От тэрилэ уонна үлэ үөрүйэҕэ
Бугулу оҥоруу
От бугулланнаҕына, өссө үчүгэйдик куурар, күөҕүн сүтэрбэт. Ол гынан баран, уһуннук туруордаххына, бугулуҥ тэллэҕэ сытыйар, тулатын кэнчээри былдьыыр, таһын күн уота сиэн, күөҕүн сүтэрэн саһаран хаалар. Бугулланан баран үс күн туруохтаах, чиҥээн ыһыллыбат. Төрдүс күнүттэн кэбиһиини саҕалыахтааххын. Наһаа уһатар соччо үчүгэйэ суох.
Бугуллуурга үөрбэни-чорооҕу туттуу. Бугуллаан бүтээт да, тута үөрбэлээн иһиэхтээххин. Бугул ханнык да тыалтан ыһыллыбат, куура хатарын ситиһэҕин. Сотору-сотору тыал түһэрэ кэмнээх буолуо дуо? Үөрбэлэммэтэх оту ыһан, оккун буорту гыныыта үксүүр, хос-хос үлэ бөҕө үөскүүр. Ыһыллыбыт бугулгун оҥоруоххун, хат төбөлүөххүн наада. Оҥорботоххуна ардах тобулу түһэн, бугулгун сытытан, буорту гынан, оккун кэбиһэргэр эмиэ туспа түбүгү үөскэтэр. Бугул сытыйбыт өттүн арааран, хааска талан уура сатыыргар тиийэҕин.
Онон илиинэн оттооччу хайаан да 30-40 үөрбэни оҥостон илдьэ сылдьара, төһө кыалларынан элбэх үөрбэни оҥосторо үчүгэй. Үөрбэҕин туттан бүттэххинэ, оккун кэбистэххинэ, ханна оттообут ходуһаҥ ойууругар маска хам кэлгийэн ууран кэбистэххинэ, биирдэ бэлэмнээбит үөрбэҕин хас эмэ сыл туһаныаххын сөп. Бугул үөрбэтин 1-1,3 м уһуннаах синньигэс талаҕы эбэтэр титириги хатаран оҥоһуллар, олох хатырыга суох гына суллаан, кылааккайдаан, биир төбөтүн окко киирэр гына уһуктуугун. Эдэр отчут, үөрбэ оҥосторгун умнума, сүрэҕэлдьээмэ, барыта бэйэҕэр туһалаах.
Илии кыраабыла
Илиинэн оту мунньарга кыраабылы төбөтүн көнө саастаах хатыҥ маһы хайытан, кыраабыл төбөтүгэр сөп түбэһэр халыҥнаах, кэтиттээх гына суоран, устуруустаан, кылааккайдаан, кыраабыл тииһин суонугар сөп түбэһэр дэриэлинэн үүттэнэр. Кыраабыл төбөтө, уопсай көрүҥэ мунньаргар хомуйан ыларыгар хайдах эрэ иигэ майгынныыр соҕус токур, оччоҕо харбаан ылбат, ото кыраабыл баһын икки өттүнэн тохтубат.
Улахан киһи мунньар кыраабыла, сүрүннээн, тоҕус тиистээх, оҕоҕо 5, 7 тиистээх гына оҥорор үчүгэй. Кыра кыраабылынан 8-9 саастаах оҕолору мунньарга үөрэтэргэ туһалаах. Кыраабыл тииһин икки арда 6-7 см, тииһин уһуна 8-9 см. Ким бэйэтэ сөбүлүүрүнэн оҥосторо үчүгэй.
Кыраабыл төбөтүгэр хатыҥ көстүбэтэҕинэ, сорох табаар холбуйалара хатыҥ мастан былаастаах оҥоһуллубут. Ол табаар холбуйатын хаптаһынын халыҥа кыраабыл төбөтүгэр оруобуна сөп түбэһээччи. Сорохтор алдьаммыт походнай орон цинковай тимириттэн оҥостоллор. Хата, сүрдээх чэпчэки, ону хаптаччы соҕус охсон, өҕүлүннэрэн, дэриэлинэн тииһин уҥуор-маҥаар үүттээн, тииһин саайан кэбиһэллэр. Кыраабыл тииһэ хайаан да хатыҥ мастан оҥоһуллара үчүгэй. Хатыҥ хайа да мастааҕар бөҕө, тостумтуота суох уонна сахсайан түһэ сылдьыбат.
Кыраабыл угун титириктэн, иирэ талахтан, хахыйахтан, тэтиҥтэн оҥостуохха сөп. Кимиэхэ хайдах көстөрүнэн. Кыраабыл угун чомойдуур ордук. Былыргы дьон кыраабыллара үксэ чомойдоох. Ол оту мунньарга ордук табыгастааҕын иһин, оту мунньан иһэн, чомойдоох кыраабыл угун бастакы чомоххо түспүт оккун эбэтэр үүнүүлээх от тэлиитин тарыйан ылан иһэргэ ордук туһалаах. Ону кытта муспут отуҥ субуу халыҥа буолла да, утары бугуллаан иһэҕин. Оччоҕо туһунан бугуллуур атырдьах көрдүү барбакка, үргүлдьү бугуллуугун.
Былыргы өбүгэлэрбит туһаммыт ньымаларын умнубакка тилиннэрэрбит, үлэбитин кудумсутан түргэтэтэрин умнар сатаммат. Аны биир өттүнэн ыллахха, чомойдоох кыраабыл били халыҥ оппутун эргитэрбитигэр ордук туһалыыр. Көннөрү маһынан эбэтэр атырдьаҕынан оту эргитэргэ ордук табыгаһа суох, ыарахан эҥин. Итини таһынан уу отун чомойдоох кыраабылынан, туох да эрэйэ суох, кураанах хадьымалыҥ диэки элээрдэ тураҕын, үлэҕин быдан чэпчэтэр.
Төһө кыалларынан илиинэн от мунньар кыраабылы чомойдуур үчүгэй. Маны ким тутта үөрэммит барыта биһирээн, сөбүлээн оҥостор.
Кэбиһии уонна түстээһин
Киһи кирдээх илиинэн туппат күөх отун оттуоххун баҕарар буоллаххына, бугулуҥ сөпкө чиҥээтэ да кэбиһэр ордук. Ону ити этиллибитин курдук, саха атырдьаҕынан кэбиһэр ордук, тоҕо диэтэххэ, бугулгун ыспакка, иккитэ эбэтэр биирдэ атырдьахтаан кэбиһэр буоллаххына, үлэҥ биллэрдик түргэтиир, от ыһыллыбат.
Кэбиһии ньымата – бугулгун үрдүн кэтэх соҕус өттүттэн кыдамаҥ, атырдьаҕыҥ чомойун бугул таһын диэки тутан, атырдьаҕыҥ батаһын бугулгун уҥуордаан, сиргэ тиийэр дылы батары анньан, атырдьаххын бугулуҥ ыксатынан тутан, маҥнай аргыый соҕус иҥнэри баттаан иһэн, атырдьаҕыҥ уга сиргэ тиийиитигэр күүскэ охсон, сиргэ батары тирэнэ түспүтүн кэннэ бугулгун аргыый аҕай өрө анньан таһааран атырдьахтаах оккун кэбиһэр оккор сыһыарбакка, үөһээттэн кэбиһэр сиргэр лоп-бааччы ууран иһиэхтээххин. Ити курдук түс хааһа тахсыар диэри кэбиһэр оккун көбүс-көнөтүк, халыыпка курдук, кэбиһэн таһаарыахтааххын.
Кэбиһэр кэмҥэр оккун түгэхтээт, хайаан да тэпсэр, сааһылыыр, чиҥэтэр киһини отуҥ үрдүгэр таһаараҕын, ол киһиҥ отуҥ түстэнэн бүтүөр диэри сылдьыахтаах. Оччоҕо эрэ отуҥ чиҥ буолан, күн уота курдары дириҥник көрөн, отуҥ күөҕүн мөлтөтөрө аҕыйыыр. Аны оту техниканан, тыраахтар стоговоз сыарҕатынан тиэллэр буолан, тыраахтар кыайар гына наһаа улахана суох, 3-4 т от буолар гына, олох ханан да оҥхойо суох, көбүс-көнө сиргэ кэбистэххинэ, тыраахтар стоговоһа отуҥ аннынан иҥнибэккэ киирэн, оту хаалларбакка ыраастык ылар.
Итинтэн улахан гына кэбистэххинэ, тыраахтар кыайбакка, отуҥ сиргэ хаалар кутталланар. Онон баҕардар-баҕарбатар 3-4 т гына кэбиһэр ордук табыгастаах.
Оту кэбиһиигэ өссө биир этиилээхпин. Билиҥҥи техника үйэтигэр оту тыраахтар стоговоһунан киһи үксэ тиэйтэрэр буолан турар. Итиннэ тыраахтар стоговоһун биилкэлэрэ отун аннынан иҥнибэккэ киирэр гына, отуҥ устатыттан кыра уһун (холобур, оккун кэбиспитиҥ кэннэ уурбут маһыҥ көстөр буолуохтаах) гына суон соҕус көнө мастары уста уураҕын уонна ол үрдүнэн синньигэс мастары адарайдыы тэлгээн баран кэбиһэр ордук. Ити туһата, бастакытынан, тыраахтар стоговоһун биилкэлэрэ ити бэлэмнээбит мастарыҥ икки ардыларынан туохха да иҥнибэккэ киирэр буолан, тырахтарыыстар эрэйдэммэккэ түргэнник тиэнэллэрэ ситиһиллэр. Ити мастарын төбөлөрө-төрдүлэрэ хаары тарыйдаллар эрэ, дөбөҥнүк көстөрүн наадатыгар оҥоһуллар. Онон көрөн тырахтарыыс стоговоһун биилкэлэрин салайан киллэрэригэр туһалаах. Иккиһинэн, били маһыҥ үрдүгэр бэлэмнээбит адарай мастарыҥ стоговоз биилкэлэрин үрдүгэр олорон оккун кытта тэҥҥэ тахсыһар буолан, отуҥ сиргэ сыһыллыытыгар араас боллоххо, хаарга отуҥ таранан хаалыытын тохтотор. Инньэ гынан, салаа да отуҥ аара суолга хаалбатын ситиһэҕин. Оккун итинник кэбистэххинэ, өссө аннынан салгын сүүрэр буолан, от төрүт сытыйбат, куурарыгар көмөлөөх. Аны оккун кэбиһэр сиргин сыл аайы уларыттаххына, ходуһаҥ үүнүүтүн аччатаҕын. Ол иһин куруук биир сиргэ кэбиһэриҥ ордук. Эһиги оттуу сылдьан өйдөөн көрөргүт дуу, суоҕа дуу – кэбиһиллибит от турбут сиригэр аттынааҕы ходуһа отуттан үүнүүтэ төрүт мөлтөх, үксүн тараҕай буолааччы. Ити кыһыҥҥы тымныыга саба хаппахтаан суорҕан курдук бүрүйэн турбут оккун эмискэ ылан бараҕын, ол иһин сириҥ кырса үлүйэн, тоҥон от үүммэт буолан хаалар. Арай, бириинчик киһи отун оннун стоговоһунан сыҕарытан ылаат да, хаарынан көмөрө буоллар, хайыа эбитэ буолла? Ол кыһыҥҥы күн кылгаһыгар ыксыы сылдьан оннук бодьуустаһар бириэмэ көстүбэтэ биллэр. Хас кэбиспит отуҥ анныттан биирдии бугул оту сүтэрэҕин, ол аата, 50 кг оту суох оҥороҕун. Онон оту уларыта сылдьан кэбиһэр бэйэҕэр ночооттоох. Оту адьас көнө, үрдүк сиргэ кэбиһэр ордук. Ити ордук өрүс арыыларыгар оттуур дьоҥҥо сыһыаннаах. Аны оккун кэбиһэргэр хайаан да сэттэ үктэллээх, 4 м үрдүктээх кирилиэс оҥостор наада. Ол кэбиһэ туран отуҥ үрдүгэр хаһан баҕарар тахсан тэпсэргэр үчүгэй. Көннөрү маһынан тахсыы эрэйдээх даҕаны уонна атырдьахтаан уурбут отуҥ хааһын хамсатан кэбиһиэххин сөп. Ол иһин хаппыт синньигэс маһынан кирилиэс оҥостубут быдан ордук. Оккун кэбиһэн бүтэрдиҥ да, күрүөҕэр холбуу кэлгийэн ууран кэбис – бүттэҕэ ол, эһиил эмиэ туттуоҥ.
Оту түстээһини кичэйиэхтээххин. Былыргылар этэллэринэн, түсчүт этэрбэһин быата көстөр буоллаҕына, от түһэ туолбутунан ааҕыллара. Түһэ ханан да оҥхойо суох гына, үчүгэйдик тэпсэн толоруллубут буоллаҕына, ханныктаах да ардахха, самыыр уута курдаттыы тобулу түспэт, төрүт сытыйбат.
Ардах кэнниттэн кэбистэххинэ, бугул үрдэ ханан да инчэҕэйэ суох, куурбут буоллаҕына, кэбиһиэххэ сөп. Атырдьахтыыргар биир эмэ инчэҕэй, сииктээх от түбэстэҕинэ, иккиһин оннук оту бырахпаккын, саамай кураанах бугул ортотуттан атырдьахтаан ылан саба уураҕын, оччоҕо кураанах от били инчэҕэй оккун куурдан кэбиһэр. Онон кыра инчэҕэй от куттала суох, итиэннэ оннук инчэҕэй оту хааска, от кытыы өттүгэр ууран иһиэхтээххин. Оччоҕо салгын сайа охсон, күн да уота түргэнник куурдарын ситиһэҕин.
Отуҥ үксэ сииктээх буоллаҕына, тууһаан уонна кэбиһиигин сөп буола-буола уһун кураанах сиэрдийэлэри кэбиһиилээх оккор туора ууран, салгын киирэр сир оҥоруохтааххын эбэтэр бааһынаҕа уу таһаарарга туттуллар суон тимир турбалары хас да сиринэн турба устатын тухары обургу хайаҕас оҥорон тэһитэлээн, оккор туора хас да сиринэн ууруоххун сөп. Итинник турбалаах от дэбигис сытыйбат, умайан тахсара тохтуон сөп.
Уу отун уонна ардахха охсуллубут оту куурдуу
Халлаан хас да күн ардыы турар кэмигэр охсуллубут оккун күөҕүн наһаа сүтэрбэккэ куурдуоххун сөп. Төһөҕө да уһун ардах күнүн көрөн ылааччы, ону халлаан “өлүгүн сууйар” диэччилэр. Ити кэми мүччү туппат наадаттан охсубут оккун төһө кыалларынан хадьымалгар 1 м үрдүктээх, онтон уһун да соҕус, аҥаардыы өттө уһуктаах синньигэс үс маһы ортотунан холку гына холбуу баайан, уһуктаах өттүлэринэн үс аҥыы ахчатан, сиргэ охтубат гына батары анньан, ол үрдүгэр хас да атырдьах оту уураҕын. Ол отуҥ сиртэн тэйэн үөһээ турар, ардах уута түргэнник түһэн уонна салгын курдары охсон кууруута түргэтиир.
Ити турдаҕына, күнүн көрдө да, үрдэ куурдар эрэ, куурбут өттүн аллараа гына сииктээх өттүгэр атын куурбут оккун итиннэ эмиэ саба, хас да оннук оккун синньигэс гына, баттаабакка, от бэйэтин ыйааһынынан аргыый ууран бугуллуугун. Ол отуҥ үрдэ үчүгэйдик куурдаҕына, кыра сииктээх өттүн бэйэтин итиитигэр куурдан кэбиһэр. Итини үс атахха ууруу дэнэр.
От отууну, от ураһаны охсоот да, сиикэйдии уурбут отуҥ хаһан да сытыйбакка, күөхтүү хатан хаалар. Син ол кэриэтэ күн “өлүгүн сууйар” кэмигэр итинник үс атахха турбут от түргэнник куурар. Быстахтык түһэр этиҥнээх ардахха эмиэ ити ньыманан кууртахха, күөҕэ сүппэккэ куурар.
Кураан күҥҥэ уу отун охсоот да, утары охсубут отуҥ уутугар тимирэ илигинэ хомуйан ылан, бэлэмнээбит үс атаххар куурда ууран сарахыйдар эрэ урут охсубут хадьымалгар ыһан кэбиһэҕин, оччоҕо урут охсуллубут кураанах сириҥ отун кытта тэҥҥэ мунньуоххун сөп.
Дьэ, кырдьык үлэтэ, бадьыыһа аһара элбэх, хас да уонунан ахсааннаах үс атах буолар маһы бэлэмниэххин наада, ону окко, саҥа охсубут сиргэр көһөрөн туруорарыҥ баар. Ол оннугар эрэйгин боруостаан, оккун күөхтүү ыларыҥ сыттаҕа дии.
От күрүөтүн тутуу
Уһун сайыны быһа куйааска буһан, үрүҥ хара көлөһүннэрин тоҕон, сылайалларын аахсыбакка, отторун кэбиһэн, күрүөтүн тутуутун табан туппаккалар сорох дьон сүөһүгэ сиэтэн улахан ороскуокка тэбиллэн, сыл кыстыахпыт диэбит отторуттан ытыстарын соттон кэбиһэр түбэлтэлэрэ тахсыталыыр. От кэбиһилиннэ да, от үлэтэ бүтэр диэн үгүс дьон күрүө тутуутугар улахан суолта биэрбэккэ, бүттүн эрэ диэн, күрүөлэннэ да онон бүтэр диэн өйдөөн тутан, уһун сайыннаах көлөһүннэрин ынах, сылгы сүөһү күрүөлээн сиэн, ороскуот бөҕөҕө тэбиллэллэр.
Ити барыта күрүөнү сатаан табан туппаттарыттан тахсар. Онон күрүөнү тутууга олус бириинчиктээн, кичэйэн, улахан күрүөһүтэ суох сүөһү дэбигис кыайан күрүөлээбэт гына оҥоһуллуохтаах.
От күрүөтэ хас да көрүҥнээх. Олортон үгүс дьон сөбүлээн оҥорор күрүөлэрин араастарын быстахтык ыллахха манныктар:
- Сигэ күрүө – үксүн өрүс арыыларыгар, от үрэхтэргэ тутуллар.
- Баайыы күрүө – үксүн алаас сирдэргэ.
- Симии күрүө – эмиэ арыы сирдэргэ.
- Остуолба күрүө.
- Хаасса күрүө.
Итилэртэн өрүс арыытыгар оттооччулар сигэ, симии, остуолба, хаасса күрүөлэри тутталлар. Алааска, от үрэххэ оттооччулар дэҥнэтэн сигэ күрүөнү, остуолба, улахан алаастарга хаасса күрүөлэри ордороллор.
Биллэрин курдук, хаасса күрүөлэри улахан хаһаайыстыбалар, сопхуостар, холкуостар, коллективнай предприятиелар, фермердэр уонна улахан кыахтаах, элбэх техникалаах бааһынай хаһаайыстыбалара оҥостуохтарын сөп.
Хаасса күрүөҕэ улахан ходуһа ото бүтүннүү киирэр – аһара киэҥ күрүө. Чааһынай хаһаайыстыбалар, биирдиилээн ыаллар дуогабарга, арендаҕа биирдиилээн оттооччулар үксүн сигэ, баатылы, остуолба күрүөлэри, дэҥ кэриэтэ, симии күрүөлэри оҥостоллор.
Күрүө суолтата – син биир булбут, атыыласпыт аскын ампаарга угарыҥ кэриэтэ, оттообут оккун ампаардаах ыскылаакка укпутуҥ тэҥэ. Ол иһин хаасса күрүөттэн уратыларга, күрүөлэри маннык тутар ордук.
Холобур, кэбиһиллибит оккуттан күрүө хайаан да 1,5 м тэйиччи буолуохтаах, ол сүөһү биир эмэ сиринэн күрүө быыһынан, сиэрдийэ икки ардынан төбөтүн уктаҕына да тиийбэтин наадатыгар. Итини тэҥэ, төһө кыалларынан сүөһү төбөтө ханан да баппат, сылгы күрүө үрдүнэн төбөтүн уурбат үрдүк гына, аны ферма, дэриэбинэ чугаһыгар от күрүөтүн алын өттүн намыһах, күрүө алын сиэрдийэтэ сиртэн 30-40 см буолар гына тоһоҕотун сигэлиэхтэхххин.
Тоһоҕоҥ анньыытын күрүөҥ тас өттүн диэки иҥнэри соҕус гына анньаҕын. Оччоҕо сүөһү күрүөҕүн отуҥ диэки иҥнэри анньыыта тохтуур. Көнөтүк эбэтэр төттөрү – күрүөҥ отун диэки иҥнэри буоллаҕына, сир ириэнэх кэмигэр сүөһүлэр кэбэҕэстик күрүөҕүн оккор эпсэри иҥнэри анньан, онтон устунан күрүөҕүн олох да алдьатан, оккуттан матаргар тиийэҕин.
Төһө кыалларынан отуҥ күрүөтэ таһын диэки иҥнэри соҕус буолара ордук. Итинник бириинчиктээн тутуллубут от күрүөлэрин дэбигис сүөһү күрүөлээбэт, арай, анаан туран дэҥҥэ улахан күрүөһүт сүөһү туохтан да иҥнээччитэ суох. Итинник улахан күрүөһүт сүөһү баар сиригэр саамай эрэллээх күрүөнэн остуолба уонна хаасса күрүөлэр буолаллар.
Ити күрүөлэр биир үчүгэйдэрэ диэн – сыл аайы күрүөҕүн саҥалыы тутан түбүгүрбэккин. Остуолба уонна хаасса күрүөлэр киэҥ буоланнар сүөһүлэр окко ымсыыраллара суох. Итиннэ өрүс арыыларыгар көннөрү сигэ күрүөлэри уу илдьэ барыыта үгүс, оттон остуолба күрүөнү муус эрэ алдьатар, хас эмэ сыл туһалыы туруо турдаҕа.
Өрүс арыыларыгар боростуой сигэ күрүөлэрин саас өрүс уута кэлиэн иннинэ маска, үөккэ баайан кэбиһиэхтээххин, оччоҕо сыл аайы күрүө маһа кэрдиммэккин, бэлэм маскынан тутарыҥ быдан ордук.
(Бүтүүтэ бэчээттэниэ)
Киргиэлэй КУОКАРАП
“Эҥсиэли”, 1993 с., атырдьах ыйын 3 к.