Граф Биэрэгин олохтоохторугар үөрэх ситимин үлэһиттэрэ аадырыстаах көмөнү оҥороллор

Дьокуускайдааҕы Автодорожнай техникум, «Арктика» ЦПРК, мед. колледж, үп-экономическай колледж үлэһиттэрэ ыам ыйын 24 күнүгэр миэстэтигэр тиийэн үлэлээтилэр.

«СӨ үөрэҕин министерствота уонна тэрилтэлэрэ Граф Биэрэгин олохтоохторугар уонна техникум үлэһиттэригэр көмөлөстүбүт. Чөлүгэр түһэриигэ хоромньуну ааҕыыга, смета оҥоһуутугар өйөбүл буоллубут. Маны сэргэ, гуманитарнай көмө аҕаллыбыт. Хас биирдии ыалга тустаах үлэһиттэр сыһыарылыннылар. Мин биэс оҕолоох Намнааҕы техникум үлэһитин дьиэ кэргэнигэр сыһыарыллан сырыттым. Бу курдук, үөрэх үлэһиттэрэ дьиэни-уоту өрө тардыыга, сууйууга-сотууга көмөлөстүлэр», — диэн үөрэх министрин бастакы солбуйааччы Михаил Присяжнай кэпсээтэ.

Кэнэҕэһин устудьуоннарга уонна преподавателлэргэ куттала суох усулуобуйа тэриллэригэр, Михаил Присяжнай халаан уутуттан эмсэҕэлээбит Намнааҕы техникум дьиэтин көрдө-иһиттэ.

Киэҥ хабааннаах гуманитарнай көмө оҥоһулунна. Холобура, ЯФЭК нэһилиэнньэни кытта үлэлииргэ анаан 4 ноутбук уонна баһаарынай рукав биэрбиттэр. Тыа хаһаайыстыбатын техникума Намнааҕы техникумҥа дизель пушката туттарбыт.

Республикатааҕы коррекционнай интернат-оскуола үлэһиттэрэ бу күннэргэ «Сосновый бор» кииҥҥэ сылдьар Нам улууһун оҕолоругар наадалаах таҥас-сап арааһын тиксэрбиттэр.

Психолого-педагогическай өйөбүл республикатааҕы методическай киинин биригээдэтин үлэтэ салҕанар. Дьокуускай оскуолатын уонна үөрэх министерствотын педагог-психологтара ыам ыйын 27 күнүттэн «Сосновый бор» кииҥҥэ баар оҕолору кытта үлэлиэхтэрэ. Бүгүҥҥү күҥҥэ Хатыҥ Арыыттан, Модуттан уонна Хатырыктар 107 оҕо кииҥҥэ сынньанар. Кинилэргэ анаан «Будь здоров» диэн 17 күннээх тематическай симиэнэ бэлэмнээбиттэр.

Үөрэх министерствотыгар халаан уутугар эмсэҕэлээбит Өлүөхүмэ уонна Нам улууһун олохтоохторугар харчы хомуйуута биллэриллибит.

Ыам ыйын 25 күнүгэр Граф Биэрэгэр Үөрэх министрэ Нюргуна Соколова салайааччылаах хамаанда үлэлээтэ.

«Эҥсиэли» хаһыат

Хаартыска: СӨ үөрэҕин уонна наукатын министерствотын пресс-сулууспата 

Читайте дальше