Хаайтарыы кэмигэр эгэлгэ табаар атыыланна

Сэтинньи 16 күнүгэр 2 Хомустаахха Уус Алдан Бороҕонуттан ИП Егоров Тимофей Тимофеевич «Дэлэй» маҕаһыына кэлэн, дьон-сэргэ наадыйар табаарын аҕалан, нэлэччи-хоточчу тардан кэбистэ. Иһит-хомуос, кинигэ арааһа, ырааҕы, чугаһы көрөр ачыкылар, оҕо таҥаһа, оонньуурдара, табаар эгэлгэтэ барыта баар. Атыылаһааччылар тутан-хабан, бэйэлэригэр сөп түбэһэр таҥаһы-сабы, атах таҥаһыттан дьиэҕэ кэтэр чараас таҥаска тиийэ атыылаһан, астынан, дуоһуйан бардылар.

Урбаанньыт бу иннинээҕи күн илин эҥэр хаайтарыкка олорор нэһилиэктэринэн – Арбыҥҥа, Көбөкөҥҥө сылдьан баран, 2 Хомустаахха кэлбит уонна төннөрүгэр Баатаҕайга сылдьан ааһыахтааҕын кэпсээтэ.

Бу курдук, ыаллыы олорор Уус Алдан Бороҕонун атыылааччыта Тимофей Тимофеевич хаайтарыкка олорор Нам улууһун нэһилиэктэригэр атыыны тэрийэн олохтоохтор махталларын ылыан ылла. Инникитин да «Дэлэй» маҕаһыын кэлэктиибэ дьон-сэргэ махталын ыла турдун.

Л.Е. Пестрякова, нэһилиэк общественнига