруолу оонньообута саарбахтаммат. Онон спортсмен өй-санаа (духовно, психологочески) өттүнэн бэлэм буоллаҕына, үтүө өрүттэри көрдөрөрө, аҕалара үрдүөҕэ.
Тыл даҕаамыгар эрэ этиллиэ суохтаах
Нам улууһа Саха сиригэр 10 тэҥ баайыылаах хамаанданы көрсөн иккис буолбута үөрүүлээх улахан кыайыы! Өссө биирдэ төннөбүт, хотутуулаах бөҕөстөрбүт кэннилэриттэн, кинилэри кимнээх солбуйуохтарай диэн ыйытыыга. Улуус үрдүнэн Вадим Семеновтан атын бөҕөс суох дуо?! Уолаттар хайаан суох буолуохтарай, бааллар. Ол эрээри, улуус иннигэр эппиэтинэс ылыныы, улуус чиэһин көмүскүүргэ көбүөргэ түһүлгэлээх бөҕөһү ыҥырыы! Аһары бардахха, оннооҕор түҥ былыр сэриини сөбүлээбэт улуу Ахиллы илдьэ барбыттара.
Саха сиригэр биллэр, сураҕырар Кузьма Сивцев, Сергей Семенов, Игорь Софронеев курдук хапсаҕыйдьыттар тарбахха баттаналлар. Нам улууһуттан кинилэр ааттарын салҕааччы ыччат баар. Улахан ыйааһыҥҥа киирсибит Нам уолаттара Охлопков Андрей, Обутов Эдик, Семенов Тимур куһаҕана суох хапсыһыыны көрдөрбүттэрэ бэлиэҕэ ылыллар. Ааттарын ааттаталларыгар, таһааралларыгар кинилэри өссө элбэх күрэхтэһии, түһүлгэ күүтэр. Бу хапсаҕайга эрэ диэн буолбакка, футбол буоллун, волейбол буоллун, спорт бары көрүҥнэригэр ананар. Төрүт умнумуохха – наҕылыйыы өттүгэр баһыйтарыыны! Туох барыта орун-оннун булар. Бу салаа да булуоҕа.
Биир сүбэҕэ кэлии
Улуус спордун таһыма түспэккэ салгыы тахсарыгар, үөрэх уонна спорт управлениелара санааларын холбуур, ыкса үлэлэһэр кэмнэрэ тирээн кэлбит. Бу урут да этиллэрэ билигин даҕаны этиллэр.
Оҕо спордун оскуолаларыгар тохтоотоххо. Оскуола салалтата сөптөөхтүк салайыы мааһын табан, тустаах эппиэтинэстээх үлэһити ыктаҕына, кытаанахтык сыал-сорук туруордаҕына эрэ үлэ тахсыаҕа. Биллэн турар, манна бас-көс, күүстээх өйөбүл буолуоҕа – үөрэх управлениета. Механизм ханна эрэ иҥнэн кэлэн тохтуо суохтаах.
Утуму салҕааччы (преемственность) диэн тылы аатыгар эрэ салгыҥҥа таһаарымаҥ. Спортсмен кыра сааһыттан баар көрүҥнэргэ күүс ылан саҕалыырыгар, спорт управлениетын өттүттэн туһааннаах үлэлэр ыытыллаллар. Спорт эйгэтигэр мөккүөрдээх, суолталаах мунньахтар, кэпсэтиилэр хаттаан эргийэллэр. Ыытыллыбыт үлэ барыта кэлин көстүөҕэ, кэтиир киһи хараҕыттан туох да саспат, мээнэ ааспат.
Андрей Яковлев, кылаабынай судьуйа:
— Кэбээйи оҕолоро үчүгэй буолуохтара дии санаабытым, бу сырыыга арыый мөлтөөн биэрдилэр. Оттон өр кэмҥэ уон иһигэр киирбэккэ сылдьыбыт Бүлүү бу сырыыга баарын биллэрдэ. Бэйэлэрин бөлөхтөрүгэр эрэллээхтик үс кыайыыны ылбыттара. Хамаанда өрө тардынан хомуллубутугар сабыдыаллаабыт өрүт элбэх диэн таайаҕын.
Мэҥэ Хаҥаластан 95 киилэҕэ Софрон Софронов кэлбитэ буоллар, Константин Власов бэйэтин ыйааһыныгар киирсибитэ буоллар, күрэстэһии күүһүрүө хаалла. Үөһээ Бүлүү оҕолоро үчүгэйдэр этэ эрээри, хаҥаластар кинилэри ыксаллаах быһыыга-майгыга, ууга-уокка киллэрэн ылбыттара.
Өр кэмҥэ тустубатах Вадим Семенов иккис күҥҥэ өссө эбии уһуктан кэлбит курдуга. 57 кг Үөһээ Бүлүүттэн Олимпий Васильев утарылаһааччыларын барыларын хапсаҕай хамсаныыларынан эрэллээхтик сууллартаабыта. Ону тэҥэ, Иван Сергеев үчүгэй хапсаҕайы көрдөрдө. Уустук көрсүһүүлэрин барытын кыайбыта.
Павел Иванов, улуустааҕы спорт управлениетын салайааччыта:
— Урукку өттүгэр оҕолорго 1:6, ардыгар олоччу хотторор эбит буоллахпытына, инники диэки хардыы баар. Уолаттар маладьыастар, бары бэйэлэрин кыахтарынан хапсаҕайдаатылар. Хайалара да чугуруйбакка иитиилээх сылдьыбыттара. Киһи хайгыыр.
Эр дьоммут Петр Сивцев, Александр Протопопов, Евгений Дьячковскай, Марк Барашков, Гаврил Слепцов Наммыт улууһун туһугар бары күүстэрин ууран хапсаҕайдаабыттарыгар махтанабыт.
Күрэхтэһии кэнниттэн, куруук ырытыы, ырыҥалааһын үлэлэрин ыытарбытын санатабыт.
ХАРЫСХАН