Өрөбүл күннээҕи ааҕыы: Дьон сүбэтэ – дьол сүмэтэ

ЭР КИҺИ КЭРГЭНИГЭР СЫҺЫАНА

  • Эр киһи кэргэнигэр сарсыарда ахсын: «Үтүө сарсыарданан!» – диэн уһуктуохтаах уонна сүүһүттэн сыллаан ылыахтаах.
  • Ааҥҥа киирэргэ-тахсарга кэргэнигэр аанын аһан-сабан аһарыахтаах.
  • Дьиэҕэ киирэргэ эр киһи кэргэниттэн биир кирилиэһи аллараа иһиэхтээх, оттон тахсарга биир кирилиэһи уруттаан түһүөхтээх.
  • Оҕолорун ийэни убаастыырга, көмөлөһөргө үөрэтиэхтээх, уол оҕоҕо холобур көрдөрүөхтээх.
  • Эйигин хайҕаатахтарына кэргэниҥ үтүөтүн умнарыҥ – бэрдимсигиҥ бэлиэтэ.
  • Кэргэниҥ тугу, ханнык сибэккини, дьүһүнү сөбүлүүрүн билэриҥ – болҕомто туоһута.
  • Эр киһи кэргэнигэр бириинчиктиэ суохтаах, ол оннугар көмөлөһөрүҥ ордук.
  • Кэргэҥҥин атын дьоҥҥо холуннаран кэпсиириҥ таҥнарыы буолар.
  • Кэргэҥҥэр хаһан баҕарар сибэкки бэлэхтиириҥ үөрүүлээх дьыала.
  • Кэргэниҥ сыыһатын хаһан да оҕолорго кэпсээн, түһэн биэримэ.
  • Кэргэниҥ кыыһырбыт кэмигэр алҕаскын түргэнник бырастыы гыннар, сүбэлэс.
  • Эр киһи кэргэнин атын дьон тылыттан көмүскэһэр эбээһинэстээх.
  • Оҕону бары өттүнэн сайыннарарга дьоҕургун, өйгүн-санааҕын уур.
  • Аһаан бүтээт, махтанаргын умнума.
  • Дьиэҕэр хойутаан кэлэргин, хоноргун төлөпүөннээҥҥин, суругунан биллэрэн дьоҥҥун уоскут.
  • Атын дьоҥҥо кыыһырбыккар кэргэн буруйа суох.
  • Тапталыҥ күүһүн кистээбэккэ, аһаҕастык билинэриҥ эрэли үөскэтэрин умнума.
  • Эр киһи холку, дириҥ өйдөөх буоларга дьулуһуохтаах.
  • Буруйун урут билинэн, эр киһи этиһиини таһаарыа суохтаах.
  • Оптуобустан тахсаргар, урут түһэн кэргэҥҥэр илиигин биэрэн өйөөн түһэр.
  • Кэргэҥҥэр нарын-намчы тылынан кэпсэтэн үөрдэ сырыт.
  • Дьиэ үлэтигэр көмөлөһөргүн өрүү умнума.

ДЬАХТАР КЭРГЭНИГЭР СЫҺЫАНА

  • Кэргэниҥ олоҕун сыалын ситиһэригэр көмөлөс.
  • Ханнык баҕарар үлэттэн толлубатыгар сүбэлээ, ырыаны таптыырга уһуй.
  • Кырдьаҕас, кыаммат дьоҥҥо көмөлөһөрүн ситис.
  • Олоххо үөрүүнү, хомолтону тэҥҥэ үллэстэргэ үөрэт.
  • Кэргэниҥ итэҕэйэн эппит кистэлэҥин искэр тут.
  • Кэргэниҥ үлэтигэр бэйэтиттэн көҥүлэ суох орооһума.
  • Кэргэниҥ санаатын мэлдьи өрө көтөх, хайҕаа, хорсунугар эрэн.
  • Дьиэ-уот ыраас, бэрээдэктээх буоларыгар кыһан.
  • Аһыыр аһа минньигэс, битэмииннээх буоларын ситис.
  • Кэргэниҥ интэриэһин үөрэт, усулуобуйата оҥор.
  • Сылайбыт кэмигэр холкутук сынньанарыгар кыһан.
  • Таҥаһа, утуйар таҥаһа ыраас уонна дьонтон итэҕэһэ суох буолуохтааҕын умнума.
  • Күнүс эбиэт кэнниттэн 10-15 мүнүүтэ утуйан ыларыгар сүбэлээ.
  • Кыыһырарыҥ оннугар өс хоһоонунан үгэргээн кэбис.
  • Олоххо, үлэҕэ, оҕону иитиигэ сөптөөх кинигэлэри, сурунааллары ааҕарын ситис.
  • Үчүгэй киһи дьоҥҥо үчүгэй өрүтүн, куһаҕан киһи мөлтөх өрүттэрин бэлиэтии көрөрүн өйдөт.
  • Дьон итэҕэһин бырастыы гынарыгар сүбэлээ.
  • Дьиэ кэргэнигэр халыҥ хахха, суон дурда, дьоһуннаах аҕа баһылык буоларыгар баҕар.

ДЬИЭҔЭ-УОККА ДЬОНУ ЫАЛДЬЫТТААҺЫН

  • Кэлбит ыалдьыты үөрэ-көтө ааҥҥа көрүс, төбөнү тоҥхох гынан дорооболос (дьахтарга илиигин бэриллиэ суохтаах, гигиеничнэйэ суох).
  • Ыалдьыт дьахтар сонун ыйыырыгар көмөлөс.
  • Ыалдьыт атаҕын сынньатарыгар тапочка бэриллэр.
  • Урут кэлбит ыалдьыт сонунун болҕойон истиҥ.
  • Өйдөөх эппиэти ылыаххын баҕарар буоллаххына дуоспуруннаахтык ыйыт.
  • Кырдьаҕас уонна орто саастаах ыалдьыты аҕатын аатынан ааттаан, убаастаан кэпсэт.
  • Ыалдьыт интэриэһин тардар эрэ темаҕа кэпсэт.
  • Мөккүөрдээх боппуруостартан биллибэтинэн аралдьытар ордук.
  • Аһыы олорон остуолтан антах хайыһан платоккар сөтөлүн, ытырт уонна бырастыы гыннар.
  • Дьиэлээхтэр ыалдьыт таҥаһынааҕар боростуойдук таҥнан көрсүөхтээхтэр.
  • Ыалдьыт кэлбитигэр ис сүрэхтэн махтанан баран, өссө да кэлэ сылдьарыгар баҕара хаалыҥ.
  • Ыалдьыты аан боруогун нөҥүө туран атаарыа суохтааххын.
  • Аһыы олорон биилкэнэн, быһаҕынан, илиигинэн далбаатанан кэпсээмэ.
  • Салфетканан аһыы олорон муннугун соттума, ол оннугар уоскун аргыый оботторон сотун.
  • Ас уҥуоҕун, тобоҕун кыра тэриэлкэҥ кытыытыгар ууран ис.

ДЬИҤНЭЭХ УОЛ ХАЙДАХ БУОЛУОХТААҔЫЙ

  • Кыыһы көрө түһээт, сыстаҥныыр, кууһа сатыыр уолтан бэрт түргэнник тэйэ барарыҥ ордук.
  • Биэчэргэ, үҥкүүгэ айаҕа арыгы сыттаах уол арыгыны сөбүлүүрэ саарбаҕа суох.
  • Кыраҕа да өһүргэс, кыыһырар уол бэрдэ суох кавалер.
  • Олоххо оттомо суох уол тас көрүҥэ муодунай буола сатааччы.
  • Бэйэтин эрэ кэпсэнэр уол кыыс дууһатын туппат.
  • Кыыһыгар сибэкки бэлэхтээбэт эдэр киһи – кэччэгэйиттэн.
  • Уол оҕо майгыта үксүгэр аҕатыттан.
  • Табаҕы тардааччы уол арыгыттан да аккаастанааччыта суох.
  • Дьон хайгыыр эдэр киһитэ оруннаах буолааччы.
  • Иннин көрүммэт уол үөрэххэ, идэҕэ тардыспат.
  • Өйдөөҕү кытта олорор олоххо чэпчэки, үйэлээх.
  • Дьиҥ эр киһи муоданы эккирэппэт, үлэлиирин ордорор.
  • Билиитин-көрүүтүн сайыннарбат, ол оннугар муоданы эккирэтэр уол чэпчэки, содур майгылаах уонна сүрэҕэ суоҕа көстөр.
  • Хаһыаты, сурунаалы интэриэһиргээбэт уол олохтон хаалыылааҕа биллэр.

КЭРЭ КЫЫС ДИЭН КИМИЙ?

  • Наһаа кырааскалаах, тыҥыраҕа уһун кыыс үлэтигэр хойгур буолааччы.
  • Баттаҕын арбатар, атаҕын таҥаһа кирдээх кыыс чанчарыгын бэлиэтэ.
  • Ис киирбэҕэ суох таҥнар кыыс дьиэтигэр да оннук буолара чахчы.
  • Балыстарын, бырааттарын көрөр-харайар кыыс эйэҕэһэ биллэр.
  • Эдэр сааһыттан тиктэр, баайар кыыс дьоҕурдааҕа көстөр.
  • Хоһо, ыскааба бэрээдэктээх кыыс ыһыллаҕаһа суох.
  • Ханнык да үлэттэн куттаммат кыыс сүрэхтээҕин туоһута.
  • Кырдьаҕаһы убаастыыр кыыс эйэҕэс майгылааҕын бэлиэтэ.
  • Уолаттарга бэйэтинэн сыстаҥныыр кыыс бөрүкүтэ суоҕа биллэр.
  • Табахтыыр, арыгыны иһэр кыыс иитиитэ суоҕуттан
  • Үөрэххэ, үлэҕэ тардыспат кыыс чычырбас өйдөөҕүн туоһулуур.

УУЛУССАҔА БЭЙЭНИ ТУТТА СЫЛДЬЫЫ

  • Ханна эмэ бараргытыгар, күнүттэн көрөн ичигэстик, ыраастык таҥныҥ.
  • Таһырдьа тахсыах иннинэ, сиэркилэҕэ көрүн.
  • Уулуссаҕа эр киһи дьахтарын уҥа өттүгэр иһиэхтээх.
  • Суол быраабылатын тутуһа үөрэниҥ, оҕолоргутун үөрэтиҥ.
  • Суолу туоруурга оҕону илиититтэн кытаанахтык сиэтэн, ыксаабакка туорааҥ.
  • Бэйэтин убаастанар эр киһи оптуобуска туран эрэн айанныыра хайҕаллаах быһыы.
  • Ыраах айаҥҥа бэйэ-бэйэни убаастаһан, уларсыһан олорон айанныыр сылаата суох.
  • Оптуобустан төрөппүт урут түһэн оҕотугар илиитин биэрэн, эбэтэр көтөҕөн түһэриэхтээх.
  • Уулуссаҕа силиҥ кэллэҕинэ, уурунаҕа эбэтэр суолтан туораан киһи сылдьыбат сиригэр силлээ-хаахтаа.
  • Кумааҕыны, бөҕү уурунаҕа бырах эбэтэр сиэпкэр илдьэ сылдьан кэлин быраҕа үөрэн.
  • Билэр киһигин көрүстэххинэ, тохтоон туран дорооболос, кэпсэт, ыксыыр буоллаххына, бырастыы гынарыгар көрдөс.
  • Билбэт киһиҥ суолу, аадырыһы ыйыттаҕына, бастаан дорооболос, онтон тиэтэйбэккэ туран быһааран биэр.
  • Дьахтар, оҕо, тарпат дьон ортолоругар табахтыырыҥ культурнайа суоҕуҥ уонна бэйэҕин улаханнык сананаргын көрдөрөр.

«Эҥсиэли», 1994 с.