ЭР КИҺИ КЭРГЭНИГЭР СЫҺЫАНА
- Эр киһи кэргэнигэр сарсыарда ахсын: «Үтүө сарсыарданан!» – диэн уһуктуохтаах уонна сүүһүттэн сыллаан ылыахтаах.
- Ааҥҥа киирэргэ-тахсарга кэргэнигэр аанын аһан-сабан аһарыахтаах.
- Дьиэҕэ киирэргэ эр киһи кэргэниттэн биир кирилиэһи аллараа иһиэхтээх, оттон тахсарга биир кирилиэһи уруттаан түһүөхтээх.
- Оҕолорун ийэни убаастыырга, көмөлөһөргө үөрэтиэхтээх, уол оҕоҕо холобур көрдөрүөхтээх.
- Эйигин хайҕаатахтарына кэргэниҥ үтүөтүн умнарыҥ – бэрдимсигиҥ бэлиэтэ.
- Кэргэниҥ тугу, ханнык сибэккини, дьүһүнү сөбүлүүрүн билэриҥ – болҕомто туоһута.
- Эр киһи кэргэнигэр бириинчиктиэ суохтаах, ол оннугар көмөлөһөрүҥ ордук.
- Кэргэҥҥин атын дьоҥҥо холуннаран кэпсиириҥ таҥнарыы буолар.
- Кэргэҥҥэр хаһан баҕарар сибэкки бэлэхтиириҥ үөрүүлээх дьыала.
- Кэргэниҥ сыыһатын хаһан да оҕолорго кэпсээн, түһэн биэримэ.
- Кэргэниҥ кыыһырбыт кэмигэр алҕаскын түргэнник бырастыы гыннар, сүбэлэс.
- Эр киһи кэргэнин атын дьон тылыттан көмүскэһэр эбээһинэстээх.
- Оҕону бары өттүнэн сайыннарарга дьоҕургун, өйгүн-санааҕын уур.
- Аһаан бүтээт, махтанаргын умнума.
- Дьиэҕэр хойутаан кэлэргин, хоноргун төлөпүөннээҥҥин, суругунан биллэрэн дьоҥҥун уоскут.
- Атын дьоҥҥо кыыһырбыккар кэргэн буруйа суох.
- Тапталыҥ күүһүн кистээбэккэ, аһаҕастык билинэриҥ эрэли үөскэтэрин умнума.
- Эр киһи холку, дириҥ өйдөөх буоларга дьулуһуохтаах.
- Буруйун урут билинэн, эр киһи этиһиини таһаарыа суохтаах.
- Оптуобустан тахсаргар, урут түһэн кэргэҥҥэр илиигин биэрэн өйөөн түһэр.
- Кэргэҥҥэр нарын-намчы тылынан кэпсэтэн үөрдэ сырыт.
- Дьиэ үлэтигэр көмөлөһөргүн өрүү умнума.
ДЬАХТАР КЭРГЭНИГЭР СЫҺЫАНА
- Кэргэниҥ олоҕун сыалын ситиһэригэр көмөлөс.
- Ханнык баҕарар үлэттэн толлубатыгар сүбэлээ, ырыаны таптыырга уһуй.
- Кырдьаҕас, кыаммат дьоҥҥо көмөлөһөрүн ситис.
- Олоххо үөрүүнү, хомолтону тэҥҥэ үллэстэргэ үөрэт.
- Кэргэниҥ итэҕэйэн эппит кистэлэҥин искэр тут.
- Кэргэниҥ үлэтигэр бэйэтиттэн көҥүлэ суох орооһума.
- Кэргэниҥ санаатын мэлдьи өрө көтөх, хайҕаа, хорсунугар эрэн.
- Дьиэ-уот ыраас, бэрээдэктээх буоларыгар кыһан.
- Аһыыр аһа минньигэс, битэмииннээх буоларын ситис.
- Кэргэниҥ интэриэһин үөрэт, усулуобуйата оҥор.
- Сылайбыт кэмигэр холкутук сынньанарыгар кыһан.
- Таҥаһа, утуйар таҥаһа ыраас уонна дьонтон итэҕэһэ суох буолуохтааҕын умнума.
- Күнүс эбиэт кэнниттэн 10-15 мүнүүтэ утуйан ыларыгар сүбэлээ.
- Кыыһырарыҥ оннугар өс хоһоонунан үгэргээн кэбис.
- Олоххо, үлэҕэ, оҕону иитиигэ сөптөөх кинигэлэри, сурунааллары ааҕарын ситис.
- Үчүгэй киһи дьоҥҥо үчүгэй өрүтүн, куһаҕан киһи мөлтөх өрүттэрин бэлиэтии көрөрүн өйдөт.
- Дьон итэҕэһин бырастыы гынарыгар сүбэлээ.
- Дьиэ кэргэнигэр халыҥ хахха, суон дурда, дьоһуннаах аҕа баһылык буоларыгар баҕар.
ДЬИЭҔЭ-УОККА ДЬОНУ ЫАЛДЬЫТТААҺЫН
- Кэлбит ыалдьыты үөрэ-көтө ааҥҥа көрүс, төбөнү тоҥхох гынан дорооболос (дьахтарга илиигин бэриллиэ суохтаах, гигиеничнэйэ суох).
- Ыалдьыт дьахтар сонун ыйыырыгар көмөлөс.
- Ыалдьыт атаҕын сынньатарыгар тапочка бэриллэр.
- Урут кэлбит ыалдьыт сонунун болҕойон истиҥ.
- Өйдөөх эппиэти ылыаххын баҕарар буоллаххына дуоспуруннаахтык ыйыт.
- Кырдьаҕас уонна орто саастаах ыалдьыты аҕатын аатынан ааттаан, убаастаан кэпсэт.
- Ыалдьыт интэриэһин тардар эрэ темаҕа кэпсэт.
- Мөккүөрдээх боппуруостартан биллибэтинэн аралдьытар ордук.
- Аһыы олорон остуолтан антах хайыһан платоккар сөтөлүн, ытырт уонна бырастыы гыннар.
- Дьиэлээхтэр ыалдьыт таҥаһынааҕар боростуойдук таҥнан көрсүөхтээхтэр.
- Ыалдьыт кэлбитигэр ис сүрэхтэн махтанан баран, өссө да кэлэ сылдьарыгар баҕара хаалыҥ.
- Ыалдьыты аан боруогун нөҥүө туран атаарыа суохтааххын.
- Аһыы олорон биилкэнэн, быһаҕынан, илиигинэн далбаатанан кэпсээмэ.
- Салфетканан аһыы олорон муннугун соттума, ол оннугар уоскун аргыый оботторон сотун.
- Ас уҥуоҕун, тобоҕун кыра тэриэлкэҥ кытыытыгар ууран ис.
ДЬИҤНЭЭХ УОЛ ХАЙДАХ БУОЛУОХТААҔЫЙ
- Кыыһы көрө түһээт, сыстаҥныыр, кууһа сатыыр уолтан бэрт түргэнник тэйэ барарыҥ ордук.
- Биэчэргэ, үҥкүүгэ айаҕа арыгы сыттаах уол арыгыны сөбүлүүрэ саарбаҕа суох.
- Кыраҕа да өһүргэс, кыыһырар уол бэрдэ суох кавалер.
- Олоххо оттомо суох уол тас көрүҥэ муодунай буола сатааччы.
- Бэйэтин эрэ кэпсэнэр уол кыыс дууһатын туппат.
- Кыыһыгар сибэкки бэлэхтээбэт эдэр киһи – кэччэгэйиттэн.
- Уол оҕо майгыта үксүгэр аҕатыттан.
- Табаҕы тардааччы уол арыгыттан да аккаастанааччыта суох.
- Дьон хайгыыр эдэр киһитэ оруннаах буолааччы.
- Иннин көрүммэт уол үөрэххэ, идэҕэ тардыспат.
- Өйдөөҕү кытта олорор олоххо чэпчэки, үйэлээх.
- Дьиҥ эр киһи муоданы эккирэппэт, үлэлиирин ордорор.
- Билиитин-көрүүтүн сайыннарбат, ол оннугар муоданы эккирэтэр уол чэпчэки, содур майгылаах уонна сүрэҕэ суоҕа көстөр.
- Хаһыаты, сурунаалы интэриэһиргээбэт уол олохтон хаалыылааҕа биллэр.
КЭРЭ КЫЫС ДИЭН КИМИЙ?
- Наһаа кырааскалаах, тыҥыраҕа уһун кыыс үлэтигэр хойгур буолааччы.
- Баттаҕын арбатар, атаҕын таҥаһа кирдээх кыыс чанчарыгын бэлиэтэ.
- Ис киирбэҕэ суох таҥнар кыыс дьиэтигэр да оннук буолара чахчы.
- Балыстарын, бырааттарын көрөр-харайар кыыс эйэҕэһэ биллэр.
- Эдэр сааһыттан тиктэр, баайар кыыс дьоҕурдааҕа көстөр.
- Хоһо, ыскааба бэрээдэктээх кыыс ыһыллаҕаһа суох.
- Ханнык да үлэттэн куттаммат кыыс сүрэхтээҕин туоһута.
- Кырдьаҕаһы убаастыыр кыыс эйэҕэс майгылааҕын бэлиэтэ.
- Уолаттарга бэйэтинэн сыстаҥныыр кыыс бөрүкүтэ суоҕа биллэр.
- Табахтыыр, арыгыны иһэр кыыс иитиитэ суоҕуттан
- Үөрэххэ, үлэҕэ тардыспат кыыс чычырбас өйдөөҕүн туоһулуур.
УУЛУССАҔА БЭЙЭНИ ТУТТА СЫЛДЬЫЫ
- Ханна эмэ бараргытыгар, күнүттэн көрөн ичигэстик, ыраастык таҥныҥ.
- Таһырдьа тахсыах иннинэ, сиэркилэҕэ көрүн.
- Уулуссаҕа эр киһи дьахтарын уҥа өттүгэр иһиэхтээх.
- Суол быраабылатын тутуһа үөрэниҥ, оҕолоргутун үөрэтиҥ.
- Суолу туоруурга оҕону илиититтэн кытаанахтык сиэтэн, ыксаабакка туорааҥ.
- Бэйэтин убаастанар эр киһи оптуобуска туран эрэн айанныыра хайҕаллаах быһыы.
- Ыраах айаҥҥа бэйэ-бэйэни убаастаһан, уларсыһан олорон айанныыр сылаата суох.
- Оптуобустан төрөппүт урут түһэн оҕотугар илиитин биэрэн, эбэтэр көтөҕөн түһэриэхтээх.
- Уулуссаҕа силиҥ кэллэҕинэ, уурунаҕа эбэтэр суолтан туораан киһи сылдьыбат сиригэр силлээ-хаахтаа.
- Кумааҕыны, бөҕү уурунаҕа бырах эбэтэр сиэпкэр илдьэ сылдьан кэлин быраҕа үөрэн.
- Билэр киһигин көрүстэххинэ, тохтоон туран дорооболос, кэпсэт, ыксыыр буоллаххына, бырастыы гынарыгар көрдөс.
- Билбэт киһиҥ суолу, аадырыһы ыйыттаҕына, бастаан дорооболос, онтон тиэтэйбэккэ туран быһааран биэр.
- Дьахтар, оҕо, тарпат дьон ортолоругар табахтыырыҥ культурнайа суоҕуҥ уонна бэйэҕин улаханнык сананаргын көрдөрөр.
«Эҥсиэли», 1994 сыл