Балаҕан ыйын 28 күнүгэр Нам улууһун Хомустаах 2-с нэһилиэгиттэн ыаллыы сытар Уус Алдан улууһун Тумулугар «Өрүүтүн аргыс буоллун — ырыам» программанан гастроллаан кэллибит. Тумуллааҕы «Түмсүү» сынньалаҥ киинин үлэһиттэрэ ыалдьыттары сылаастык көрсөн балаҕаҥҥа, музейга, библиотекаҕа, «Арчы» дьиэтигэр, саҥа көстүүлээх Кыайыы болуоссатыгар сырытыннаран экскурсиялаттылар.
Итии чээйдээх, сахалыы астаах, алаадьылаах төгүрүк остуол тэрийэн, үлэлэрин сүрүн хайысхаларын билиһиннэрэн, ирэ-хоро кэпсэтии, уопут атастаһыыта буолла.
Киэһэ 19:00 ч. киирии билиэтинэн сүүйүүлээх оонньуу тэрилиннэ. Сүрүн бириистэргэ Хомустаах 2-с нэһилиэгин минньигэс отоно, эмис собото, өрүс балыга турда. Маны таһынан араас бириистэр оонньоннулар. Кэлбит көрөөччүлэр ылламмыт ырыалартан дуоһуйдулар, астыннылар уонна илии тутуурдаах, өттүк харалаах үөрэн-көтөн, сынньанан тарҕастылар.
Саргылана Попова, «Сэргэлээх» ЭКК методиһа