Өрөбүл күннээҕи ааҕыы: Ат бөҕөлөр, кус быһыйдар

Мыйаарар оҕонньор

Күүстээххэ көрүҥнээх, модьуга моһуоннаах, түөрт кырыылаах модьу харылаах оҕонньор баара. Былыргы кэнэн үйэҕэ мин кэпсиир дьонум ыараханы көтөҕөн да, ыһыахтарга тустан да күүстэрин холонон көрбөтөхтөр. Наада буоллаҕына үлэҕэ-хамнаска, булка эрэ туһаналлара.

Арай биирдэ, Мыйаарар күөгэйэр күннэригэр сылдьан эһэ, тайах бөҕөнү суоһарар кэмнэригэр, табаарыһынаан саас андылыы тахсан иһэн, Ытык Күөл ыалыгар киэһээ тиийбиттэр. Арыылаах саламаат сиэри олорон, уоттарын аһатан:

Баай хара тыа иччитэ, аһаан-сиэн тур! Ырдьатыаҥ буоллар ырдьатан тоһуй, ардьатыаҥ буоллар ардьатан тоһуй! – диэн алҕаабыттар.

Биир оҕонньор баара ходьох гына түспүт:

— Күтүр өстөөхтөр, туох ааттаах куһаҕаннык тылластыгыт, этим сааһа аһылынна! – диэбит.

Түүннэри сатыы баран истэхтэринэ, биир көһү баралларын кытта, оҕолоох эһэ түбэспит. Уруккуттан бултуу үөрүйэх дьон, хата, хайаан түбэстэ диэн үөрэ санаабыттар. Мыйаарар сүгэ сылдьар батыйатын уктаары, хахыйаҕы быспыта кылгас, намчы буолан хаалбыт, чугаһынан сөптөөх мас суох буолан биэрбит. Ыттара эһэ оҕотун тииккэ таһаарбыт, Мыйаарар батыйалаах бэлэм туран:

Ыл, оҕотун ытан сарылат, ийэтэ кэлиэҕэ, – диэбит.

Табаарыһа ытарын кытта аарыма улахан тыһы эһэ буулдьалыы ойон, айаҕын үөлэс курдук атан, Мыйаарары саба түспүт, батыйатын тоһуйаары гыммыта уга кылгас буолан, мүччү тутан, эһэ тиэрэ көтөн кэбиспит. Эһэни тылын төрдүттэн ылан, өрө анньа сытаҕына, тыҥыраҕынан төбөтүн тириитин сирэйигэр саралыы тардыбыт, харытын быччыҥын быһа хадьырыйбыт.

Эһэ сииргэ тиийдэ, ыта оҕус! – диэбит. Киһитэ:

— Саам сомуога түһэн хаалбыт, – диэбит.

— Ыл, мин анныбар батыйа сытар, онон ас!

Киһитэ ылан эһэни сүрэххэ түспүт. Киһитин куйахатын имэрийэн оннугар түһэрбит, илиитин бэрэбээскилээн, ыалларыгар төннөн кэлбиттэр.

Онтон сылтаан кэнники икки хараҕа суох буолбута. Куһаҕан буоларга абааһы имнэнэр дииллэригэр дылы, булчут дьон тоҕо ол курдук алҕаабыттара буолла?  Куһаҕан быатыгар киһи ити курдук, этиэ суоххун этэн, саҥарыа суоххун саҥаран кэбиһэр түбэлтэлээххин быһыылаах.

1945 сыл саҕана биир эдэр күүһүмсүйэр киһи нэһилиэккэ үөскээн, баппакка айаабыта, итирэ-итирэ күүһүмсүйэн, ыаллары кэрийэ сылдьан үлтү түүрэйдээн, охсуһуу көрдөөн. Ол сылдьан биирдэ оҕонньор дьиэтигэр киирэн, дьону умса-төннө анньыалыы сылдьан, кэлэн биэрбитин оҕонньор хам тутан ылан, дагдатын ыга куустар кууһан испит, киһи ойоҕоһо тостоору, тыына хаайтараары гынан, оҕонньортон ааттаһан элэ-была тыла бараммыт, ээҕин этитэн баран ыытарыгар:

— Тукаам, олох туга да суох киһи чабыланар, күүһүмсүйэр эбиккин, олох ити идэҕин бырах! – диэбит.

Онтон ыла баара-суоҕа биллибэккэ, ылы-чып барбыта. Ол саҕана ырыганнаабыт аттары үүрэн истэхтэринэ, биир улахан баҕайы томскай боруода ат охтон, өлөн тыылла сытара дьиэлэрин таһыгар. Саас этэ.

— Сыта-сымара бэрт, тракторынан тыаҕа состорон кэбис! – диэн оҕонньор биригэдьиир күтүөтүгэр эппит.

Состорон биэрбэтэх. Өр сыппытын кэннэ оҕонньор аааһы көрөн, өтөх халдьаайытын өрө соһон, ойуур саҕатыгар илдьэн кэбиспит, сүүсчэкэ миэтэрэ сиргэ. Ол туһунан күтүөтэ бэркиһээн кэпсээбитэ. Эдэр-сэнэх эрдэҕинэ, төһөлөөх күүс-уох хаайтара сылдьыбыта буолуой?!

Сүөдэркэ оҕонньор

Киһи иһиттэр истэн олоруон курдук, уустаан-ураннаан кэпсиир кырдьаҕас баара. Аан маҥнай көрбүт эрэ киһи сык гына түһэр киһитэ этэ, тобугун ааһар уһун илиилээх, лаппаакы курдук кэтит, модьу баппаҕайдаах, халыҥ эт чаллах, сыгынньаҕар көрдөххө – түөһүн, көхсүн быччыҥнара ыдьыр-быдьыр көстөр, сүүһүн тириитэ мыччыстан, баттаҕа будьуруйан, хайдах эрэ атыыр оҕуһу санатар этэ.

Лаабыла соҕуруу өттүгэр, Нэлэгэр диэн күөл таһыгар дьиэ-уот туттан олохсуйбут, Салбаҥтан уонтан тахса көстөөх сиргэ. Ыраахтааҕылаах Россияҕа ньиэмэс омук сэриинэн түһэн, сахалары сэриигэ ыытар буолбуттар. Оччотооҕу кинээс хаппараал ыытан, Сүөдэркэни ыҥыртарбыт. Олох өлө барар киһи быһыытынан кэргэнинээн ытаһан-соҥоһон арахсыбыттар. Аан дойдутун, баай хара тыатын иччилэрин алҕаан, аһатан, быраһаайдаһан арахпыт.

Кэлбитэ – киһи-сүөһү бөҕө мустубут, чэйдээн бүтэрин кытта аттаах хаппараал сүүрдэн кэлбит.

— Сахалары сэриигэ ылбат буолбуттар, тарҕаһар үһүгүт, — диэбит.

Сүөдэркэ иһиттиэм-истибэтиэм дии санаабыт да, уон көскө сүүрүүнэн түһүнэн кэбиспит, тэппит атаҕын кубулуппакка тиийбит. Биһиги дойду ыллык суолунан хас уон маары, дулҕаны, ыарҕаны, силистээх тыаны быһа сүүрэн тиийии киһи санаата хоппот дьыалата. Киһиргиир диэҕи сааһыгар киһиргээбэтэх киһи. Ону, саатар, мин өйдөөн ыйытар суох, итиччэ ыраах сиргэ ханна эмэ сынньанныҥ, тамаххын илитинниҥ ини диэн.

Хаабыр Дьаакыба

Хаабыр Дьаакыба диэн киһилиин – чугас ыалынан куруук кыттыһан, тапсан бултуур этибит диэн Сүөдэркэ кэпсиирэ.

Төһөлөөх да улахан тайаҕы өлөрдөхпүтүнэ, иккиэн аҥаардаан баран, үүтээммитигэр сүгэн эбэтэр салаасканан соһон барарбыт (100-150 киилэ холобура буолара буолуо тайах аҥаара). Киһим бастыыр, салааскаҕа состоҕуна, хор, окко-маска иҥиннэрдэҕинэ, тоҕо соһон иһэр буолара, — диирэ.

Биирдэ улаханнык иирсибиттэр. Сааскы эһэҕэ сохсо ииппиттэр – ыраах үүтээннэригэр. Андылыы кэллэхпитинэ көрүөхпүт диэн. Хаабыр Дьаакыба кэлэн:

Чэ, үүтээммитигэр барыах, — диэбит.

— Мин дьиэм үлэтэ бүтэ илик, үс хонон баран тиийиэм, бара тур, — диэбит Сүөдэркэ.

Тиийбитэ – үстээх эһэ тириитэ ыйанан турар үһү. Киирэн киһитигэр үөрэ-көтө:

Хайа, байанайбыт биэрбит дуу? – диэбитигэр киһитэ:

Ээ, быыкаа, ньулдьаах-ньулдьаах, — диэбит.

Хата, эттэ буһар эрэ, дэлби аччыктаан кэллим, — диэбитигэр:

Үүтээн үрдүгэр үс кырбас эт сытар, киллэрэн буһар, хата сиэхпит, — диэн бэйэтин соруйбут.

Онтон хомойон, Сүөдэркэ киһитин дэлби үөҕэн, саҥаран баран, атырдьах салаатыныы арахсан, төннө турбут.

Дьаакып үүтээҥҥэ биирдэ бултуу сыттаҕына, табаарыһа Балаҕаннаах Ыстапаан Лаабыдаҕа муҥхаҕа сылдьан, собо бөҕөнү тиэйэн иһэн, түөрт уон талыы бөдөҥ собону – кэһиитин киллэрэн биэрбит.

Оо дьэ, эбэм соботун сиэтэҕим, — диэн алта собону буһаран сиэбит. Ыстапаан түүн уһугуннаҕын аайы киһитэ собо буһаран сии олорор буолар үһү. Сарсыарда көрбүтэ – түөрт уон собото бүппүт. Киирэн иһэн бэркиһээн: “Ити Дьаакып иҥсэ кэбистэрбит быһыылаах, түөрт уон собону сиэтэ ээ”, — диэн ыал аайы кэпсии айаннаабыт.

Ону кэнники Дьаакыптан дьон ыйыттаҕына: “Ээ, быыкаа-быыкаа, тырылык-тырылык этэ”, — диирэ үһү. Биирдэ эмиэ үүтээниттэн өр буолан баран киирэн:

Дэлби хаҕыһаатым эмээхсиэн, убаһаҥ этэ баар дуо? – диэбит.

Убаһа холо баар, киллэрэн ириэр, эттээр, оҕоҥ оскуолаҕа барарыгар өйүө гыныа, барытын мэҥиэстэн кэбиһээххиний! – диэбит.

Оҕонньор ол түүн балтараа илии хаһалаах, тастаах убаһа холун бүтүннүү сиэн хоммут. Оҕоҕо ордоруох киһи дуо?! Ол гынан баран, куруук ол курдук аһаабат, көрдөххө – өссө наһаа сылай аһылыктаах буолара дииллэр. Эмискэ-эмискэ ити курдук аһаан ылардааҕа үһү.

Петр КОЛЕСОВ, Салбаҥ

“Эҥсиэли”, 10.03.1994 с.