Саха омук төрөөбүт тылын аныгы ыччат үчүгэйдик билэр диэн этиэххэ, тоҕо эрэ, кэрэгэй дии саныыбын. Ол курдук, биһиги өбүгэлэрбит кыылы, айылҕа араас көстүүлэрин, дьиэ сүөһүтүн – ынаҕы, сылгыны тус-туспа дьүһүннээн ааттыыллара. Ити билигин олох умнуллан эрэр.
Холобура, чугастан ылан эттэххэ, күн аайы көрөр-истэр сүөһүлэрбитин дьүһүннүүргэ тугу билэбитий? Ынаҕы дьүһүннүүргэ хара, маҥан, хара эриэн, кугас, кугас маҥаас диэнтэн атын дьүһүнү билбэппит. Онтон урут өрүөстээх хара, өрүөстээх күрэҥ, куочай кугас, саадьаҕай, бараах эриэн, саппыйалаах эриэн, чуккулаах хара эриэн, туоһахталаах хара уо.д.а. элбэх аат баара биллэр.
Сылгыны дьүһүннүүрү эмиэ үчүгэйдик билбэппит. Оттон манна кэрэ, саһыл кэрэ, улааҥ, дьаҕыллаах сур, чаҥкырыын кугас, элэмэс арааһа (харата, кугаһа, сиэрэ), орохтоох сур, мөҥөттөйдөөх сур уонна онтон да атын аакка кубулуйбут дьүһүннүүр тыллар бааллара.
Аны күннээҕи туттар малларбытын эмиэ этиэххэ сөп. Ол курдук, өтүйэ, ат көнтөһө, ситии көнтөс, өтүү, балтарык уо.д.а. туттуллаллар. Күрүөҕэ сыһыаннааҕы аҕалыахха: баатылы күрүө, сигэ көрүө, хатыйыы күрүө, үс үүт күрүө, бэрбээкэй күрүө, остуолба күрүө, сүллүгэс күрүө.
Окко туттуллар атырдьахтар ааттара: түгэхтиир атырдьах, ортолуур атырдьах, кыдама атырдьах. Туттар малбытыгар итинтэн да атын сахалыы ааттанар тэриллэр элбэхтэр. Ону барытын суруйа барбатым. Маны билэр инниттэн эдэр көлүөнэ ыччакка өйдөтөн, кэпсээн, көрдөрөн биэриэххэ наада. Оскуолаттан үөрэтиини саҕалыахха. Музейдарга дьиэ сүөһүтүн дьүһүннэринэн ойуулаан экспонаттары көрдөрүөххэ. Оччоҕо музейга да элбэх сахалыы тылынан ааттанар өбүгэлэрбит туттар тэриллэрэ көрдөрүллүө этэ. Онон түмүктээн этэбин, төрөөбүт тылбыт суолтатын сүтэримиэҕиҥ.
А. ИВАНОВ, Кириэс Кытыл
«Ленин суола», 1989 с., тохсунньу 31 к.