Физкультурник күнүнэн!

Сылын аайы атырдьах ыйын иккис субуотатыгар Арассыыйаҕа Физкультурник күнэ бэлиэтэнэр. Бу күн ССРС норуодунай комиссардарын сэбиэтинэн 1939 сыллаахха олохтоммут.
Сылын ахсын спорду өрө тутар дьон элбээн иһэллэрэ үөрдэр. Саха сиригэр маассабай спорт сайдар, дьон онно кыттыһара туоһулуур. Бэйэ кыаҕынан үрдүк ситиһиилэр кэлэллэр!
Спортсменнар, тренердар, спордунан сөбүлээн дьарыктанааччылар кыахтарын ыһыктыбат туһуттан саҥа суолу тобулан үлэлииллэр.
Физкультурник күнэ-чэгиэн, күүстээх уонна эр санаалаах буолуу бырааһынньыгынан буолар. Киэн туттар спортсменнарбыт улуус спорка оскуолатын маастарыстыбатын республикаҕа, Россияҕа, аан дойдуга дуорааннаахтык аатырда сылдьар спортсменнарбытынан киэн туттабыт.

Улууспут спорда уонна физкультурата инникилээх, кэскиллээх, кыайыылаах-хотуулаах буоларыгар дьоһун салҕааччылара буоларгытын астына бэлиэтиибит.
Нэһилиэнньэ, тэрилтэлэр бары ыытыллар спортивнай көрүҥнэргэ олус көхтөөхтүк кытталлар.
Эһиэхэ барыгытыгар кытаанах доруобуйаны, үлэҕитигэр үрдүк ситиһиилэри, саҥа кыайыылары, дьиэ кэргэҥҥитигэр дьолу-соргуну баҕарабыт. Спорка чаҕылхай кыайыыларгытынан улуус дьонун-сэргэтин үөрдэ, төрөөбүт Намҥыт улууһун ааттаата туруҥ диэн алгыспытын аныыбыт!

Эҥсиэли хаһыат