Бүгүн, ахсынньы 20 күнүгэр, Ил Дархан Айсен Николаев өрөспүүбүлүкэ социальнай-экономическай сайдыытыгар кылааттарын киллэрбит дьоҥҥо судаарыстыбаннай наҕараадалары туттарда.
Тыа хаһаайыстыбатын сайдыытыгар 40-тан тахса сыл эҥкилэ суох үлэлии-хамсыы сылдьар, «Эрэл» ТХПК Намнааҕы үүтү астыыр киин собуот маастара Наталья Михайловна Оконешникова «Гражданскай килбиэн» бэлиэнэн наҕараадаланна.
Кэпэрэтиип уопуттаах уонна бэриниилээх үлэһитэ, маастар Наталья Оконешникова Улан-Удэтээҕи механико-технологическай техникумҥа «Үүт бородууксуйатын оҥорон таһаарыы маастара» диэн идэни баһылаан, 1976 сыллаахха Саха сиригэр ананан үлэлии кэлбит. Үлэтин 1-кы Хомустаахха үүт сыаҕар саҕалаабыт, онтон 2003 сыллаахтан «Эрэл» ТХПК киин собуотугар маастарынан үлэлиир.
«Наталья Михайловна баай уопуттаах үлэһиппит. Эдэрдэргэ үтүө холобур, сүбэһит-амаһыт. Кини салалтатынан сыллата оҥорон таһаарар аспыт-үөлбүт хаачыстыбата тупсар. Өрөспүүбүлүкэтээҕи быыстапкаларга, дьаарбаҥкаларга куруук миэстэҕэ тиксэбит», — диэн кэпэрэтиип генеральнай дириэктэрэ Ньургун Гуляев санаатын үллэһиннэ.
Семен Аргунов