Нам улууһун Хатырык нэһилиэгин «Кэрэчээнэ» оҕо сайдар киинин иитиллээччилэрэ, “Дойдум үлэһит дьоно” бырайыак чэрчитинэн, нэһилиэк биир бастыҥ үлэһитэ Петрова Ольга Ивановна хаһаайыстыбатыгар муус устар 18 күнүгэр ыалдьыттаатылар. Кырачааннар тыа ыалын бүппэт түбүгүн, сүөһү-ас үлэтин көрөн, билсэн кэллилэр.
Ольга Ивановна сүөһү көрүүтүн үлэтин-хамнаһын туһунан оҕолорго сиһилии, тиийимтиэтик кэпсээтэ, көрдөрдө. Кырачааннар саҥа төрөөбүт ньирэйдээх ынахтары, козалары, кроликтары, дьиэ көтөрдөрүн: куһу, кууруссалары, перепелкалары илэ көрөн, тутан-хабан үөрдүлэр –көттүлэр.
Сардана Тимофеева, «Кэрэчээнэ” оҕо сайдар киинин иитээччитэ