Өрөбүл күннээҕи ааҕыы: Оттооһун – саха дьонун өбүгэ саҕаттан үгэһэ (бүтүүтэ)

От тэрилэ уонна үлэ үөрүйэҕэ

  • Оттуур сири тупсарыы, көрүү-харайыы сорох ньымалара

Оттуур сири онно үлэлиэхтээх хас биирдии звено бэйэтэ кичэйэн, тупсаран иһиэхтээх. Улахан капитальнай оҥорууттан уратытын звено бэйэтин күүһүнэн толору тупсарар кыахтаах. Кыһынын курааны утары охсуһуу быһыытынан хаар бытааннык уулларын ситиһиини ыытыллыахтаах. Хаары типтэрэн, катоктаан чиҥэттэххэ, сааскы тыалларга хомурах күүскэ хонон, хаарын уута элбэх буолан, ходуһаҕа хаар уута иҥиитэ күүһүрэн, от маҥнайгы сиэмэтэ (үүнүүтэ) хойуутук тахсан, курааҥҥа, ичигэс, итии күннэргэ күүскэ үүнэр.

Аны уута эмискэ түһэн хаалар ходуһаларга уутун халытар наадатынан, кыра даамбалары буом-буом сирдэргэ оҥоруу улахан туһалаах, ону сөбүнэн көрөн, халлаан сылыйыытынан от үүнэр кэмигэр аһыталаан бэриллэр. Итини тэҥэ, уу хонор хотоол сирдэрин ууларын ситэ үүнэ илигинэ хорон уутун түһэрдэххэ, оннук сиргэ от өлгөмнүк үүнэр.

Өрүс арыыларыгар уу ылбат үрдүк хордоҕойдорго насоснай установкаларынан ханна кыаллар сирдэригэр ууну ыстарыы үрдүк кырдалларга да от үүнүүтүн тупсарыан сөп.

Былыр өбүгэлэрбит кураан да, угут да, ханнык баҕарар дьылларга хас сир аайы, алаастан алааска түһэр гына хорууну хороллоро. Ол билигин умнуллан, ыччат дьон соччо болҕомтоҕо ылбат буолан, сорох алаастар ууга барыылара, сорохтор кураанныыллара тахса турар.

Билигин да өйдөөн көрөр буоллар, былыргы хоруулар омоонноро баар, хайа алаас хайа диэки тардыылааҕынан көрөн хороллоро. Онно от үрэхтэртэн саас уу сүүрдэр кэмигэр көрөн, алаастарга хорон киллэрэллэрэ. Онтон салгыы атын алаастарга сөптөөх уу киирэн, халыттаҕын аайы көһөрөн иһэллэрэ.

Сири даҕаны, киһи тымырын курдук хоруу хорон, сир ийэ тымырын оҥороллоро, онон угут да, кураан да дьылы билиммэккэ, от бөҕөнү  үүннэрэллэрэ. Ити курдук, алаас дойдулаах сирдээх дьон былыргы хоруу омооннорун көрөн, урукку чөлүгэр түһэрэн, ыраастаан, хоруутун дириҥэтэн тупсаран биэрэр үлэни ыытыахтаахтар.

Сааскы хаар уутун күһүн эрдэ ыраастаммыт хорууларынан сүүрдэн алаастарга киирэн, алааһы дэхси нүөлсүтэрин ситиһиллэр. Онно аһара уу хоноору гыннаҕына, атын чугастааҕы алааска хоруутун аһан ыраастаан ыытан иһиллиэхтээх. Сири нүөлсүтүү үлэтин адьас былыргы өбүгэлэрбититтэн кэлбит биир сүрүн көрүҥүн билиҥҥи ыччат дьон умнан эрэрэ хомолтолоох.

Маны билигин баар сэрии сылларын оҕолоро, ытык кырдьаҕастарбыт, оччотооҕу кырдьаҕас аҕаларыттан эһэлэриттэн көрөн, билбит дьоммут – тыыл бэтэрээннэрэ сир-сир аайы аччаан, аҕыйаан иһэбит.  Онон оччотооҕу ыччат, билиҥҥи кырдьаҕастар, эдэр солбуктарбытыгар от үлэтигэр тугу билэрбитин барытын үөрэтэ-такайа, сүбэлии сылдьарбыт билиҥҥи ырыынак кэмигэр наада кэмэ кэллэ.

От аанньа үүммэт буолбут ходуһаларын бараналаатахха, диискэлээтэххэ, өссө ходуһаны хорутуу сири олох эдэригэр түһэрэн, от дэхситик үүнэрэ ситиһиллэр. Холобур, кыра үүнүүнү биэрэр, намыһах оттоох ходуһа балачча үүнүүлээх сэбирдэхтээх отторунан солбуллан үүнүөхт эрин сөп.

Хорутууну үүнээйи силиһэ 4-5 см халыҥнаах буорунан сабылларын курдук ыытыллар уонна буора миэлкэйдэнэн тэҥнэнэрин наадатыгар бараналаан, көннөрөн бэриллиэхтээх. Хорутууну күһүҥҥү ардахтар кэннилэриттэн, сир сииктээх эрдэҕинэ, хаһыҥнар түһэ иликтэринэ ыытар табыгастаах.

Ити курдук оҥоһуллубут ходуһаҕа уоҕурдууну киллэрэр хайаан да наадалаах. Маны таһынан куһаҕан быллаардаах, араас ыарҕа талах үүнэн эрэр уонна кыра дулҕалаах сирдэри роторнай косилканан оҕустаран, ходуһа ньуурун тупсаран, көнө буолуутун ситиһиллэр. Итинник оҥоһуллубут сири эһиилигэр илии хотуурунан охсон, өссө тупсаран баран, онтон кэлэр сылларга косилканан да оҕустарыахха сөп.

От аанньа үүммэт буолбут сорох кырдаллары  почватын көбүтэр наадатыгар бараналыыр, диискэлиир үлэ бардаҕына, эмиэ от дэхситик үүнэр. Бу барыта кыаллар суол. Итини тэҥэ, алаастар күрүөлэниилэрэ, өрүс арыыларыгар сүөһүнү киллэрбэккэ, саас эрдэттэн сылгы үөрүн, ынах сүөһүнү таһаарыы, бүтэйдэрин сабыы барыахтаах.

Өбүгэлэрбит оттонор алаастары, үрэхтэри, ходуһалары ортотунан эбэтэр от үүнэр кытыытынан да суолламматтар, хайаан да ойуурунан суолланаллар. Олор билигин да омоох суол буолан ситэ сүппэккэ сыталлар. Бу барыта от үүнэр кэмигэр ким да, туох да тэпсибэтин тэрийэллэр. Билигин сорох сирдэргэ былыргы тумнар суоллары быраҕан, алаастары ортотунан устатын тухары харалҕан суол үгүс. Бу төһө эмэ оттонуохтаах ходуһаны суолга былдьаталлар.

Холобурун эттэххэ: 1 км уһуннаах алааһы ходуһатын ортотунан барыыга 0,60 гектар оттонор ходуһа сирэ сүтэр. Онон, төһө кыалларынан, билиҥҥи техника сайдыбыт үйэтигэр өбүгэлэрбит үгэстэрин тутуһан, алаас саҕатынан, ойуурунан суолланар ордук буолуо этэ.

Өрүс арыыларыгар, алаастар кытыыларыгар хаптаҕасчыттар, балыксыттар саамай үүнүүлээх ходуһаны тэпсэн от бөҕө таах хаалар. Манна үлэлиир звено бэйэтэ кыһаллыахтаах, көрүнүөхтээх, ходуһаны харыстыыр бары дьаһаллары, тэрээһин үлэлэри ыытар наада. Ходуһа үүнүүтүн үрдэтии – аһы-үөлү хаҥатарга көмөлөһөр. Дэлэҕэ, киһи аймах улуу өйдөөҕө, научнай коммунизмы төрүттээччи Карл Маркс этиэ дуо: «Баай-дуол аҕата – сир, баай-дуол ийэтэ – үлэ» диэн. Сиргэ төһөнөн кыһамньылааххын да соччонон эн эрэйгин төлүүр, ходуһа кими да албыннаабат, киһи үөрэр, өлгөм үүнүүлээх отунан төлүөҕэ.

Сиргэ сыһыаны тупсарыахха наада. Звенолар сайын оттуур ходуһаларын кыһын да, саас да, хаһан сөптөөх кэмигэр көрөн тупсаран  оҥоро сылдьалларын туһугар ходуһаларын бастайааннай сыһыарыахха, оҥостоллоругар кыах үөскүө. Сири бириэмэтигэр көрбөтөххө, сөптөөх үүнүүнү хантан биэриэҕэй? Били, этэргэ дылы, атах эт халлаантан түспэт, үүт-сүөгэй хонууттан бэйэтэ аллан тахсыбат. Ити барыта сири кытта үлэлээтэххэ кэлэр.

Ааптар түс тыла

Саха киһитигэр, тыа сирин олохтооҕор хас сылын аайы кэрэ айылҕа чээл күөх отун хомуйар аҕыйах хонуктаах былдьаһыктаах үлэ – от хомуура буолар. Эчи, оттуур кэммит кылгаһа да бэрт. Ол быыһыгар, хайа, сайыҥҥы күүстээх ардахтарын, киһи тулуйбат өҥүрүк куйаас күннэрин эбэн кэбис!

«От тэрилэ уонна үлэ үөрүйэҕэ» диэн саҥа тэриллэн оттоон эрэр эдэр дьоҥҥо оттооһун сорох түгэннэрин сүбэ быһыытынан бэйэм үйэм тухары эппинэн-хааммынан билбит дьыалабын суруйбуппун «Ленин суола» хаһыат редакцията өйөөн, хас да нүөмэргэ таһаарбытыгар ис сүрэхпиттэн махталбын биллэрэбин.

Саха киһитэ сиртэн тирэҕирэн киһи буолбутун ордук оҕолорум холобурдарыттан көрөн үөрэбин. Мин оҕолорбун батыһыннара сылдьан үлэ араас ньымаларыгар, ордук окко, кыра эрдэхтэриттэн үөрэтэн, кинилэри төрөөбүт айылҕалара иитэн, киһи сиртэн киһи буоларын эттэринэн-хааннарынан билэн үлэни таптыыр дьон  буола улааппыттара үөрдэр. Ол курдук, билиҥҥи сиэринэн, 4 оҕом араас идэлээх үрдүк үөрэхтээх специалист буолан, ол ылбыт идэлэринэн үлэлии сылдьаллар, 4 оҕом анал орто үөрэхтээх үлэһиттэр. Ити барыта ходуһа, от үлэтиттэн төрүттээх диэн төрөөбүт айылҕаларыгар махтанабын, айылҕаҕа тапталлара кинилэри дьон оҥортоото.

Бу от үлэтин араас ымпыгын-чыпыгын бэйэм үлэлээбит сатабылбыттан өр сыралаһан суруйдум.

Киргиэлэй КУОКАРАП

«Эҥсиэли», 1993 с., атырдьах ыйын 10 к.

 

Читайте дальше