«Эрэл» спортивнай лааҕыр

Быйыл сайын өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 555 оҕо сайыҥҥы лааҕыра арыллан үлэлии турар. Кинилэр 2-с сезоннара бүтэн, 3-с сезон үлэлиэхтэрэ.

П.П. Юмшанов аатынан Намнааҕы спортивнай оскуола иитиллээччилэрэ уонна филиалларын оҕолоро, быйыл, буоларын курдук 14 хонуктаах Бөтүҥ нэһилиэгин аннынан турар “Эрэл” спортивнай лааҕыр иккис сезон үлэлэтин түмүктээтэ.
Бу туһунан тренер Кирилл Павлов билиһиннэрдэ:


Лаҕырбыт 2015 сылтан арыллан күн бүгүнүгэр дылы хас сайын ахсын утумнаахтык үлэлии олоробут. Урукку кэмнэргэ лааҕырбыт 3 сезонунан 21 хонуктаах этэ, уонна сезон аайы 40 оҕону набордааччыбыт.

Быйыл үбүлээһин кыччаан хонукпутун да, оҕобут да ахсаанын аччаттылар. Онон быйыл сайын 14 хонуктаах уонна сезон аайы 30 оҕолоохпут.


Бу иккис сезон лааҕыр кэнниттэн Павел Пинигин бирииһигэр күрэхтэһии буолар, онно кыттаары уолаттары эрчийэбит. Үһүс сезон кэннэ балаҕан ыйыгар «Игры Батыров» буолуохтаах онно эмиэ бэлэмнэниэхтээхпит.

 

Оҕолор сарсыаода 08:00 тураллар, аҕыс аҥаарга дылы зарядка, тоҕус чааска сарсыардааҥҥы аһылык, онтон 11ч.сарсыардааҥҥы дьарык саҕаланар – оонньуу, көбүөр, кросс ыытабыт ити курдук сырыы аайы көрүҥүн уларыта сылдьабыт. Иккис дьарыкпыт биэс чаастан саҕаланар.

Күҥҥэ биэстэ аһыыллар.
Таһырдьа улахан киэҥ навестаахпыт, онно айылҕа салгыныгар оҕолор үөрэ көтө дьарыктаналлар. Оҕолор лааҕырга сөбүлээн сылдьаллар, сорох сорохтор 3 сезон да сылдьыан баҕалаахтар эмиэ бааллар.

Лена Корякина

Читайте дальше