Өрөбүл күннээҕи ааҕыы: Шмидт бөһүөлэгэ

Бөтүҥ нэһилиэгин соҕуруута Шмидт, оттон хоту өттө Бүтэй Үрдэ диэн ааттаналлар. Бөтүҥү аҥаардаан сытар киһи уҥуохтаах сир «Судаарыскай уҥуоҕа» диэнинэн биллэр. Манна көскө кэлбит поляк Меерович көмүллүбүт пааматынньыга баар.

Шмидт бөһүөлэгин историята бу улуус эрэ буолбакка, өрөспүүбүлүкэ биир чаҕылхай страницата буолар. Ол курдук, кэпсээн истэххэ ис-иһиттэн арыллан киһини кэрэхсэтэр. Бу бөһүөлэги көскө кэлбит нуучча дьоно аттакылар (скопцы) төрүттээбиттэр. Кинилэри 1860 сыллаахтан Саха сиригэр көскө ыыталаан барбыттар.

Т.И. Замятин “Эҥсиэли хочотугар” диэн кинигэтигэр суруллубутугар эбэн этэр буоллахха, 1883 сыллаахха Саха уобалаһын салалтатын дьаһалынан Хатыҥ Арыы нэһилиэгин уонна Бөтүҥ нэһилиэгин быыстарыгар уруккута Бэс Күөлэ, билиҥҥитэ “Таллан Күөлэ” диэн бэрт үрдүк бэс чагдалаах сири талан ылан бөһүөлэк туттан барбыттар. 1848 с. төрүттэммит бэрт кыахтаах “Саламандра” диэн ааттаах акционернай общество иэс биэрбит харчытынан дьиэ-уот туттубуттар. Оннооҕу чагданы кэрдэн, ойуурун солоон, уоттаан бааһына оҥостубуттар. Туппут дьиэлэрэ оччотооҕу кэм ирдэбиллэринэн үрдүк архитектурнай таһымҥа эппиэттээбит. Ол дьиэлэртэн аҕыйах дьиэ ордубутугар билигин даҕаны ыаллар олороллор. Биир үчүгэй тутуунан өр сылларга интернат буолан турбут дьиэни ааттыахха сөп. Дьиэ акылаата 1 м. 20 см. үрдүктээх. Муостатын аннынан киһи төҥкөйөн баран таах хаама сылдьар. Суон бэрэбинэлэртэн тутуллубут дьиэ балтараа сүүстэн тахса сыл устатыгар хамсаан көрбөккө турар.  Уһаайбатын иһигэр үгүс тутуулардаах. Ол курдук, ампаар, көньүүһүнэ, хотон, бурдук кутар ампаар, ат турар сарайдара бааллара үһү. Аны туран, көньүүһүнэттэн, хотонтон аллараа сыыр анныгар уу түһэр гына ытыыстаах ханааба хаһаллар эбит. Үрдүн халыҥ былаахынан саппыттар.  Дьиэлэрин утарытыгар баанньык туттубуттар. Сыыр быарын былаһын тухары оҕуруоту олордубуттар. Ону талаҕынан үүйэн күрүөлээбиттэр. Дьиэлэриттэн чугас оҕуһунан, атынан эргиттэрэр миэлиҥсэлээхтэр эбит. Онтукалара хойукка диэри турбутун уот сиэбит. Ампаардарыгар хас да хостоох дириҥ булуустаах эбиттэр. Хатыҥ Арыы аттакыларын бөһүөлэгин уопсай көстүүтүн XX-с үйэ саҕаланыытыгар хаартыскаҕа түһэрбиттэрин Санкт-Петербурга Исаакиевскай соборга турарын дьон көрбүттэрин кэпсииллэр.

Бу нуучча аттакы дьоно сүрдээх бөдөҥ-садаҥ, күүстээх-уохтаах, үлэһит дьон эбиттэр. Бытыга суох, дыгдайбыт сырайдаахтара, синньигэс куоластаахтара эбитэ үһү. Мастарын сахалар атынан, оҕуһунан кэрдэн киллэрэннэр хамнас аахсаллара үһү. Соҕурууттан быһа салаллар буолан улуус, нэһилиэк дьаһалтатыгар орооспотторо үһү. Аттакылар бурдугу уонна оҕуруот аһын күүскэ үүннэрэн, атыылаан сүрдээҕин байбыттара. В.Л. Серошевскай суруйарынан, уонунан биэрэстэҕэ тиийэ тайаан сытар бааһыналаахтара. Граф Игнатьев кэлбитигэр күүлэйдэтэ Хатыҥ Арыы аттакыларын дэриэбинэтигэр таһаара сылдьыбыттар уонна арбуһунан күндүлээбиттэр.

Граф Игнатьев кэлбит сыала-соруга диэн бэрэбиэркэ эрэ буолбакка, оччотооҕу нуучча правительствотын сорудаҕынан Саха сиригэр биэс мөлүйүөн нуучча бааһынайын көһөрөн аҕалан олохсутуу барылын үөрэтэ кэлбит буолуохтаах. Ону оччотооҕу Саха сирин үөрэхтээхтэрэ, ол иһигэр А. Кулаковскай – Өксөкүлээх Өлөксөй утарсыбыттара биллэр. Ити сөҕүмэр былаан саҥа үйэ саҕаланыытыгар утуу-субуу буолуталаабыт сэриилэртэн, онтон кэлин революция саҕаланыытыттан мэһэйдэтэн буолуо, таах хаалбыт.

Хатыҥ Арыыга баар аттакылар дэриэбинэлэригэр 1905 сыллаахха 80 киһи өлбүт. Онтон 1907 сыллаахха үс эрэ киһи хаалбыт. Төттөрү көһүүлэрин сүрүн өттө Л.Н. Толстой туруорсуутунан ыраахтааҕы былааһа аттакылары буруйдарын боруостаан көскө кэлбиттэрин өһүлбүтэ буолар. Ордубут дьон Мархаҕа көһөн киирбиттэрин Нам дьоно кэлэ-бара көрөллөрө. Мархаҕа кыһыл ойуулаах хаатыҥкалаах кырдьаҕас оҕонньоттор сааскы ылааҥы күҥҥэ дьиэ таһыгар ыскамыайкаҕа олорор буолаллара үһү. Төннөн иһэн Саха сиригэр кэлэн иһэр татаардары Өлүөхүмэҕэ көрсөн, дьэ, бу үтүө сиртэн байан-тайан иһэбит уонна олорбут сирбитигэр бэлэм дэриэбинэ хаалла диэн кэпсииллэр. Ону татаардар эһэ охсон ылан, туруорсан Хатыҥ Арыы бөһүөлэгэр кэлэн олохсуйаллар. Оччотооҕу сахалар татаардары аттакыларга тиийбэт мөлтөхтөр диэн сирэллэрэ. Онуоха эбии уоруйахтарынан баппаттара үһү. Ол саҕана сылгыны уоран сиэн түбэстэхтэринэ: “Ат төбөтө бэйэтэ төкүнүйэн кэлбитэ”, — диэн куотуналлара үһү. Көскө кэлбит поляк Ян Мееровиһы күнүүлээһин түмүгэр, татаар киһитэ саанан ытан өлөрбүтэ диэн кэпсииллэрэ. Татаардар исламскай итэҕэллээхтэр эбит. Өлбүт дьоннорун көмөллөрүгэр маҥан таҥаска суулаан олордон кэбиһэллэрэ уонна үрдүгэр ыйдаах маһы туруораллара үһү. Билигин даҕаны Шмидт соҕуруу өттүгэр трасса кытыытыгар “Татаар уҥуоҕа” диэн сир баар.

Бу дьон төһө ахсааннаахтара биллибэт. Аҕа дойду сэриитин кэнниттэн 1945 сыллаахтан ыһыллан хаалбыттар. Аҕыйах ахсааннаах дьахталлар сахаларга эргэ тахсан, дьиэ-уот тэринэн хаалбыттара биллэр. Т. Замятин кинигэтигэр “Якуты” кинигэни суруйбут В.Л. Серошевскай Чараҥ диэн сиргэ Хатыҥ Арыы нэһилиэгэр олохсуйбут диэбит этэ. Онтон Серошевскай Тыһаҕас Сиэбит диэн сиргэ олорбутун туһунан ахтыбыт. Ол сир Кыһыл Дэриэбинэ арҕаа өттүгэр, урукку Намҥа барар суол кытыытыгар баар.

Хатыҥ Арыы нэһилиэгин сирэ киэҥэ биллэр. Ол курдук, Салбаҥ уонна билигин Горнай улууһугар киирэр таҥара дьиэлээх Улуу Сыһыы эмиэ киирэллэрэ үһү. Сииттэ таһынан “уроженец Хатын Аринского наслега” диэн суруктаах былыргы дьон уҥуохтара бааллар.

Хатыҥ Арыы нэһилиэгин киинэ – Саҥа Дэриэбинэ (ол эбэтэр Кыһыл Дэриэбинэ), нассовет онно баара. Оттон сельсовета – Шмидт Хатыҥ Арыы бөһүөлэгэр баара эбитэ үһү. Бөһүөлэккэ Шмидт холкуос аатын иҥэрбиттэр. Бу лейтенант Шмидт буолбакка, биллиилээх полярник академик Отто Юльевич Шмидт аатын иҥэрбиттэр.

Аттакылар олорор кэмнэригэр бу бөһүөлэккэ таҥара дьиэтэ тутуллубатах. Арай, чочуобуна эрэ баара биллэр. Таҥара үөрэҕин утары барбыт дьон таҥара дьиэлэниэхтэрэ дуо?

Бу дэриэбинэ тутуулара үксүлэрэ хатырык кырыыһалаахтар эбит. Ону кэлин мас хайыттаран хаптаһынынан кырыыһаланар буолбуттар. Оскуола аһыллыаҕыттан кыахтаахтык сайдан иһэн холкуостары холботолооһун, бөдөҥсүтүү саҕаланыаҕыттан иинэн-кэхтэн иһэн, хата, кэлин сылларга иккиһин тиллэн улаатан эрэллэр.

Бу дэриэбинэҕэ өссө да үгүс остуоруйалаах, кэскиллээх, үгүс үтүө дьон олорон ааспыттар. Кинилэр үлэлээн-хамсаан суолларын-иистэрин хаалларбыттара дьоҥҥо уос номоҕо буолар.

Владимир ГАВРИЛЬЕВ, Граф Биэрэгэ

“Эҥсиэли”, 1998 с., балаҕан ыйын 5 к.

Читайте дальше