Хаалыктаахтар кэккэлэрэ кэҥиир

Хатырык нэһилиэгин «Кэрэчээнэ» оҕо сайдар киинин иитиллээччилэрэ Аан дойду үрдүнэн биллэриллибит “Доруобуйа күнүн” олус туһалаахтык, сонуннук атаардылар. Ол курдук, «Кэскил» (иитээччилэр Охлопкова М.И., Дьяконова Т.Г) уонна «Чуораанчык» бөлөхтөр иитиллээччилэрэ (иитээччилэр Иванова Л.А., Дьяконова Д.В) хаалыктаах хаамыыны билистилэр уонна холонон көрдүлэр.

Бастаан уһуйаан эти-хааны эрчийэр инструктора Иванова Александра Степановна, практикант, Р.М. Дмитриев аатынан “Олимпийскай эрэл” училищетын устудьуона Пинигин Артур Алексеевич эти-сиини, былчыҥы уһугуннарар эрчиллиилэри оҥорторон бэлэмнээн баран, хаалыктаах хаамыы тиэхиньикэтин билиһиннэрдилэр. Кырачааннар спорт саҥа көрүҥүн сэҥээрэн, сонурҕаан, иитээччилэрин кытары сибиэһэй салгынҥа үөрэ-көтө дуоһуйа хаамтылар.

Бу саҕалааһын инникитин да салҕанан барыаҕа. Кырачааннар чөл, чэгиэн туруктаах буолууларыгар төһүү күүс буолуо диэн эрэнэбит.

Александра Иванова, “Кэрэчээнэ” оҕо сайдар киинин эти-хааны эрчийэр инструктора