Өрөбүл күннээҕи ааҕыы: Уус буолуу – үрдүк анал

Былыр уол оҕо барахсан аҕа ууһун салгыыр үрдүк аналлаах буолан сааһын ситтэ да ойох ылан, балаҕан туттан, сүөһү-ас тэринэн, туспа ыал буолан торҕо буруону унаарытыахтааҕын өйдүүрэ. Ол иһин ыал аҕата уолун кыра эрдэҕиттэн олох уустук үөрүйэхтэрин билэргэ-көрөргө, сатыырга үөрэтэрэ, дьиэҕэ-уокка туттуллар малы-салы, иһити-хомуоһу, от-мас үлэтин тэрилин тэринэргэ, сатаан уһанарга уһуйара. Онтон бу уолбут уһулуччу дьоҕурданан дьон кэрэхсиир уустук оҥоһуктарын мандардаан ситэрэн-хоторон оҥорор, маһынан, тимиринэн дэгиттэр уһанар буоллаҕына, аатыгар “уус” диэн ытыктанар тылы эбэн ааттыыр буолаллара.

Биһиги улууспутугар киэҥник биллибит биир оннук киһинэн Уус Бүөтүр – Кривошапкин Петр Федотович буолар. Кини үйэлэр кирбиилэрэ буолбут  үс тоҕустан тутулуктаах саҥа үүммүт сылбыт тохсунньутун 1 күнүгэр 100 сааһа туолла.

Уус Бүөтүр төрдө-ууһа бэрт дириҥ силистээх-мутуктаах. Аҕата төрүт Таастаах олохтооҕо, Соһу аҕатын ууһун үрэх, толоон сирдэригэр ынах, сылгы ииттэн орто баайыылаах ыал аатын ылбыт. Нам улууһун быыбарынай кулубата Кривошапкин Федор Андреевч —  Кулуба Сөдүөт этэ. Ийэтэ улуу Арассыыйа ыраахтааҕытын утаран “декабрист” буолан көскө кэлбит киһи Нуучча Москвитин диэн уолун кыыһа, оройуон бастакы Герой ийэтэ Ирина Михайловна Кривошапкина (Москвитина) этэ.

Уус Бүөтүр тоҕус бииргэ төрөөбүт уолаттартан саамай ортокулара.  Аҕалара Сөдүөт олус мындыр уус эбитэ үһү. Үрэх баһыгар олохтоох буолан улахан аатырар-сураҕырар дьиэни-уоту  туттубатар да, бу ыал сайылыктарыгар, отордуур сирдэригэр аһыыр иһиттэрэ үксэ мас, туос, туой иһит буолара. Ол курдук, аҕалара Сөдүөт үгүс элбэх иһити мастан, удьурҕайтан отойон, араастаан оһуордаан оҥорор идэлээх эбит. Ийэтэ туос иһити тигэринэн, туой көһүйэни охсорунан сураҕырбыт. Онон көһөллөрүгэр иһит-хомуос тиэйэн лаҥкынаппакка, сүөһүлэрин иннилэригэр үүрдүлэр да баран хаалар эбиттэр. Бүөтүр онон эмиэ оҕо сааһыттан уһанарга уһуллубут, ийэ-аҕа сахалыы майгынынан иитиилэрин ааспыт киһи. Аҕалара эдэр сааһыгар тыаҕа таҕыстаҕына байанайдаах булчут, сыһыыга киирдэҕинэ хайа да бэйэлээх сыспай сиэллээҕи сырсан тиийэн сыһытар, дьиэҕэ киирдэҕинэ сэһэнньит мааныта, мындыр уус бастыҥа этэ. Ол да иһин улахан баайа суох үрэх баһа олохтоох киһини кулубанан быыбардаатахтара.

Уус Бүөтүр уус быһыытынан аатырыыта холкуостааһын бастакы сылларыттан саҕаламмыта. Бастаан тимир ууһун быһыытынан оччотооҕу бастакы тыа хаһаайыстыбатын массыыналарын сатабыллаахтык өрөмүөннүүрүнэн, алдьаммыт, көстүбэт чаастарын бэйэтин уһанар кыһатыттан оҥорон таһааран солбуйан үлэлэтэринэн аатырбыта. Уус Бүөтүрү кытта бииргэ үлэлээбит, уһансыбыт киһини кытта билигин кэккэлэһэ олорон сэһэргэһэр уустук. Арай кини үлэтин дьиҥнээх туоһуларынан уола Николай Петрович Кривошапкин кичэллээхтик уура сылдьар докумуоннара буолаллар.

Бүөтүр 1934 сыллаахха ССРС Конституциятын ылыныыга аналлаах социалистическай куоталаһыыга үрдүк көрдөрүүлээхтик үлэлээбитэ. Оройуон үрдүнэн тэнитиллибит бу хамсааһыҥҥа бастыҥнар кэккэлэригэр киирэн бастакы стахановецтартан биирдэстэрэ буолбута. Улахан суолталаах тутууларга кыттан сүрүн уус быһыытынан үлэлээн испитэ. 1932 сыллаахха тутуллан бүппүт Таастаах оскуолатын тутуутугар соҕуруу таастаахтар ааттарыттан кыттыыны ылбыта. Нам-Таастаах суолугар Кэҥкэмэ, Чаакыйа үрэхтэри туоруур муосталар бырайыактарын оҥорсубута, тутуспута. 1936 сыллаахха Кэҥкэмэ үрэх муостата саҥалыы тутуллубута. Народнай депутаттар оройуоннааҕы сэбиэттэрин председателэ Николай Васильевич Дьячковскай илии баттааһыннаах дьаһалынан Уус Бүөтүр ити муоста тутуутугар саталлаах үлэтин иһин 100 солкуобайынан бириэмийэлэммит. Күн бүгүнүгэр диэри үлэлии турар, оройуоҥҥа саамай уһун Чаакыйа үрэх муостата сэрии иннинэ эрэ бүппүтэ.

Олох инники сайдыытыгар оройуоҥҥа биир тутаах салаанан электричествоны туттууну тэнитии этэ. Оройуон биир биллиилээх киһитэ Илья Николаевич Прядезников салайбыт “Салҕабыл” тэрилтэтиттэн ссуда ылан, Хаҥалас Хачыкаатыгар үлэлии турбут локомобили атыыласпыттара. Оччотооҕу кэмҥэ тимир уустарынан киэҥник сураҕырбыт Дмитрий Ионович Аргунов – Басхарай Уус, Семен Семенович Эверстов – Чиэрбэ Сэмэн буоланнар 1925 сыллаахха ону уунан уһааран аҕалан Намҥа туруорбуттара. Олохтоох нуучча киһитэ, механик идэлээх Михаил Прокопьевич Четвертаков көмөлөһөн, бу локомобилынан аан бастаан Ильич уотун умаппыттара, бурдук тардан тиҥийбиттэрэ. Үлэлээн тиҥийэ туран 1937 сыл муус устарга бу станция умайан хаалбыта. Барабыыгы чөлүгэр түһэриигэ оройуон бастыҥ уустара түмүллүбүттэрэ. Локомобиль умайбыт чаастарын уларытан, сорох чаастарын бэйэлэрэ кутан Өктөөп өрөбөлүүссүйэтин 20 сылын көрсө, Нам селотугар электрическэй уот хаттаан умайбыта, бурдук тардыыта салҕаммыта. Бу күүрүүлээх мындыр үлэҕэ сатабыллаах үлэтинэн кыттыспытын иһин Уус Бүөтүр оччолорго олус күндү малынан – велосипедынан бириэмийэлэммитэ. Саха сирэ автономияны ылбыта 15 сылын уонна Өктөөп өрөбөлүүссүйэтэ 20 сылын бэлиэтиир оройуон исполкомун сессиятыгар ыҥырыллан кыттыыны ылбыта. Бу үлэһит киһини чиэстээһин, уус быһыытынан билинии бэлиэтэ этэ. Чиэстээһин итинэн эрэ бүппэтэҕэ. Сайын, бэс ыйын 6 күнүгэр, Саха автономиятын 15 сылыгар аналлаах бырааһынньык Дьокуускай куоракка ыытыллыбыта. САССР Киин Ситэриилээх Комитетын председателлэрэ Габышев А.Т., Шараборин Х.П., партия обкомун секретара Певзняк П.М. илии баттааһыннаах Ыҥырыы сурук быһыытынан ол бырааһынньыкка Уус Бүөтүр сылдьан үөрэн-көтөн тахсыбыттаах. Эһиилгитигэр Дьокуускай куоракка олунньу 27 күнүгэр буолбут тыа хаһаайыстыбатын үлэһиттэрин ударниктарын уонна стахановецтарын Бүтүн Саха сиринээҕи сүлүөттэрин делегатынан талыллан кыттыыны ылбыта. САССР Сир үлэтигэр наркома Варфоломеев илии баттаабыт мандаата үгүс ахсааннаах араас грамоталарын быыһыгар сылдьар.

Уус Бүөтүр Таастаах Тельман аатынан, “Кыһыл Таастаах” холкуостарыгар сэрии иннинэ уһаммыта. Өргөлөөххө кини уһаммыт дьиэтин оннугар соторутааҕыга диэри дизельнэй электростанция үлэлии турбута. Тоҕус уолтан икки быраата Иннокентий уонна Василий Аҕа дойдуну көмүскүүр сэриигэ бастакы хомуурдарга ыҥырыллан баран, сэрии толоонугар охтубуттара. Үһүс быраата Захар сиһин балык этин тоҕу ыттаран ыарахан аһаҕас баастаах төннүбүтэ. Онтон Уус Бүөтүр 44 саастааҕар убайа, 54 саастаах Уус Мэхээлэлиин, быраата, эмиэ түөрт уонуттан тахсыбыт Даллаҥ Элигиэтинээн 1943 сыллаах хомуурга түбэһэн сэриигэ ыҥырыллыбыттара. Кинилэри 86 саастаах ийэлэрэ сахалыы таҥаһын таҥнан тахсан алгыы хаалбыта. Уолаттар үһүөн уус идэлээх буолан, үлэ фронугар сылдьан, этэҥҥэ төннөн кэлбиттэрэ. Уус Бүөтүр Бурятияҕа тиийэн идэтинэн наар уһаммыта. Сэрии да кэнниттэн Петр Федотович уһанарын тохтоппотоҕо. Жданов аатынан холкуоска, кэнники “Нам” сопхуоска уһаммыта. Тыа хаһаайыстыбата сайдыытыгар уһулуччу ситиһиитин иһин 1956 сыллаахха САССР Үрдүкү Сэбиэтин Бочуотунай грамотатынан наҕараадаламмыта. 1970 сыллаахха “Нам” сопхуос Бочуотун кинигэтигэр үйэ-саас тухары суруллубута.

Уус Бүөтүр 1973 сыллаахха 74 сааһыгар ыалдьан өлбүтэ. Кини көмүс уҥуоҕа Кыһыл Сыырга хараллыбыта.

Петр Федотович үйэтигэр үстэ кэргэннэммитэ. Биэс оҕотуттан үс оҕо киһи буолбута. Кини бастакы кэргэнэ Аргунова Аграфена Дмитриевна биир кыыһы, икки уолу төрөппүтэ. Эдэр сааһыгар, оҕолоро олох кыраларыгар, ыалдьан өлбүтэ. Улахан кыыс Мария Модут уолугар Николай Ядрихинскайга кэргэн тахсыбыта. Иккиэн саастарын тухары сүөһү иитиитигэр үлэлээбиттэрэ, холкуос төһүү үлэһиттэринэн аатырбыттара. Билигин элбэх оҕо аҕалаах ийэтэ, сүүрбэнэн сиэн эһэлээх эбэтэ биэнсийэҕэ олороллор. Иккиэн да төрүттээх-уустаах дьон буолан, саха омук сиэрин-туомун, туттар сэбин-сэбиргэлин, иһитин-хомуоһун ыччакка көрдөрөр, кэпсиир дьикти дьарыктаахтар. Өрөспүүбүлүкэ таһымнаах үгүс көрүүлэргэ ситиһиилээхтик кытталлар.

Улахан уол Николай Петрович кэргэнинээн Валентина Петровналыын – куорат олохтоохторо. Николай аныгы үйэ киһитин быһыытынан техниканы баһылаабыт мындыр уус.

Уус Бүөтүр иккис кэргэниттэн, Пелагея Тихоновна Федороваттан, биир кыыс Людмила хаалбыта. Билигин Кэбээйи олохтооҕо. Үһүс кэргэнэ Евдокия Осиповна Сивцеваттан Бүөтүр оҕоломмотоҕо. Ити курдук олоҕу норуокка биллибит улахан уус күн сиригэр олорон ааспыта.

Үрэх баһыгар олохтоох Кулуба Сөдүөт саха ыалын сиэринэн, айылҕаны кытта алтыһыннаран үлэҕэ, уһанарга уһуйан улаатыннарбыт тоҕус лиҥкинэс уолаттарыттан үс уолугар Мэхээлэҕэ, Бүөтүргэ, Дьаакыпка дьон-сэргэ “уус” диэн үрдүк ааты иҥэрбитэ. Билигин даҕаны Сөдүөт оҕонньор элбэх кэнэҕэски ыччаттарыттан кини аатын ааттатыах мындыр дьон элбэхтэр. Кинилэр инники сайдар суоллара киэҥ, ыраас.

Оттон Уус Бүөтүр төрөөбүт улууһа сайдарын туһугар сыратын, саталын анаабыт олоҕо улуус историятыгар умнуллубаттык суруллан хааллаҕа.

Иннокентий КРИВОШАПКИН, РФ Журналистарын союһун чилиэнэ,

“Эҥсиэли”, 1999 с., олунньу 16 к.

Читайте дальше