Өрөбүл күннээҕи ааҕыы: Ылдьаана уолаттара (Документальнай очерк)

Арбын нэһилиэгэр сүөһү иитиитигэр дьарыктанан уонна балыктаан, бултаан олорбут Дьяконов Афанасий Егорович олоҕун доҕорунаан Ульяна Гаврильевналыын ыал буолан, Сэбиэскэй былаас бастакы сылларыттан харахтара аһыллан, дьиэлэнэн-уоттанан, оҕолонон-урууланан үлэ-хамнас үөһүгэр өрүкүнэһэ сылдьыбыттара. Үс уолларын харахтарын иччитэ оҥостон холкуос үлэтигэр актыыбынайдык кытталлара. Улахан Николай уонна иккис уол Петр иккиэн дьоннорун баҕа санааларын толорон кэргэннэнэн саҥа ыал буолбуттара. Илиилэрин холкуос үлэтиттэн араарбат этилэр. Кыра уоллара Николай дьоһун үлэ-хамнас киһитэ буолбута. Ол кэмҥэ ыар ыарыы сабардаан, кинилэр аҕаларын булгу сөрөөбүтэ. 1940 сыллаахха уһун ыарыыттан өлбүтэ. Ийэлэрэ Ульяна Гаврильевна сааһын тухары көмүс көһүйэтэ оҥостубут, дьолломмут холкуоһун үлэтиттэн илиитин араарбатаҕа. Ити  кэмҥэ алдьархайдаах Аҕа дойду сэриитэ саҕаламмыта.

1941 сыл атырдьах ыйын 8 күнүгэр улахан Николайга уонна Петрга бэбиэскэ кэлбитэ. Уолаттар алаһа дьиэлэрин уонна көмүс ийэлэрин кытта быраһаайдаһан, ийэ кэс тылын истэн баран түмсэр сиргэ барбыттара. Ийэлэрэ Ульяна Гаврильевна көрдөҕүнэ, кини уолаттарын курдук чэгиэн-чэбдик эрэттэр мустубуттар эбит. Бу уолаттар алаһа дьиэлэриттэн, аан ийэ дойдуларыттан, тиэргэннэриттэн, төрөөбүт алаастарыттан тэлэһийэн аан маҥнайгы тэһииннэрин туппуттара. Атаарааччылар «охтоохтон охтумаҥ, саалаахтан самнымаҥ, өстөөҕү тобуктатан, кыайан-хотон кыайыы аргыстанан ийэ буоргутугар эргиллэн кэлиҥ» диэтилэр. Ат туйаҕын тыаһа тибигирэйэн атырдьах ыйдаах суол буора өрүкүйэ түспүтэ. Атаарааччылар кинилэр барбыт суолларын өр баҕайы одуулаһан хаалбыттара. Кумаар саҥата дыыгыныыра, табах күөх буруота ии буолан үөһээ эриллэҥниирэ. Барааччылар суолларын эмиэ истэр курдук чуумпуран ылаллар. Ити кэнниттэн абыр-табыр тарҕаһыы буолбута.

Ульяна Гаврильевна аччыгый үһүс уола Николай 1942 сыллаахха сэриигэ барбыта. Ийэ барахсан үһүс уолугар наһаа долгуйбута. «Быраатыҥ Бүөтүр уонна убайыҥ Ньукулай суруктара, сэдэх да буоллар,  кэлэ тураллар. Уолум, Николай, кинилэр курдук охтоохтон охтума, саалаахтан самныма», – диэн алгыы-алгыы бүтэһик уолун ыгыта кууспута. Ийэ сүрэҕэ билбит курдуга. Аччыгый Ньукулай сэрииттэн төннүбэтэҕэ. Кини сэриигэ барбытын кэнниттэн кэргэнэ ыалдьан өлбүтэ. Кинилэртэн Вася диэн уол хаалбыта. Билигин кини улаатан – Василий Николаевич Дьяконов кэргэннээх, оҕолоох, Көбөкөҥҥө олорор, сопхуос төһүү үлэһитэ.

Ылдьаана улахан уола Николай 1943 сыл бүтэһигэр Калининскай уобалас сиригэр сэриилэһэ сылдьан, кэннин снаряд оскуолкатыгар үлтү көтүттэрэн уһуннук эмтэнэн баран дойдутугар төннүбүтэ. Саллаат сүрэҕэ тулуйбатаҕа. Сэрии буола турдаҕына сынньаныан баҕарбатаҕа. Төрөөбүт холкуоһугар өлүөр диэри үлэлээбитэ. Сэрии уонна үлэ бэтэрээнин түөһүн элбэх бойобуой мэтээллэр киэргэтэллэр. Сэрии уонна үлэ бэтэрээнэ уһун ыарахан ыарыыттан 1979 сыл ахсынньытыгар өлбүтэ.

Ылдьаана иккис уола Бүөтүр, үөһээ эппиппит курдук, атырдьах ыйыгар убайын кытта  сэриигэ ыҥырыллан барбыта. Аара аргыстаһан баран, тус-туһунан суолу туппуттара. Бүөтүр Забайкальскай байыаннай уокурукка үс ыйдаах үөрэҕи бүтэрэн баран фроҥҥа барбыта. Оччотооҕуга уһуннук айаннаан 1941 сыл ахсынньы 21 күнүгэр сэрии ньирилээн олорор сиригэр тиийбиттэрэ. Аан бастаан сэриилэһэр сүрэхтэниини Харьков туһаайыытыгар Куполь станция чугаһыгар Николаевка село иһин кыргыһыыга 418-с стрелковай полкаҕа сылдьан ылбыта. Сир-халлаан титирэстээн уотунан уһуура олорбута. Уонунан хонук устата саҥаттан саҥа атаакалары оҥорбуттара, кимэн киирии өрөгөйүн, чугуйуу хомолтотун эт хааннарынан билбиттэрэ. Тохсунньу 7 күнүгэр эбии күүс түмүнэн баран кимэн киирбиттэрэ. Артиллерия уотунан сабынан иннилэрин диэки дьулуспуттара.

Ити курдук, биһиги олунньу 10 күнүгэр ылбыт оборонабыт сириттэн уллуҥах да сири ыһыктар санаата суох түмүнэн олорбуппут, – диэн ахтар Бүөтүр. – Олунньу 12 күнүгэр улахан кимэн киирии буолбута. Сэрии сэбин бары көрүҥнэрэ кытыннылар быһыылаах. Сир иҥнэҥниир кыргыһыыта саҕаламмыта. Өлүү-сүтүү да элбээбитэ. Ол охсуһууга мин төбөбөр уҥа кулгааҕым үрдүнэн баас ылан хаан-билик буолбуппун госпитальга ыыппыттара. Онно мин икки биир дойдулаахтарым Кривошапкин Ксенофонт Кононович, Потапов Василий Степанович уот будулҕаннаах толоонугар тыыннаах хаалбыттара.

Үтүөрэн баран, Воронеж куоракка 211 саппаас полкатыгар автоматчиктар тактическай үөрэхтэригэр сылдьыбытым. Онтон эмиэ фроҥҥа барбытым. Өстөөх күүс ылан биһигини Дон диэки чугуппута. Төттөрү-таары атаакалааһын кэнниттэн ахсынньы 20 күнүгэр улахан кимэн киириини оҥорбуппут. Милерово диэн тимир суол станциятын ылбыппыт. Тыһыынчанан өстөөх саллаатын өлөрбүппүт уонна билиэн ылбыппыт. Кыайыы үөрүүтүн аан бастаан онно эт хааммынан билбитим. Ити ый бүтэһигэр хаҥас харахпын сүтэрбитим. Балашов куоракка уһуннук эмтэммитим. Рабочай батальоҥҥа сырытыннаран баран, 1943 сыл күһүнүгэр эмиэ сэрии толоонугар киирбитим. Артиллерийскай отделениеҕа наводчик буолбутум. Онно 1944 сыл кулун тутар 26 күнүгэр диэри сылдьыбытым. Улахан кимэн киириигэ көхсүм лаппаакы уҥуоҕун алын өттүнэн баас ылан, эмиэ санчааска атаарыллыбытым. Онтон Сумскай уобалас леспромхоһугар үлэлээбитим. Ити чааспыттан сэрии бүппүтүн кэннэ от ыйын 24 күнүгэр 1947 сыллаахха босхолонон төннүбүтүм. Төрөөбүт дойдубар, холкуоспар эргиллэн үлэ үөһүгэр киирсибитинэн барбытым.

Петр Афанасьевич сэрии кэнниттэн олоҕун доҕорунаан Мария Ивановналыын 8 оҕону иитэн-харайан дьон оҥортоотулар. Саша – тутааччы, Аркадий – суоппар, Уля – фельдшер, Виктория – ветфельдшер, Миша – аармыйаҕа сылдьар. Саргы онус кылааһы бүтэрэн үлэлии сылдьар, икки кыралара оскуолаҕа үөрэнэллэр.

Буойун-коммунист Дьяконов Петр Афанасьевич саллаат уһун сындылҕаннаах суолун тэлбитэ, үстэ ыараханнык бааһырбыта. Сэрии уонна үлэ бэтэрээнин түөһүн Аҕа дойду Улуу сэриитин II степеннээх уордьана, 5 бойобуой уонна үлэ бэтэрээнин мэтээллэрэ киэргэтэллэр. Кини билигин төһө даҕаны биэнсийэҕэ таҕыстар, сопхуоһун үлэтиттэн илиитин араара илик.

Онон Ылдьаана уолаттара Аҕа дойду сэриитигэр актыыбынайдык кыттан, тыыннаахтара билигин да үлэ үөһүгэр сылдьалларыттан олус үөрэр.

М. БАРАМЫГИНА, «Ленин суола», 1980 с., от ыйын 5 к.

Читайте дальше