Өрөбүл күннээҕи ааҕыы: Өбүгэлэр алгыстарын кэстэххэ

Бырдьа Бытык

Кыырык Түһүмэх,

Күндүл Чаҕаан

Хатан Суотуйа,

Ылгын Эрбийэ

Тойон Эһэм!

Аһаа-сиэ,

Мичик аллай! – диэн алҕаан, ас амтаннааҕын, утах уохтааҕын айах тутан, былыр-былыргыттан уот эһэлэрин көрдөһөн, күндүлээн аһаттахтарына туттар улуу тыллара.

Мин эһиэхэ биир кэдэрги санаалаах, чэпчэки олоххо олорон ааспыт киһи туһунан кэпсээбиттэрин ахтыам этэ.

Биир сопхуос охотоведа Уйбаан Уоһукабыс, кинини кытары сылгыһыт Хабырыыс уонна оройуон дьоно, Оруос Бааската уолунаан, үүтээннэргэ от бэлэмнииргэ кэпсэтэн, Кырдьаҕас эбэ киэҥ дуолугар от охсубуттара бу бүгүн иккис күннэрэ. Күһүн эбэ тула оттоммут буолан үүнүүтэ үчүгэй, бүгүн охсон бүтэн, сарсыҥҥыттан хомуурга барыахтаахтар.

Киэһээ сирдэрин бүтэрээри туран, Оруос Бааската үлэ бүтүүтүгэр тиийиэ суоҕуттан ойуур саҕатыгар тахсан ыстаанын сулбурутан, кумаартан куоттаран, от быыһыгар кэннин анньан тахсан киирэ олордо. Кумаар буорунан ыспыт курдук буола түстэ. Киһи ыксаата, хаһан да тыа үлэтигэр үлэлээбэтэх, кумаар диэни билбэтэх буолан, соттор бокуойа суох, ыстаанын сэрэнэн өрө тардынан, аҥаар илиитинэн саҕатыттан туппутунан үүтээнигэр доодос гынан хаалла.

Үүтээн иһигэр киирээт, ол-бу диэки көрөөт, сиэбиттэн кумааҕытын таһааран, ыстаанын сулбурутан кэннин сотунна уонна кумааҕытын умайа турар оһох уотугар: «мэ, уот эһэм, бу да астан тахсыбыт ас буоллаҕа», – диэт бырахта. Уот эрэйдээх эбээһинэһин курдук, кумааҕыны туохтааҕын да араарбакка, күлүм гыннарда.

Ол турдаҕына охотовед Уйбаан:

— Хайа, бу туох буолаҥҥын ыстааҥҥын тардынныҥ? – диэбит.

— Ээ, кумаардар киһини сүгүн кэннин да сотуннарбаттар, ону ити соттон… – сороҕун эппэккэ уурайан хаалбыт. Уйбаан сонно таайбыт, кумааҕытын уокка бырахпытын уонна иһигэр «чэ бээ, онтуҥ туох буолан тахсар, кэһэйэриҥ буолуо» дии санаабыт.

Ол онон ааспыт. Киэһээ аһаан-сиэн сыппыттар. Ону-маны кэпсэтэ сыттахтарына, арай, эмискэ дьиэлэрин үрдүгэр туох эрэ лүһүгүрээбит. Туох эрэ тыастаах баҕайытык дьиэ үрдүгэр «лис» гына түспүт. Ону кытта тэҥҥэ ыттар, сорох дьиэттэн, сорох таһырдьаттан, ойон туран ардырҕаһа-ардырҕаһа үр да үр буолбуттар. Дьиэлэрин аана эркин ньиргийиэр диэри тиэрэ аһыллыбыт.

Ыттар үүтээҥҥэ ойон киирбиттэр да, ороннор анныларынан, үрдүлэринэн, остуол аннынан, оһох кэннинэн түһүөлэһии, тугу эрэ тутардыы хабыалаһыы бөҕөтө буолбуттар. Дьон, дьэ, ыксаабыт, таҥна охсон туох да саҥата суох анньыһа-анньыһа таһырдьа ойуоласпыттар. Ыттар тилэх баттаспытынан тахсан тугу эрэ «көстүбэти» күөйэр-хаайар икки ардынан ойуур диэки түһэрэ турбуттар.

Дьэ ыксал, туох ааттаах көстүбэт өлүүтэ буулаабытын билбэккэ, мух-мах буолан таалан турдулар. Охотовед Уйбаан тугу да гыныан быһаарбакка, хараҕын тиэрэ көрөн:

— Эн үөнүҥ батымына, ол-бу буолаҥҥын, дьэ, ити баар, бэринньэх киһи аһата оонньообутуҥ, – диэбит Оруоска.

— Чэ, манна түүнү быһа туруохпут дуо? Таһырдьа балаакка тардынан сытан көрүөҕүҥ, – диэбит Хабырыыс.

Балааккаларын ампаар муннугар эҥэрдээн туруоран, дьиэттэн таҥастарын таһааран, миэстэлэрин оҥостон сыппыттар. Оруос Баһылайа кута-сүрэ тостон, кубарыйа өлөн баран бөтүөхтүү-бөтүөхтүү ынчыктыы сыппыт. Саҥардыы нус-хас буолуулара, эмискэ ыттар сүүрэн кэлбиттэр да, балааканы тула ар-бур дэһэ-дэһэ, дьиэ диэки баран иһэннэр төннөн кэлэннэр балаакаҕа сөрүөстэ сылдьан, аҥаарын суулларан түһэрбиттэригэр, дьон ыксаан таһырдьаны былдьаһан ампаар муннугар бөлүөхсэн турбуттар. Ыттар эмиэ били «көстүбэттэрин» кытта охсуһа-охсуһа ойуурга тахсан бардылар.

— Дьэ, табыллыбат дьон буоллубут, бара охсуохха, – диэбит Уйбаан.

— Чэ, Оппуос, аттаргын аҕал, улахан сиэтин, барыахха, ыалдьаары да гынным, – диэт, иһин хам туттан Оруос ампаар боруогар олорунан кэбистэ. Аттарын аҕалан, ыҥыырдаталаан, малларын хомунан барардыы оҥоһуннулар. Оруостара сирэйэ-хараҕа өлбөөдүйэн, кумааҕы курдук буолан, хараҕын нэһиилэ көрөн, бөтүөхтүү олорорун уола сиэтэн аҕалан, атыгар нэһиилэ бэйэтин уйуттубат буолбут киһини үтэн таһааран олордубут.

Бу тухары ким да тугу да саҥарбата. Эбэттэн айан суолун төрдүгэр киириигэ ким даҕаны кэнникилиэн баҕарбакка, бары инники түһэ сатаатылар. Арай, бу аньыылаах айдааны тэрийбит Оруос Баһылайа аны хайыыр да кыаҕа суох буолан, ыҥыыр үрдүгэр нэһиилэ иҥнэн испит. Аттар даҕаны сирэйдэрэ-харахтара туран, дьигиҥнии истилэр. Айахтарын кыайа туттарбаттара буоллар, окко-маска сабыа эбиттэр.

Түүҥҥү сөрүүҥҥэ балайда айаннаан, Хаҥсыаҕа тиийэннэр, аттарын уоскутаары тохтоон, киһилэрин түһэрэн, күөх хонууга сон тэлгээн сытыаран тыын ыллардылар. Сөтөллүбүтүгэр айаҕынан хаана халыс гына түспүт. Туох да эмп-томп суох эбит. Ыксаан, күөлтэн уу баһан таһааран төбөтүн, сирэйин уунан соппуттар. Киһилэрэ арыый тыын ылан, чэпчээбитигэр эмиэ айаннаабыттар.

Дьэ оннук, киһилэрин оҕолуу-оҕолуу, бэрт өр айаннаан Эбэҕэ кэлэн, сонно медпууҥҥа тохтообуттар. Киһилэрэ укуол ылан арыый кэҥэппит. Ол да гыннар, аҕыйах сылынан бу кырдьаҕас онон үргүлдьү хотторон, наар ыалдьар, хаана барара тохтообокко быстаахтаабыт.

Бу туһунан кэпсээбит охотовед  Уйбаан кэпсиир да кэмигэр наһаа саллыбытын, сир-дойду күүстээх да буоларын сөҕөрө. Былыр-былыргыттан туттуллар сиэрдээх тылы-туому, бэлэҕи, быстах санааттан кэһии хайдахтаах курдук аньыытын, охсуулааҕын, онтон кэлэйбитин этээхтээбитэ.

БИТ МИИТЭРЭЙ

Читайте дальше