Өрөбүл күннээҕи ааҕыы: Дьыл кэрдиис кэмэ

СААС. Сааскы кэми 5 кэрчиккэ араараллар: 1. Бэлиэтээһин. 2. Хаар ууллуута. 3. Саас уһуктуута. 4. Саас үгэнэ. 5. Сайын иннинээҕи кэм. Ол аата кулун тутар 17 күнүтэн муус устар 20 күнүгэр диэри – бэлиэтээһин дэнэр.

ХААР УУЛЛУУТА – суол алдьаныытыттан хаар ууллан бүтүөр диэри кэм. Муус устар 20 күнүттэн ыам ыйын 6 күнүгэр диэри кэм.

СААС УҺУКТУУТА – ньургуһун үүнүүтүттэн хатыҥ сэбирдэҕэ тыллан ситиэр диэри, ыам ыйын 6 күнүттэн ыам ыйын 25 күнүгэр диэри кэм.

СААС ҮГЭНЭ – хатыҥ сэбирдэҕэ тыллан ситиэҕиттэн сарбынньах ыарҕа сибэккилэниэр диэри, ыам ыйын 25 күнүттэн бэс ыйын 3 күнүгэр диэри кэм.

САЙЫН ИННИНЭЭҔИ КЭМ – бэс ыйын 3 күнүттэн 11 күнүгэр диэри, дөлүһүөн сибэккилэниэр диэри.

САЙЫН ҮС КЭРЧИККЭ ҮЛЛЭҺИЛЛЭР.

1.Сайын саҕаланыыта. Дөлүһүөн сибэккилэниэҕиттэн сайын саҕаланар. Бэс ыйын 14 күнүттэн от ыйын 12 күнүгэр диэри.

2. Сайын үгэнэ – кэҕэ этэрэ уурайар. От ыйын 12 күнүттэн атырдьах ыйын 2 күнүгэр диэри кэм.

3. Сайын намтааһына – атырдьах ыйын 2-14 күннэригэр диэри.

“Эҥсиэли”, ыам ыйын 28 к., 1994 с.