Алтынньы 20 күнүгэр Бөтүҥ орто оскуолатыгар өр сылларга таһаарыылаахтык үлэлии сылдьар изо, технология учуутала Федот Стручков уус-уран отчуота буолан ааста. Түгэнинэн туһанан, Федот Семеновичтан интервью ыларга сананныбыт.
— Үтүө күнүнэн, Федот Семёнович. Уус-уран отчуотуҥ этэҥҥэ ааспытынан эҕэрдэлиибит. Уонна биһиги ыйытыыларбытыгар эппиэттииргэр көрдөһөбүт. Федот Семенович, оҕо сылдьан туох идэлээх үлэһит буолуоххун баҕарар этигиний?
— Мин олох кыра оҕо сылдьан летчик, суоппар, уопсайынан, техника өттүгэр сыһыаннаах үлэһит буолуохпун баҕарар этим. Биир кэмҥэ күүскэ моряк буолуохпун баҕарбыттааҕым. Тоҕо диэтэххэ, муора кытыытыгар олорор этибит, улахан хараабыллары көрөн, моряк буолбут киһи диэн саныырым. Онтон кэнники, 8-с кылааска үөрэнэ сырыттахпына, оскуолабытыгар художественнай үөрэҕи бүтэрэн кэлбит худуоһунньук биһиэхэ уруһуй куруһуогун ыыппыта. Кини миигин уруһуйдуурга үөрэппитэ, бу идэҕэ интэриэһи үөскэппитэ. Биир да куруһуок дьарыгын көтүппэккэ сылдьарым. Онтон ыла мин уруһуй учуутала буолуохпун баҕаран, Намнааҕы педагогическай училищеҕа 1967-1968 сыллардаахха үөрэнэ киирбитим.
— Билигин, оччотооҕу кыра Стручков Федяҕа тугу сүбэлиэҥ этэй?
— Федя, үөрэххэр кыһан, дьиэҕэ үлэҕин оҥор. Дьиэҕэ үлэҕин үчүгэйдик толордоххуна, билииҥ кэҥиэ, эбиллэн иһиэ диэм этэ.
— Саха сириттэн атын ханнык дойдуга олоруоҥ этэй?
— Сахам сириттэн атын ханнык да дойдуга олоруохпун баҕарбаппын. Арай, сайынын Хотугу муора кытыытыгар олоруом этэ. Иккис дойду оҥостубут Наммын олус таптыыбын.
— Олоҕуҥ туһунан киинэ уһуллара буоллар, ол киинэ туох диэн ааттаах буолуо этэй?
— «Стручков Федот Семенович – учитель изобразительного искусства» диэн киинэ буолуо этэ.
— Учуутал буолар туох үчүгэйдээҕий уонна куһаҕаннааҕый?
— Учуутал буолар үчүгэйэ – оҕолору кытта алтыһаҕын, оҕолору үөрэтэҕин, билиигин биэрэҕин. Куһаҕана – хамнаһа кыра уонна ардыгар сылаалаах.
— 2023 сыл Педагог уонна Наставник сыла. Эн олоххор ким сабыдыаллаабытай? Наставнигым диэн кими этиэҥ этэй?
— Хамаҕаттаттан төрүттээх Иван Семенович Гаврильев өр сылларга Намнааҕы педагогическай училище директорынан, онтон үөрэҕирии управлениетыгар үлэлээбитэ. Мин творческай учуутал буоларбар кини сабыдыала улахан.
— Федот Семенович, эһиэхэ дуоһуйуу хантан кэлэрий?
— Дуоһуйуу миэхэ үөрэтэр оҕолорум үлэлэрин түмүктэриттэн кэлэр. Кинилэр ситиһиилэриттэн олус үөрэбин.
— Эдэр учууталларга тугу сүбэлиэҥ этэй?
— Өскөтүн учуутал идэтин талбыт буоллаххына, идэҕин сайыннарарга дьулус. Саҥа технологиялары баһылыырга үөрэн, олоҕу кытта тэҥҥэ хардыылаа.
— Федот Семенович, ыйытыыбытыгар хоруйдаабыккар махтанабыт. Үлэҕэр өссө үрдүк ситиһиилэри, чэгиэн доруобуйаны баҕарыбыт.
Виктория Сивцева, Алиана Лобанова, «Медиа-класс» корреспонденнара,
Бөтүҥ орто оскуолата, салайааччы М.В. Сивцева.