Хамаҕатта нэһилиэгэр үгүс сылларга оҕолору спорка угуйбут, саахымат, дуобат курдук өй оонньууларыгар эрчийбит, үгүс уолу хоккей оонньоппут ССРС кинематографиятын туйгуна, энтузиаст, общественнай тренер Евтропий Спиридонович Охлопков төрөөбүтэ 90 сылынан Ефим Шапошников аатынан Хамаҕатта орто оскуола спортивнай саалатыгар саахымакка улуустааҕы турнир ыытылынна.
Күрэхтэһии Евтропий Спиридонович уола, Хамаҕатта орто оскуолатын учууталын көҕүлээһининэн уонна тэрийиитинэн, 40 саахыматы сэҥээрээччини түмтэ. Турнирга швейцарскай системанан 9 тур оонньонно, улахан дьону тэҥэ оскуола оҕолоро кытыннылар. Кинилэр ортолоругар улуус, республика чемпионнара, призердара, саҥа саҕалааччылар бааллара үөрдэр.
Турнир үөрүүлээх аһыллыытыгар Нам улууһун спорка уонна физическэй культураҕа управлениетын начальнига Павел Иванов, Евтропий Охлопков кыыһа Маргарита Охлопкова, кылаабынай судьуйа Григорий Кычкин эҕэрдэлээтилэр, тыл эттилэр.
Турнир кэмигэр Евтропий Охлопков үлэтин, спортивнай олоҕун көрдөрөр фотомонтаж, саахымат кинигэлэрэ, сурунааллара, оонньообут саахыматтара, курэхтэспит кэмигэр түмүктэрин суруммут таблицалара спортсменнар болҕомтолорун тарта. Турнирга Евтропий Охлопков уола, сиэнэ, 3 хос сиэнэ кыттыыны ыллылар.
Турнир түмүгүнэн оҕолорго:
1 м.– Жиркова Алена;
2 м. – Жиркова Анюта;
3 м. – Эверстова Амелия.
Уолаттарга:
1 м. – Нартахов Роберт;
2 м. – Новгородов Иннокентий;
3 м. – Обутов Саша.
Дьахталларга :
1 м. – Габышева Наталья;
2 м. – Жиркова Туйаара;
3 м. – Егорова Розалия;
Эр дьоҥно:
1 м. – Тоскин Станислав;
2 м. – Кычкин Григорий;
3 м. – Леонтьев Егор.
Кыайыылаахтар мэтээл, грамота, спонсордартан бириистэри туттулар. Анал бириистэри саамай эдэр уонна саастаах спортсменнарга бэлэхтээтилэр.
Спортсменнарга аһылык тэрилиннэ. Евтропий Охлопков кэргэнэ, үөлээннээхтэрэ “Старай гвардия” түмсүү минньигэс тордунан күндүлээтилэр. Турнир спонсордарынан оҕолоро, сиэннэрэ буоллулар. Куруук өйүүр ыалбытыгар Надежда, Данил Даниловтарга махтал тылларын тиэрдэбит, кинилэр олохтообут бириистэрэ Григорий Кычкиҥҥа туттарылынна. Турнир оһуохайынан түмүктэннэ.
Маргарита Охлопкова