Өрөбүл күннээҕи ааҕыы: Өбүгэлэрбит мээрэйдэрэ

Быа көс – 10 км тэҥ.

Сатыы көс – 8 км тэҥ.

Ат көһө – атынан күн айаннааһын (40 км тэҥ).

Муоһа устата – 8 былас өтүү.

Өтүү устата – өтүү 5 былас.

Көнтөс – 3 былас быа.

Ынах быата – 2 былас быа

Былас – икки илиини быластыы тутуу.

Атыл – улахан киһи хардыыта (ол 80 см тэҥ).

Хардыы – атылы кытта тэҥ.

Ыллар хардыым – биир улахан атыл, миэтэрэҕэ тэҥ.

Сүөм – сөмүйэни уонна эрбэҕи төһө атарынан аччаччы тутуу кэмэ.

Муҥур сүөм – сөмүйэ ортоку сүһүөҕүн өҕүллүүтэ, ол 40-50 мм.

Кыра сүөм – сөмүйэ үөһээҥи сүһүөҕүн өҕүллүүтэ, ол 20 мм тэҥ.

Тутум – түөрт тарбаҕы үрдүгүн сутуруктуу туппут саҕа, 8 см тэҥ.

Уһуктаах сүөм – тойон эрбэх уонна сөмүйэ тарбах ууннары тутуллубута, ол 15 см тэҥ.

Харыс – тойон эрбэх уонна орто тарбах ууннарыллыбыта, ол 20 см тэҥ.

Ыллар харыс – 25 см тэҥ.

Тарбах саҕа – илии тарбаҕын суона.

Кыл имэрийэ – тэҥ сыһа.

Кэрдииһинньик

Өбүгэлэрбит хаалларбыт ньымаларынан саха күнү-дьылы ааҕар кэрдииһинньигин оҥостор кыахтаах дьоммут.

Саха кэрдииһинньиктээҕэр буолуоҕу бэйэтэ оҥостор кыахтаах. Туох баар дьиэ малын: остуолу, ыскаабы, олоппоһу, иһити: туос ыаҕастары, чабычахтары, туой чугууннары, мас хамыйахтары, кытыйаны (балар билиҥҥи маҕаһыын иһиттэринээҕэр быдан гигиеничнэйдэр); таҥаһы: истээх, түүлээх соннору, бэргэһэлэри, түнэ этэрбэһи, үтүлүгү; туттар тэрили: дуганы, салаасканы, хомууту, тирии быалары о.д.а.

Быһата, саха олоҕор туох баары барытын бэйэтин илиитин иһиттэн таһаарар кыахтаах омук. Өбүгэлэрбит үс тыһыынча сыл биир харчыны туттубакка олорон-сайдан кэлбиттэрэ да туоһулуур. Ону наар атыылаһа үөрэнэн, үгүс дьоҕурбутун, кырдьык, сүтэрдибит.

Чараас бэс хаптаһыны икки өттүн устуруустанар, кээмэйэ 40х14 см, көнө муннуктаах үрүҥ хаптаһын. Сыыппаралар, төгүрүктэр туора-маары суруллубуттарын иһин уһаты уонна туруору харандааһынан сурааһыннары тардыллар. Оччоҕо сыыппаралар, хайаҕастар бары сурааһын квадратыгар түбэһэллэр.

Ый хонугун сыыппаралара, ол аннынан төгүрүктэр харандаас суонун саҕалар (6 мм) курдаттыы чураапчыгынан үүттэммит хайаҕастар. Онно синньигэс быалаах уһуктаах маһы, күн аайы сарсыарда тураат. Хайаҕастан хайаҕаска көһөрөн иһиллэр.

Кэрдииһинньиккэ нэдиэлэ күнэ, ый, сыл суруллубат. Хайа баҕар ыйга, сылга эргиччи туттулла турар. Манныгы мин эрдэ оҥостубутум. Үөрэниэххэ, ити быһа тардыллар кумааҕы чыыһылынньыктааҕар быдан ордук. Барыта көстөн турар.

Былыр адьас кыра саастаахпар Төгөккө оҕонньор төгүрүк кэрдииһинньигин көрбүтүм. Тугун билбэт этим. Ону быйыл өйдөөн, ырытан көрөн, дьэ, биллим. Киниэнэ элбэх хайаҕастааҕа, быыччык элбэх бэлиэлээҕэ, кими да онно чугаһаппат этэ.

Бэйэтэ эрэ таҥараҕа үҥүөн иннинэ хаамтарара, маһын көһөрөн иһэрэ. Кэрдииһинньиги төгүрүк да оҥоруохха сөп. Оччоҕо сыыппаралар икки эргииргэ (ис, тас эргииргэ) суруллуохтаахтар. Биир эргииргэ баппат. Мин санаабар, түөрт муннуктааҕа ордук.

Нэдиэлэ хайа күнүн уопсай халандаартан көрүллэр. Маны сорохтор телестудияҕа быһааран кэпсээ, уустуга бэрт диэбиттэрэ да, эккирэтиһиэххэ түбүгэ бэрт. Хаһыаппар ыыппытым быдан судургу дии санаатым. Ити быһаарыыттан ааҕааччы өйдүө диэн эрэнэбин.

Афанасий ПРОКОПЬЕВ, «Эҥсиэли», ыам ыйын 28 к., 1994 с.