Эҥсиэлигэ – Доҕордоһуу оһуохайа дьиэрэйдэ

Бэс ыйын 12 күнэ – Россия күнэ. Дойдубут бырааһынньыгын көрсө бэс ыйын 11 күнүгэр улууспут киинигэр, М.К. Аммосов болуоссатын Набережнайыгар, “Дойдубут туһугар – Эҥсиэлигэ оһуохай дуорайдын” үөрүүлээх тэрээһин ыытылынна. Саха кутун уһугуннарар кырыымпа кылыһахтаах ырыата эйээрдэ. Үрдүк Айыылартан ситим утаҕын сиргэ түһэрэр сахалыы ырыаҕа доҕуһуоллатан, хоҥкунуур хомус көмүс дорҕоонугар уйдаран, Далбар хотуттар Алгыс сиэрин-туомун ситэрэр үҥкүүнү толордулар.

Нам улууһун култуураҕа, духуобунай сайдыыга управлениетын начальнига Семен Ядрихинскай мустубуттары истиҥник эҕэдэлээн туран, саха норуотун оһуохайын таһарааччы тумус туттар дьоммутугар, норуот үҥкүүтүн тарҕатааччыларга Егор Феофановка, Аскалон Егоровка – “Нам улууһун Дархан этээччитэ” бэлиэлэри, “Нам улууһугар оһуохай сайдыытыгар кылаатын иһин” бэлиэлэри – Нам “Эҥсиэли оһуохайа” түмсүүтүн салайааччытыгар Татьяна Евсееваҕа, солбуйааччытыгар Мария Бястиноваҕа, түмсүү үлэтин сүрүннээччигэ Людмила Черноградскаяҕа, СӨ Дархан оһуохай этээччилэригэр Валентин Хоруновка, Семен Алексеевка, СӨ чулуу кынатчыттарыгар – Анна Сыромятниковаҕа, Александра Тилееваҕа, Александра Гоголеваҕа, Евдокия Черноградскаяҕа уо.д.а. наҕараадалары туттарда. Норуоппут үҥкүүтэ үүнэр көлүөнэ ыччакка бэриллэн, сайдан, кэҥээн иһэригэр киллэрбит кылааттарын иһин махтанна.

Дьокуускай куораттан кэлбит ыҥырыылаах ыалдьыттар: өрөспүүбүлүкэтээҕи “Оһуохай” түмсүүнү тэрийээччилэртэн биирдэстэрэ, Баһылай Манчаары спартакиадатын төрүттээччи, Россия, СӨ физическэй култуураҕа үтүөлээх үлэһитэ, Д.П. Коркин аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата, СӨ Аар Дархан этээччитэ Афанасий Алексеев, суруналыыстыка бэтэрээнэ, СӨ үтүөлээх оһуохайдьыта, Саха сирин Дархан этээччитэ, 2023 с. СӨ Ил Дарханын стипендиата Марта Тимофеева, “Эҥсиэли оһуохайа” түмсүү кураатара, СӨ төрөөбүт тыл сайдыытыгар уонна үйэтитиитигэр кылаатын иһин бэлиэ хаһаайына, СӨ үтүөлээх оһуохайдьыта, СӨ Дархан этээччитэ, Саха сирин Дарханнарын сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Валентин Хорунов алгыстаах эҕэрдэлэрин тиэртилэр.

-Өрөспүүбүлүкэбитигэр спорт сайдыытыгар 25 сыл үлэлээн кэллим, ол иһигэр 10 сыл “Урожай” обществоны, 10 сыл спорткэмитиэти салайан. 90 сааспар сылдьар киһи дьонум-сэргэм доруобай, дьоллоох буолалларыгар сэмэй кылааппыын киллэрбиппинэн үөрэбин, астынабын. Оттон оһуохай туһунан эттэхпинэ, ийэм Домна Васильевна Алексеева оһуохайдьыт уонна олоҥхоһут этэ. Миигин 4 сааспыттан көтөҕөн киэһэ аайы оһох иннигэр олорон ыллыыра, олоҥхолуура, оһуохайдыыра. “Оҕом оһуохайдьыт буолуоҕа”,— диэн таптыыр ийэм эппитин кэннэ оһуохайы этэ үөрэммитим. 7 сааспыттан түһүлгэлээн этэр буолбутум. Билигин өрөспүүбүлүкэҕэ 6 төгүл оһуохайга кыайыылаах таҕыстым, чөмпүйүөннээтим, ол иһигэр 4 төгүл Үс Хатыҥҥа “Туймаада Ыһыаҕар” уонна Алдаҥҥа, Үөһээ Бүлүүгэ – “Олоҥхо Ыһыахтарыгар”. Ол иһин ийэм алгыһын толордум диэн сүрдээҕин үөрэбин-көтөбүн. Аҕам Алексеев Егор Николаевич аатырбыт сүүрүк этэ. Кыыл барбыт сылгыны эккирэтэн, сылатан баран, сиэлиттэн харбаан миинэ түһэрэ. Ол курдук тутан, сылгыларын куоттарбыт дьоҥҥо аҕалан туттарар эбит. “Кыайан сүүрбэтим, аатырбатым онон оҕом сүүрүк буолаар”, — диэн тапталлаах аҕам эппитин толорон сүүрүүнэн дьарыктаммытым. Сүүрүүгэ син ситиһиилэрдээхпин: 24 төгүл 5 уонна 10 км. Саха өрөспүүбүлүкэтин чөмпүйүөнэ буолбутум, Уралтан бэтэрээ өттүгэр — Сибииргэ, Дальнай Востокка 4 төгүл кыайбытым, Арассыыйаҕа 2-с миэстэ, Сэбиэскэй Сойууска 3-с миэстэ буолбутум. Онон дьоммор туһаайан физкультуранан, спордунан дьарыктаныҥ, оччоҕо чэгиэн буолуоххут диэн этэбин. Бу 90 сааспар сылдьар киһи быраастарга өссө көрдөрүнэ иликпин, ити спорт, физкультура туһата, үчүгэйэ диибин. Скандинавскай хаамыынан дьарыктаныҥ, сүүрүүтээҕэр өссө ордук, хааҥҥыт эргийэрэ күүһүрэр, киһи этэ-сиинэ, бары быччыҥнара 90 % хамсыыр, сайдар. Саха оһуохайыгар эмиэ кыттыҥ, үҥкүүлээн, оччоҕо олох ыалдьыаххыт суоҕа, чэгиэн буолуоххут, барыта үчүгэй буолуо. Оҕолоргутун, сиэннэргитин эмиэ кытыннарыҥ, тардыҥ.

Саха саарыннара Махсыым Аммосов, Ылдьаа Винокуров төрөөбүт оройуонун сүрдээҕин ытыктыыбын, урут спорка эрдэхпинэ эмиэ салайбытым. Эһиги улуу дьоннор үөскээбит сирдэригэр олороҕут, онон дьоллооххут, чэгиэн буолуҥ, спорду, оһуохайы таптааҥ, барыта этэҥҥэ, үчүгэй буоллун. Махтал!, — диэн эҕэрдэтин, санаатын тиэртэ СӨ Аар Дархан этээччитэ Афанасий Егорович Алексеев.    

Бу бэлиэ тэрээһиҥҥэ «Эҥсиэли оһуохайа» түмсүүнү төрүттээбит, 10-тан тахса сыл салайбыт Татьяна Евсеева дуоһунаһын эдэр, эрчимнээх оһуохайдьыкка Вера Цыпандинаҕа туттарда, инникитин оһуохай киэҥ түһүлгэлээх буоларын баҕарда.

Бу күн эҕэрдэ истиҥэ, махтал тыл бастыҥа, алгыс амтаннааҕа этилиннэ, элбэх киһи наҕараада, сэмэй бэлэҕи тутан үөрдэ-көттө. Ол кэнниттэн күөххэ үктэммити бэлиэтээн, саамал кымыс утахтаах, арыы-сүөгэй саламааттаах, саламанан симэммит сайыны уруйдуур, саха үҥкүүтүн өрө көтөҕөр Доҕордоһуу оһуохайа Эҥсиэли хочотугар эҥсиллэ дьиэрэйдэ.

Касьян Олесов–Олук

 

 

Читайте дальше