Кэлиҥҥи кэмҥэ саха төрүт культуратын, өбүгэлэр үгэстэри үөрэтии, араас биттэр, билгэлээһиннэр, аньыылар тустарынан сэҥээрии ханна баҕарар тэнийэн эрэр. Төһө да сайдыылаах олоххо олорбуппут иннигэр, саха буоларбытын умнуо суохтаахпыт.
Былыргы сиэри-туому тутуһуу туох да куһаҕаны оҥоруо суоҕа дии саныыбын. Итинэн сибээстээн, урут да, билигин да тутуһуллар биттэр, билгэлээһиннэр, аньыылар тустарынан тугу истибиппин, билбиппин эдэр дьоҥҥо, аныгы ыччакка анаан суруйарга сананным. Мин бу бэлиэтээһиннэрбэр хаһыат атын ааҕааччылара эбэн, тупсаран биэриэхтэрин эмиэ сөп.
Кыра оҕоҕо сыһыаннаахтар
- Дьиэлээх дьахтар төрөөн таҕыстаҕына эбэтэр оҕо атын дьиэҕэ кэллэҕинэ, оһох күлүттэн тарбах сүрэҕэр баттаан аҕалан оҕо сүүһүгэр аҕыыллар – этэҥҥэ буоллун диэн.
- Оҕо хараҕын көрө сылдьан ытыыр уонна ытыырыгар сымыһаҕа ибигириир буоллаҕына – ол оҕо ытанньах буолар бэлиэтэ.
- Оҕо уллуҥаҕа толору эттээх, күүскэ оборон эмэр, эрчимнээхтик ытыыр буоллаҕына – “көр, бу урааҥхай киһи буолсу” диэн сылыктыыллара.
- Кыһыл оҕо дьулайа наһаа киэҥ, сэниэтэ суох эмэр, өрүү ытыыр буоллаҕына – иринньэх оҕо бэлиэтэ.
- Оҕо ыйын туолла да ийэ баттаҕын кырыйан, киинин көрдөөн ылан кичэйэн суулаан уураллара. Оччоҕуна оҕо этэҥҥэ, үчүгэйдик улаатыахтаах.
- Үчүгэй туруктаах оҕо ытаа да ытаа буоллаҕына – бу оҕо атаҕырҕаата, ыраахтан киһи кэлээри гынна диэн сылыктыыллара.
- Хаама илик оҕо ийэтэ ыарахан буоллаҕына – бу оҕо оҕоҕо баттаппыт диэн буолара.
- Оҕону мээнэ дьоҥҥо көрдөрө сылдьыбаттар – дьон хайҕаан, ымсыыран быһа этэн кэбиһиэхтэрэ диэн.
- Оҕо оһоххо кэлэн тарбахтарын саратан итиннэҕинэ – тымныы түһэрин бэлиэтэ.
- Кырдьаҕас киһини оҕо көрө-көрө эйэргээтэҕинэ – өтөрүнэн өлбөтүн чинчитэ.
- Тииһиир оҕо түспүт тииһин ылан аска бөрөөн ыкка сиэтэллэрэ — ыт курдук бөҕө тиистээх буол диэн.
- Өбүгэлэрбит оҕону атах сыгынньах сайылаталлара – Ийэ сир оҕо дьаҥын-дьаһаҕын тартын диэн.
- Өлүү-сүтүү, дьаҥ-дьаһах сууйулуннун диэн оҕону сайыҥҥы этиҥнээх ардахха сытыйыар диэри сырытыннараллара.
- Оҕо бааһын хаҕын, бэрэбээскитин оҕо бааһа бэргиэ диэн оһоххо, уокка бырахпаттара.
- Оҕо иигин, сааҕын бааһыран барыа диэн уокка хаһан да бырахпаттар.
- Тыллана илик оҕоҕо сиэркилэни көрдөрбөттөр – бэйэтин көрөн кыраныа диэн.
- Тыла суох икки оҕону утары көрүһүннэрбэттэр – бэйэ-бэйэлэрин кыраһыахтара диэн.
- Остуол нөҥүө оҕону кимиэхэ эмэ биэрбэттэрэ – ыал буолбут ытык малы убаастаабат көстүү быһыытынан.
Дьахтар аймахха сыһыаннаахтар
- Ыарахан дьахтарга быртаҕырар диэн булт тэрилин атыллаппаттара.
- Ыарахан дьахтарга балыгы, сымыыты сиэппэттэрэ – оҕо балыктааҕар кэлэҕэй, сырааннаах, сымыыт курдук (сыппах, бытаан, мөлтөх өйдөөх) буолуо диэн өйдөбүллээх.
- Ыарахан дьахтар уп-уһун сабынан иистэнэрин эмээхситтэр «талыыҥ уһуо» диэн буойаллара.
- Былыр дьахтар кэнэҕэскитин онно-манна бырахпакка, сиргэ-буорга булкуйбакка, күөх окко суулаан көмөн кэбиһэллэрэ – оччоҕуна этэҥҥэ кэмигэр үтүөрүөхтээх, ыччата доруобай буолуохтаах.
- Былыр оҕоломмут дьахтар 40 хонукка суунуо суохтаах – этэ-сиинэ аһаҕас, тымныйара түргэн буолуо диэн сылыктаан.
Элбэх үүттээх дьахтар оҕото тото аһаабытын кэннэ ордубут үүтүн мээнэ ыһыа-тоҕуо суохтаах, аньыы буолар диэн. Ону тэҥэ, үүтэ тоҕу түһэр диэн үүттээх дьахтары мээнэ кыыһырдыбаттар эбит.
- Уота-күөһэ умайан биэрбэт, күөһэ-аһа буһа охсубат дьахтары — күтүр, оттон уотун умайыыта, күөһүн буһуута түргэн дьахтары былыргылар эйэҕэс, сымнаҕас дьахтар буолсу диэн сылыктыыллара үһү.
- Бурдук эбэтэр үрүҥ аһа табыллыбат дьахтар – ол санааҕа-онооҕо ылларбытын бэлиэтэ эбэтэр ыалдьыахтааҕын битэ.
- Чэпчэки илиилээх дьахтар сүөһүтэ-аһа торолумтуйуо, үүнээйитэ силигилии үүнүмтүө, үбэ-аһа, баайа-дуола тардыылаах буолумтуо диэн былыргылар тойоннууллар эбит.
- Дьиэтиттэн сүктэн барар кыыс дьахтар кэннин диэки хайыһыа суохтаах, оччоҕуна этэҥҥэ сылдьыахтаах, олоруохтаах.
- Саҥа сүктэн тиийбит кийиит дьахтар кэргэнин дойдутун сирин-уотун, отун-маһын, уутун-хаарын сэнэбиллээхтик саҥарыа суохтаах.
- Дойдутуттан наһаа уһуннук тэлэһийбит дьахтар төрөөбүт сиригэр төннүө суохтаах эбэтэр сирин-уотун үчүгэйдик аһатан эрэ баран кэлиэхтээх.
Дьиэҕэ-уокка сыһыаннаахтар
- Ыал бастакы оҕото кэргэннэнэн, үчүгэйдик табыллан олорор буоллаҕына, атын да оҕолорун олохторо эмиэ этэҥҥэ буолар диэн биир дьикти билгэ баар.
- Дьиэттэн киһи өлөн таһаарылыннаҕына, дьиэни-уоту сууйан-сотон, хомуйан кэбиһээччилэр. Оттон дьиэттэн биир эмэ киһи ыраах айаҥҥа бардаҕына, ол күн дьиэни хомуйбаттар.
- Атын дьиэҕэ көһөр буоллахха, көспүт дьиэҥ улахан бөҕүн эрэ хомуйуллуохтаах, дьиэни кылбаччы сууйуллубат.
- Саҥа дьиэҕэ көһөн киирдэххэ, уоту хайаан да аһатыллыахтаах. Аныгылыы оһоҕо суох дьиэ буоллаҕына, дьиэ түөрт муннугар ас кутан аһатар үтүө үгэстээх эбиттэр. Былыргылыы уус-уран алгыһы билбэт аныгы дьон саҥа дьиэҕэ киирэллэригэр, быһа холоон маннык ис хоһоонноохтук алгыахтарын сөп: “Алаһа дьиэм иччитэ амтаннаах аһынан айах тутан аһатан эрэбин. Үөр-көт, дьоллоох-соргулаах олохто тосхой, араҥаччылаа…” о.д.а. Үгэс курдук саха төрөөбүт төрүт аһынан – арыылаах алаадьынан, кымыһынан, саламаатынан аал уоту аһатар куолу.
- Дьахтар ыалтан иннэ уларсар эбэтэр бэйэтэ биэрэр буоллаҕына, сулумахтыы буолбакка, хайаан да саптаан баран бэриллиэхтээх эбэтэр ылыллыахтаах. Оччоҕуна бу ыаллар өрүү ылса-бэрсэ эйэлээхтик олоруохтаахтар.
- Былыргылар эдэр киһиэхэ очоҕоһуҥ баайыллыа диэннэр кутуллубут хаан баайыытын сиэппэттэрэ. Саамай кырдьаҕас киһи эрэ сиир буолара.
- Кырдьаҕастар баастарын чэрэ кыһыйдаҕына эбэтэр илиилэрин-атахтарын дьарҕата көптөҕүнэ, сотору былыт кэлэр диэн сылыктыыллара.
- Киһи мунна кыһыйдаҕына, итирик киһи кэлээри гынар бэлиэтэ.
- Ытыс кыһыйдаҕына, хамнас ылыы эбэтэр сурук тутуу билгэтэ.
- Уруу буолар күнүгэр хаар дуу, самыыр дуу түстэҕинэ, баай-дуол олохтоох ыал буолсулар, быйаҥ бөҕөтө түстэ диэн үөрэллэрэ-көтөллөрө.
- Ыччаты, этэҥҥэ олорор ыалы, ханнык баҕарар киһини, оннооҕор сүөһүнү мээнэ ордугургуур, хайгыыр, ымсыырар сыыһа быһыы. Итинниктэр быһа этэн кэбиһиэхтэрэ диэн аньыырҕааһын буолар.
- Куоска икки атаҕар туран чарбачыстаҕына “ат баайан эрэр, ыраахтан ыалдьыт кэлээри гынна” диэн билгэлииллэр.
- Куоска салан да салан буоллаҕына – мааны ыалдьыт кэлээри гынна диэн дьиэни-уоту өрө тардаллара.
- Утуйа сытар ыт түһээн үрдэҕинэ, абааһыны үрэн эрэр диэн “ыппыт ытырыык, ынахпыт кэйиик, аппыт тэбиик, бэйэбит этиһиикпит” диэн абааһыны салытыннарар, төттөрү үтэйэр үгэс баара.
Уопсайынан эттэххэ, мантан да атын үгүс биттэр, билгэлээһиннэр, араас суол аньыылар бааллар. Сиргэ-уокка, тыаҕа, айаҥҥа сылдьарга араас суол сиэр-туом тутуһуллуута үгүс. Ону үксүн биһиги умнан-тэмнэн кэбиспиппит.
Былыргы сахалар наһаа да муударай эбиттэр. Элбэх сиэри-туому тутуһан, үгүс үгэстэри олоххо кубулутан сыыһа-халты сылдьыыттан, тылтан-өстөн арааска түбэһэн, кэһэкэнэ буолан, үөрэх суоҕар үөрэх оҥостон сахалар олохторугар халбаҥнаабат төрүт сокуон курдук тутуһуллан кэллэхтэрэ.
Былыргыга холоотоххо, билигин аньыы-хара, араас сидьиҥ быһыы оҥоһуллуута наһаа элбэх. Туох да кистэл буолбатах. Табыллан олорбокко, эрдии-ойохтуу арахсыыта элбээтэ. Ыччаттарбыт үгүс өттүлэрэ арыгыны “па” диэбэт буоллулар. Бу кэлиҥҥи 50-с сыллартан ыла төрүөх дьон туох да сиэри-туому тутуспат буоллулар. Барытын сымыйарҕаан, итэҕэйбэт буолан иһэллэр. Онтукпут барыта мунньуллан, сыыйа-баайа туох эрэ охсуулаахха тиэрдэрэ дуу диэн дьиксинэбин. Биһиги уруулуу, аймах омуктарбыт узбектар, киргизтэр, казахтар да буоллун, урукку үгэстэрин сүрдээҕин тутуһаллар, ол иһин тэллэй курдук үүнэ-сайда, үксүү тураллар. Сахалар ахсаан өттүнэн киһини үөрдэр гына эбиллибэппит. Ити биир сүрүн биричиинэтинэн, былыргы сиэри-туому тутуспат буолуу, умнууга хаалларыы буолар диэхпин баҕарабын.
З. ЕГОРОВА, Нам, “Эҥсиэли”, 1993 с., алтынньы 9 к.