Тумул – Модут нэһилиэгин киинэ. Бөһүөлэккэ 174 хаһаайыстыба, оҕолуун барыта 740 киһи олорор. Ити 174 хаһаайыстыбаттан 116-та чааһынай дьиэлээхтэр, быйыл 12 ыал дьиэ тутталлар. Маны тэҥэ, 8 уопсай дьиэҕэ учууталлар, о.д.а. сулууспалаахтар олороллор.
Нэһилиэккэ 8 кылаастаах (быйылгыттан 10 кылаастаныахтаах) оскуола, 55 миэстэлээх дьааһыла-сад, культура дьиэтэ, библиотека филиала, почта отделениета, сберкасса, 50 туочукалаах АТС, ФАП, маҕаһыын, олох-дьаһах производственнай управлениетын филиала, арыы оҥорор собуот бааллар. Ити тэрилтэлэр М. Аммосов аатынан сопхуос Модуттааҕы отделениетын үлэһиттэрин араас өҥөнөн хааччыйаллар.
Нэһилиэнньэ кэтэх хаһаайыстыбатыгар 280 ыанар ынаҕы, 90 сылгыны, 70 сибиинньэни ииттэр. Ыаллар олохторо-дьаһахтара сыллата тупсарын биирдиилээн дьон биэс «Нива», 9 «Москвич», 5 «Жигули», 6 «Запорожец» массыыналаахтара, 50 мотоцикллаахтара, ыал барыта холодильниктааҕа о.д.а. миэбэллээҕэ туоһулууллар. Ааспыт сылга эдэр дьон олохторун холбоон 7 саҥа ыал эбилиннэ, 21 оҕо төрөөтө.
***
Модут бэйэтэ туспа историялаах нэһилиэк. Ыраахтааҕылаах Россия саҕана Саха сиригэр көскө ыытыллыбыт дьонтон түөрт киһи олорбуттар уонна бэйэлэрин суолларын-иистэрин хаалларбыттар.
Иван Федорович Тонышев Петропавловскай кириэппэскэ харабыл сулууспатыгар сылдьар саллаат этэ. Ничаевтаах дьыалаларыгар түбэһэн көскө кэлбитэ. Модукка Александра диэн (Никольскайтан) дьахтары кэргэн ылбыта. Сергей диэн уоллаахтар. Ол Сергей Тонышев 1946 сыл кулун тутар 12 күнүгэр суруйбут суруга музей архыыбын фондатыгар баар. И.Ф. Тонышев туһунан докумуону Саха АССР КГА көрүөххэ сөп.
Иван Федорович (модуттар Уһун Уйбаан диэн ааттаабыттар) сатабыллаах хаһаайыстыбанньык. Модукка олорон бурдук ыһыытынан, оҕуруот олордуутунан дьарыктаммыт, олохтоохтору үөрэппит, уһуйбут. Модукка «Тонышев бааһыната», «Тонышев ходуһата» диэн сирдэр бааллар. Кини Модукка олорон өлбүт.
Александр Александрович Сипович Харьковтааҕы университет медицинскэй факультетын устудьуона, «Народная воля» партия чилиэнэ. Революционнай үлэтин иһин 1883-1894 сс. көскө кэлэн Саха сиригэр Модут нэһилиэгэр олорбута. Бу олорбут 11 сылыгар Модукка эрэ буолбакка, улууһун барытын кэрийэн (ыҥырыыга 10-20 көһү баран) ыарыһахтары эмтээн, үгүстэри өлөр өлүүттэн быыһаан улахан үтүөлээх. В. Кротов «Первый улусный врач» диэн А.А. Сипович туһунан ыстатыйата «Соц. Якутия» хаһыат 1973 сыл балаҕан ыйын 7 күнүнээҕи нүөмэригэр бэчээттэммитэ.
Александр Александрович Модукка уһуннук олорор кэмигэр олохтоох сахалары бааһынаны таҥастыырга, бурдугу үүннэрэргэ үөрэппит. Кини олорбут сирин билигин «Нуучча сирэ» диэн ааттыыллар.
1894 сыл ыам ыйын 12 күнүгэр төннөн барыытыгар, улуус олохтоохторо дириҥ махталларын биллэрэн ойуулаах-оһуордаах, кэрэ киэргэллээх сону тигэн бэлэхтээбиттэр. Онно Александр Александрович олус долгуйбутун туһунан бу түгэҥҥэ сылдьыбыт Феликс Яковлевич Кон бэйэтин биир үлэтигэр суруйбута. А.А. Сипович туһунан матырыйаалы Саха АССР КГА-тан билсиэххэ сөп.
Феликс Яковлевич Кон – Россия уонна аан дойду революционнай хамсааһынын деятелэ. Феликс Яковлевич Модукка 1891-1895 сс. олорбута. Манна олорбут кэмиттэн научнай, литературнай үлэлэри суруйбута. Холобур, «Улууска», «Никольскай слободата», «Намтан суруктар», «Хатыҥ Арыы олохтоохторун туһунан». Нэһилиэнньэ биэрэпиһин ыыппыта. Сахалар тугунан дьарыктаналларын иҥэн-тоҥон чинчийэн үөрэппитэ.
Төннөрүгэр Ф.Я. Кону Нам сахалара арыаллаан, алҕаан атаарбыттара. Феликс Яковлевич 1941 сыллаахха өлбүтэ. Олоҕун тиһэх күннэригэр диэри Саха сирин кытта быстыспат сибээстээҕэ. 1924 сыллаахха Москваҕа М.К. Аммосовы, С.В. Васильевы, И.Н. Бараховы уо.д.а. кытта түспүт фотокарточката Нам музейыгар баар.
Антон Антонович Костюшко-Валюжанич – Россия революционнай хамсааһынын деятелэ. Большевик А.А. Костюшко-Валюжанич Модукка 1903 сыл от ыйын 18 күнүгэр кэлбитэ. Кини олорбут сиригэр оҕолору мунньан столярнай дьыалаҕа, ааҕарга уонна суруйарга үөрэтэрэ.
Антон Антонович 1 Хомустааҕынан, Марханан, Маҥанынан, Дьокуускайынан кэлэ-бара сылдьара. 1904 сыллаахха «Романовка» диэн ааттаах Дьокуускайга буолбут политсыылынайдар сэбилэниилээх бырачыастарын биир салайааччыта. Нам музейыгар А.А. Костюшко-Валюжанич кэргэнинээн, революционерка Татьяна Жмуркиналыын, 1 Хомустаахха Кыһыл Сыырга туран эрэн түспүт хаартыската баар.
Модукка бу политсыылынайдар олоро сылдьыбыттарын кэрэһэлиир туох да суох. Үбүлүөйүнэн сибээстээн, кинилэри үйэтитиигэ үлэни ыыталлара, ону кэлин салҕаан тэрийэллэрэ ыччакка, кэлэр көлүөнэҕэ олус улахан суолталаах бэлэҕинэн буолуо этэ.
***
Модуттар Саха сиригэр сэбиэскэй былаас олохтонуутун үөрүүнэн көрсүбүттэрэ. РК (б)П чилиэннэрэ, олохтоох ревком салайааччылара Иона Иванович Кутуков, Григорий Прокопьевич Карамзин көҕүлээһиннэринэн, тэрийиилэринэн нэһилиэк баайдарын утары үлэни ыыппыттара. Ол сырыттахтарына, баайдар тыллаан биэриилэринэн, 1922 сыллаахха тохсунньуга бандьыыттар ревком салайааччыларын И.И. Кутуковы, Г.П. Карамзины тутан Көбөкөҥҥө таһааран өлөрбүттэрэ.
Кэнники Модукка холбоспут «Кыһыл Талаһа» холкуос территориятыгар олорбут, үлэлээбит ревкомовецтар, коммунистар, холбоһуктааһын актыбыыстарын тустарынан суруйбаппын. Кинилэр Хатырык нэһилиэгин историятыгар суруллуохтара. Оттон холбоһуктааһын сылларыгар Модукка актыыбынайдык кыттыбыттары кылгастык аҕыннахха маннык:
1929 сыллаахха билиҥҥи Молокуоскай бааһынатын территориятыгар кииннээх «Дьуонаан» диэн 20-чэ хаһаайыстыбалаах ТЗОС тэриллэр. Председателинэн Баишев Никита Григорьевич үлэлээбитэ. 1930 сыллаахха «Чакыр» диэн ТЗОС билиҥҥи хортуоппуй үүннэрээччилэр территорияларыгар тэриллэр. Председателинэн Дьяконов Иван Егорович үлэлээбитэ. Бу икки ТЗОС-тар 1931 сыллаахха холбоһон «Большевик» холкуос буолаллар. Киинэ – Кириэс (билигин хортуоппуй хранилищетын онно). Баишев Никита Григорьевич председателлиир.
1932 сыллаахха Кытылга, билиҥҥи фермалар оннуларыгар кииннээх. «Остуолба» диэн холкуос тэриллэр. Председателинэн Охлопков Николай үлэлээбитэ.
1932 сыллаахха алааска «Улуу Сыһыы» (кэнники Андреев аатынан) холкуос тэриллэр. Антон Софронович Евстафьев председателлиир, Данил Егорович Кутуков суотчуттуур.
1939 сыллаахха «Большевик» уонна «Остуолба» холкуостар холбоһон «Большевик» холкуос буолаллар. Председателинэн Дьяконов Иван Егорович талыллар. 1942 сыллаахха «Большевик» уонна Андреев аатынан холкуостар холбоһон бөдөҥсүйэллэр. И.Е. Дьяконов доруобуйатынан көрдөһөн уурайар, председателинэн Шапошников Петр Алексеевич талыллар. Эһиилгититтэн председателинэн Макаров Григорий Алексеевич талыллан 1949 сылга диэри үлэлээбитэ.
1951 сыллаахха «Большевик» холкуос Хатырык нэһилиэгинээҕи «Кыһыл Талаһа» холкуоһу кытта холбоһон бөдөҥсүйэр. Председателинэн Уваровскай Гаврил Егорович быыбарданар. Гаврил Егорович кэнники Бөтүҥ нэһилиэгинээҕи Молотов аатынан, бөдөҥсүйүү кэнниттэн Хатыҥ Арыы нэһилиэгинээҕи Карл Марк аатынан (билигин «Хатыҥ Арыы» сопхуос) холкуостарга өр сылларга председателлиир. Онтон Г.А. Макаров Дьокуускайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын салайар кадрдарын бэлэмниир оскуоланы бүтэрэн баран 1952 сылтан Модукка М. Аммосов аатынан холкуоска бөдөҥсүйүү буолуор (1959 с.) диэри председателлиир. Онтон ылата Модут М. Аммосов аатынан холкуос, кэлин сопхуос отделениета.
Холбоһуктааһын бастакы сылларыгар, культурнай революцияны ыытыыга нэһилиэк сэбиэтэ (оччотооҕу председателлэр Иван Евстафьев (Мааныһыт), Федор Иванович Кутуков, комсомольскай ячейка (секретарь Конон Григорьевич Баишев) уонна онно актыыбынайдык кыттыбыт табаарыстар элбэх өрүттээх үлэни ыыппыттара. Бастакы холкуостар тэриллиэхтэриттэн холкуостара тэрилтэ-хаһаайыстыба өттүнэн бөҕөргөөһүнүгэр туох баар кыахтарын биэрэн үлэлээбит чулуу холкуостаахтар ааттарын билигин олохтоохтор махтанан ааттыыллар.
Модут бастакы трактористара Охлопков Михаил Иванович, Макаров Петр Григорьевич, Шапошников Петр Алексеевич «Фордзон» тыраахтар кэлиэҕиттэн бурдук сирин таҥастааһыҥҥа туруулаһан үлэлээбиттэрэ. Кинилэри В.В. Харитонов, А.К. Колесов, Д.В. Устинов батыспыттара. Кэнники Алексей Кузьмич Колесов, Дорофей Васильевич Устинов механизацияны производствоҕа туһаныыга, сиртэн үрдүк үүнүүнү ылыыга оройуон биллиилээх дьонунан буолбуттара.
***
Колесов А.К. тэрийиитинэн, бэйэтэ ылсыытынан, Тумул бөһүөлэгэр электростанция тутуллан 1948 сыллаахха (оройуон холкуостарыттан иккис) үлэҕэ киирэн Ильич уота сандаарбыта. Электростанция көмөтүнэн бурдук тартарар, мас хайытар, племфермаҕа ынаҕы электродойканан ыыр, кормозапарнигы үлэлэтэр буолбуттара. Уопсай эбийиэктэргэ уонна биирдиилээн ыалларга электрическэй уот киириитигэр электромонтер Василий Самсонович Винокуров, Константин Никонович Тихонов киниэхэ күүс-көмө буолбуттара.
Үлэ Кыһыл Знамята уордьаннаах Д.В. Устинов салайар ыччат-комсомол тыраахтар биригээдэтэ (тырахтарыыстар Афанасий, Петр Протопоповтар, Дмитрий Дьяконов, Дмитрий Попов, Дмитрий Васильев, Иван Сивцев, Гаврил Петров) сири таҥастааһыҥҥа, техниканы таһаарыылаахтык үлэлэтиигэ Намнааҕы МТС-ка куоталаһыы инники күөнүгэр сылдьыбыттара. Кинилэр дьулуурдаах үлэлэринэн биэс уонус сылларга холкуос (предс. Г.А. Макаров, агроном Т.П. Уваровская) туорахтаах культуралартан оройуон холкуостарыттан саамай үрдүк үүнүүнү ылаттаабыта. Холобур, 1954 сыллаахха гектартан 15-тии центнери, ол иһигэр Дьүөлэх диэн 90 гектардаах бааһынаттан 25-тии центнери үүннэрбиттэрэ.
Сүөһү иитиитигэр эмиэ биллэр-көстөр үлэлэр барбыттара. Ынаҕы искусственнай сиэмэлээһининэн буоһатыы тэнийэ илигинэ, Саха АССР Министрдэрин Сэбиэтин дьаһалынан, саха олохтоох сүөһүтүн боруодатын тупсарар сыалынан өрөспүүбүлүкэҕэ 1947 сыллаахха 6 племенной ферма тэриллибитэ. Олортон биирдэрэ бу Тумул бөһүөлэгэр тэриллибитэ. Племферма (сэбиэдиссэй А.Г. Кутуков) оройуоҥҥа бастакынан коллективынан 2000-лаах кирбиини 1948 сыллаахха ылбыта. Ферма кэккэ сылларга үрдүк кылаастаах холмогорскай боруода атыыр кунаттары оройуон атын холкуостарыгар атыылаан сүөһү боруодата, хаана уларыйыытыгар биллэр оруолу ылбыта.
Алта уонус сылларга модуттар сибиинньэни тымныы усулуобуйаҕа иитэн (П.Д. Винокуров, Е.А. Тимофеева, А.К. Протопопов, Т.С. Макаров), эккэ туттуллар ынах сүөһүнү отууга уотан (В.К. Харитонов, Н.М. Сандулин), ыччат сүөһүнү интенсивнэйдик улаатыннарыыга звенонан үлэни тэрийэн (К.Д. Гуляев) үчүгэй түмүктэри ситиспиттэрэ.
Кэнники сылларга хортуоппуй үүннэрээччилэр (М.Н. Ли) сыллата үрдүк үүнүүнү ылар буоллулар.
Модут үлэһит дьоно производство командирдарынан – биригэдьиирдэринэн, ферма сэбиэдиссэйдэринэн, өр сылларга айымньылаахтык үлэлээбит аҕа көлүөнэ табаарыстарын И.К. Куличкины, С.И. Шамаевы, А.Г. Кутуковы, Д.Е. Барамыгинаны, И.И. Новиковы, Д.Е. Кутуковы, И.П. Куличкины, П.Е. Павловы, И.В. Тихоновы, Т.П. Охлопковы, К.Н. Тихоновы, Н.М. Сандулины умнубаттар, астынан ахталлар.
Кинилэр ыанньыксыттар А. Уваровская, Т. Охлопкова, А.А. Кутукова, М.З. Евстафьева, Е.А. Суздалова, М.И. Куличкина, И. Матвеева, М.Д. Новикова, М.Н. Слепцова, А.Д. Тихонова, Т.С. Попова, А.А. Ким-Чей, В.Д. Попова, ыччат сүөһүнү ыытааччылар Е.Н. Суздалова, М.Д. Ядрихинская, К.Д. Гуляев, А.П. Ушницкая, Т.Н. Шамаева ааттарынан киэн тутталлар.
Тумул бөһүөлэгэ бастаан тутуллуоҕуттан, кэлин оскуола, кулууп, фермалар курдук улахан тутууларга сыраларын биэрбит уран тарбахтаах мас уустарын – болуотунньуктары Н.Н. Тихоновы, Е.П. Кутуковы, Н.И. Тихоновы, В.П. Макаровы, П.Д. Гуляевы, В.В. Сыроватскайы, А.Г. Гуляевы, Н.И. Евстафьевы о.д.а. уос номоҕуттан түһэрбэттэр.
Саха АССР Верховнай Сэбиэтин депутатынан ыанньыксыт Александра Архиповна Кутукова, холкуос председателэ Григорий Алексеевич Макаров быыбардаммыттара. Билигин суоппар Иван Дмитриевич Васильев депутат, Верховнай Сэбиэт Президиумун чилиэнин быһыытынан үлэлиир. Тумулга Бочуот Знага уордьаннаах Матрена Николаевна Слепцова, Үлэ Кыһыл Знамята уордьан кавалера Киров Данилович Гуляев, Үлэ Албан аата III степеннээх уордьаннаах, Саха АССР норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ Максим Николаевич Ли олороллор, үлэлииллэр.
Аҕа дойду Улуу сэриитигэр Модуттан 72 киһи кыттыбытыттан, 46 киһи Ийэ дойдуларын иһин сырдык тыыннарын биэрбиттэрэ. Кинилэр сырдык ааттарын ыччаттара умнубаттар. Бастакы мас пааматынньыгы 1962 сыллаахха оҥорон кинилэр ааттарын көмүс буукубаларынан суруйбуттара. 1980 сыллаахха бетон пааматынньыгы оҥорбуттара.
М. Аммосов аатынан сопхуос Модут отделениета кэнники пятилеткалары былаанын толорон түмүктүүр. Куоталаһыыга оройуоҥҥа бастыҥнар кэккэлэригэр киирсэр коллективтар, үлэһиттэр бааллар.
Ол гынан баран, ССКП КК тохсунньутааҕы, бэс ыйынааҕы Пленумнара социальнай-экономическай сайдыыны түргэтэтиигэ, уларыта тутууга туруорар соруктарынан сыаналаатахха, туһанылла илик ис кыахтар элбэхтэр.
Араас техниканан толору хааччыммыт, государство көмөтүнэн киэҥ сири нүөлсүтэр система оройуоҥҥа аан бастаан оҥоһуллубут уонна ыһыытын сирин үксүн нүөлсүтэр кыахтаммыт, төһө да сыһыллан-соһуллан тутулуннар, сүөһү иитиитин комплекса үлэҕэ киирбит учаастага диэтэххэ, көрдөрүүлэрэ сүөһүттэн да, сиртэн да бородууксуйаны ылыыга намыһахтар, урут холкуоһунан да олорон ылбыт кирбиилэригэр тиийбэттэр. Бу итэҕэһи туоратыыга адьас саҥалыы, эрчимнээхтик, эппиэттээхтик үлэлииллэрин олох көрдөбүлэ ирдиир. Оччоҕо Тумул бөһүөлэгэ оройуоҥҥа ортокулар ахсааннарыгар сылдьыбакка, бастыҥнар кэккэлэригэр тахсыаҕа.
В. ЕРЕМЕЕВ
“Ленин суола”, 1987 с., от ыйын 21 к.