Булчут күнүнэн!
Таастаах Баарымчатыгар Н. Казановтыын тайахтыы сырыттыбыт. Киэһээ аһаан-сиэн утуйдубут, маннык түһээтим. Ханнык эрэ ойуурга сылдьабын, биир мааны, кута-мата курдук искэл дьахтар онон-манан ойуурунан куота сырытта. Тиһэҕэр сылайда быһыылаах, биир улахан салаалаах маһы эргийэ көтөн, күөлгэ ыстанан кэбистэ.
Мин хаппыт чуурка сытарын туора куустум да кэнниттэн барчалаан киирдим, уҥуоргу биэрэккэ чугаһаан иһэн төттөрү, били бастаан ууга түспүт арбайдаах тиитигэр тахсан истэҕинэ, атаҕыттан ылан баран, таптаан кэбистим.
Сарсыарда түүлү кэпсэтиһии, уопсай сылык – ууга да түһэрдэрбит эрэйдээх соҕустук бултуйар инибит диэн буолла.
Үс чаас устата биир кыылы хаста да эккирэтэ-эккирэтэ, үрдэрэ-үрдэрэ Үргүөт күөлүгэр түһэрдилэр. Өр баҕайы кытыыттан кытыыга уста сырытта, мин арҕаа тумуска таас анныгар турдахпына, биэрэктэн 80 миэтэрэ кэлбитин ытан кэбистим, эмискэ ойон таҕыстаҕына, куотан хаалыа диэн.
Эбэ дириҥ, арыы тумустан хас да хаппыт маһы суулларан, болуот оҥостон, моонньуттан соһон таһааран, астаан, лаабыстаан кэбистибит. Тыһы эбит, биир илииттэн ордук тастаах.
***
Урут тайах элбэх да этэ, тайахсыт да аҕыйаҕа. Таастаахха Ханчалы-Сэки сэкитигэр этэ. Хас да буолан тайахтыы сылдьабыт. Биир түүн маннык түһээтим. Ханнык эрэ үөрэх уопсайа, билэр кыргыттарым бааллар, син сааһырбыттар, баараҕыдыйбыттар. Хас хоско киирдэҕим ахсын аһыы олорон иһиттэрин, сорохтор бытыылкаларын хомуйан кэбиһэллэр, бэйэлэрэ таас-иэдэс буолаллар, сыстыах, кэпсэтиэх курдук буола-буола күлэллэр, хостон хоско куота сылдьаллар. Үргүлдьү сүтэртээн кэбистим.
Сарсыарда дьоммор кэпсиибин. Турдубут да ким тугу түһээбитин, чэ, бүгүн бэртийииһибит эбэтэр оо, дьэ, табыллыбат дьон буолсубут диэн буолааччы. Бу сырыыга үстэ иккилии-үстүү тутуһуулаах кыылларга түбэһэн баран, күлүү гыммыкка дылы, хаста да үрдэрэ-үрдэрэ, ыта киирэрбитигэр төлө охсон, куотан хаалаллар. Ол күн мэлийдэхпит дии.
***
Күһүн бултуу сылдьан, ахсынньыга дьиэбэр киирэн, маннык түһээтим. (Туһахтарым, хапкааннарым син балайда иитиллэн хаалларыллыбыттара). Элбэх дьонноох сиргэ биир кырдьаҕас соҕус дьахтар туох эрэ суулааҕы аҕалан, таҥаһын арыйан, кураанах шампанскай бытыылкатын биэрдэ.
Көрбүтүм, олох хааппыла да суох гына иһэн кэбиспиттэр. Ону саныыбын, “оо, күтүрдэр, тааһын эрэ хаалларбыттар дии” диэн. Ол икки ардыгар 200 грамм кыһыл кутуллубут кыра дьоҕус бытыылканы биэрдэ. “Чэ, хата. Маны хаалларбыттар дии” диэтэ.
Ый буолан баран, тахсан туһахтарбын кэрийдим. Бара түһэрбин кытта иҥнибит куобахтар миэстэтигэр өлбөтөхтөр, бэрт эрэйинэн булуллар гына хаар саппыт. Истээх үрэҕэр толоон устун куобах ороҕор, бастакы көрүүбэр биир куобаҕы ылбыт орохпор, иккистээн туһах ииппиппэр туох эрэ иҥнибит. Чигдитин анньыалаан көрдүм, сотору саһыл сыта муннубар саба биэрдэ, ол хоту ыарҕалар саҕахтарыгар көрдүү сылдьан, били туһахпын баайбыт маһым туһаҕа сөллөн, кураанах сытарын булан ыллым.
“Оо, илиим тардаары хайдах баайаахтаабыппыный, сөллүбүт дии” диэн саҥа аллайдым. Онон-манан хааман, көрдөөн көрдүм да мэлигир, суола сойдоҕо ол. Шампаным кураанахтаннаҕа ол буоллаҕа дии.
***
Түһээн,арай, Хомустаах маҕаһыыныттан хас да бытыылка водканы атыылаһан тахсан истэхпинэ, үс уол саба түстүлэр да, хоонньубун хаһан, водкабын былдьаан ылаары гыммыттарыгар тутуһан, анньыалаһан көрдүм да, илиим-атаҕым олох хамсаабат. Нэһиилэ водкабын ылан, “мин да иһимиим, эһиги да иһимэҥ” диэн, эркиҥҥэ үнтү охсон кэбистим.
Бу бэһис бөрөбүн ылыахтаах сарсыардам этэ. Уһуктан өр сыттым, түүлүм мөлтөҕүн иһин ону-маны санаан ыллым. Туһаҕын быһар буолла быһыылаах дии санаатым. Аппын ыҥыырдаан, баайан кэбистим, эбиэһим үппүтэ, таах туруордум. Айаным таҥаһын таҥнан тахсыбытым атым суох, оо, дьэ өлүү эбит, бардаҕа дии. Фонаригынан суоллар төрдүлэрин көрүөлээ, өлүү болдьохтоох ол түүн атыыр үөрэ төттөрү-таары сылдьыбыт, ханна барбытын кыайан быһаарбатым. Истээх ата, онон онно бардаҕа дии санаан, мас кэрдээччилэртэн трактор ылан Истээҕинэн, Таастааҕынан сырыттым да мэлийдим.
Төрдүс күммэр булан, ол күн туһахпын көрбүтүм бөрөм иҥнибит, элбэх сиргэ оту-маһы кытта охсуспут, тиһэҕэр тоҕус хос куобах туһаҕын дэлби сыыйан, быһан кэбиспит. Суолунан батыһан көрдүм да, бара турда. Кэлин бу бөрөнү С.С. Куличкин хапкааннаан ылбыта. Мин водкам ол буоллаҕа үнтү охсуллубута.
Кэлин аппын билбитим – ханнык да араас баайыыны тииһинэн сүөрэр эбит. Ол иһин билигин күҥҥэ сүүрбэтэ тииҥи ытарбар сүүрбэтэ сыҥааҕын тардан баайабын.
***
Түһээммин ханнык эрэ сиргэ соччото да суох буоллар, биир эдэр дьахтар эдэр киһини кытта оонньоһуох, күлэн-салан сыстаҥнаһа сатыыр да, анараа эдэр киһитэ соччо кыһаммат, хайдах эрэ бара сатыыр. Ону көрөн эрдийдим быһыытыйан эттим: “Доҕоор, эн эдэр киһигин, кэлин да эйиэхэ көстүөхтэрэ, миэхэ аҕал”, — диэн баран, уолу “ээх-сөп” дэттэрбэккэ, үтүрүйэн кэбистим да, били “табаарыһы” кууһан кэбистим.
Бу түүл дьиэбэр түһэммитэ кэлин кэлэммин туһахтарбын көрөн, уон икки куобаҕы, доҕорум туһаҕыттан хаһан эрэ синньигэс биилиттэн туһахха иҥнэ сылдьыбыт, онон кэлин өттө хатан, түүтэ буомуран хаалбыт тыһы саһылы ыллым. Таҥастаабытым – мөлтөх түүлээх, атыыга туттарыллыбата. Доҕорбор, кини күһүн эрэ сылдьыбыта, уурайбыта, онон туһаҕын иһин энньэтин анаатым.
***
Любитель-булчутунан Николаев Сүөдэр үүтээннэригэр бастакы тахсыбыт сылым этэ. Ахсынньыга биэс бөрө кэлэн, хас да биэни, атыыры сиэтилэр. Мин хаһан хапкаанынан анаан-минээн бөрөлөһө иликпин, ол гынан баран, син удумаҕалата саныыбын.
Хапкааннарбын, туһахтарбын мас мутукчатыгар оргуттум. Үс күн уопсайа 28 араас сэби уурдум. Биир киэһэ Казанов Николай, Федотов Влад. Егорович рациянан кэпсэттилэр, мин сэп уурбуппун аҕыннылар уонна, түмүгэр, мин хантан бөрөһүт буолуом туһунан түмүктээтилэр.
Абара санаатым, истэн эрэ кэбистим. Ол кинилэргэ тэҥнэһэх булчут буолуом дуо? Туох сэнээһинэй дии санаан, сүөм түһэн, бэрт өр ону-маны санаан, устунан утуйа сытан маннык түһээтим. Чөрөкө үүтээнэ эбит. Аан аргыый аһыллан, Сүөдэр киирэн, аан аттыгар саҥата суох турда, тугу эрэ этиэх курдук уоһа хамсыыр да, саҥатын дорҕооно иһиллибэт.
Уһуктан чаһыбын көрбүтүм 6 чаас буолан эрэр. Туран эмиэ ону-маны оҥостон, бэлэмнэнэн 7 чаас 30 мүнүүтэҕэ аттанным. Бастакы хапкааммын көрбүтүм – бөрө кэлэн үктээбит уонна эспэтэх. Оо, дьэ, сатаабатахпын, наһаа хаарынан саппыппын, кырдьык да дьон күлбүттэр дии санаан, олох күлүк эрэ буоллум.
Туһахпын көрбүтүм туох эрэ иҥнэн маһын соспут, онтон доҕоор, дьэ, ыарҕалар быыстарынан туох эрэ элэҥниир, тардыалаһар. Аарыма бөрө эбит. Омуммар 40 миэтэрэттэн кулгааҕар ыттым, нукус гынан хаалла. Бу күн тымныы баҕайы, 52 кыраадыс этэ, бөрөбүн атым төргүүтүгэр баайан көрдүм да, олох түһэ турар.
Ыллым да бултуйбут аатыран, эриэн ыт элэгэр барбат аатыран, маска өрө тардан туруоран сүлэн кэбистим.
***
Бөрөбүн таҥастаан, хатара ыйаан кэбистим. Утуйа сытан түһээтим. Үүтээммэр аһыы олордохпуна Сүөдэр киирдэ, туох да саҥата суох. Миискэ тутуурдаах, онтун остуолга ууран, мин аттыбар олорон, хоонньуттан окко суулаах буспут эти таһааран аһаан барда.
Уһуктан уоппун күөдьүтэн, байанайбын аһаттым, сарсыардааҥа диэри утуйан хааллым. Чаакыйа үрдүгэр икки хапкааннаахпын көрбүтүм – икки аарыма бөрөлөр иҥнибиттэр, иккиэн тыыннаахтар, тоһуопканан сүүскэ ытан өлөртөөтүм.
Иккиэннэрин нэһиилэ ыҥыыр икки өттүгэр баайталаан, бэрт өр тоҥуу хаарынан айаннаан, олох киэһэ үүтээммэр кэллим. Үс бөрөбүн киэптээн, ыйаан туруорбутум, кырдьык да, аҕыйах хонукка байанай тосхойдоҕуна, улуу булчутунан бэйэлэрин ааттанар булчуттартан хаалсыбакка, ким баҕарар бултуохтааҕын эппэр-хааммар иҥэрэн, адьырҕаны кытта туруулаһыахха сөп эбит диэн өйдөөтүм.
***
Тохсунньу 12 күнүгэр ахтылҕаннаах үүтээннэрбэр тахсан иһэбин. Күнүс сыарҕабар нуктаан ыллым. Атым бытаан, аата Чылбыан диэн, төһө да таһый, кыыһыр, этис, үөҕүс, син биир таһымыттан түргэтээбэт идэлээх. Ону хайыаҥый, айыллыбыт анала, оҥоһуллубут оҥоһуута быһыылаах.
Оннук айаннаан иһэн, эппитим курдук нуктаан, мааны, кыһыллыҥы сирэйдээх, кыһыл уостаах, саһаран көстөр харахтаах дьахтар үтүөтэ күлэ-күлэ уун-утары сыарҕабар кэлэн саба түспүтүгэр уһуктан хааллым, айаннаан иһэр эбиппин. “Бай, эбэлэрим үчүгэй харахтарынан көрөөрү гыннылар дуу?” диэн үөрэ санаатым.
Нөҥүө күнүгэр туһахтарбын көрө барбытым, алта куобаҕы, күһүн саһыл өрдөөҕү суолугар биир туһаҕы турар талахха баайан кэбиспитим. Ол сирбэр ыраахтан көрдүм – туох эрэ кыһыл хаар көмнөх анныттан хоройор.
Тыһы саһыл иҥнэн, утары көрөн олорор. Маны аахтаххына, түүлүм бултааһыҥҥа туох эмэ сыһыаннаах дуо?
Бит Миитэрэй, муус устар 16 к., 1994 с.