СӨ Оҕо саас сылыгар мелодист, учуутал, оҕо ырыаларын ааптара Надежда Макарова бу түмүктэнэн эрэр сэтинньи ыйга бэйэтин ырыаларын толорууга «Кыһыммыт бэлэҕэ» өрөспүүбүлүкэтээҕи кэтэхтэн оҕолорго ырыа куонкуруһун ыытар. Маны 2021 сыллаахтан тэрийэн саҕалаабыта.
-Олохпут көстүүтүгэр сыһыаннаах туох баар тиэмэҕэ барытыгар 400-чэкэ ырыаны айдым. Олортон саамай сөбүлүүр тиэмэм – кыһын. Хаар түһэрин наһаа сөбүлүүбүн, киһи иэйиитин уһугуннарар. Кыһын Саҥа дыл үүнэрин кытта ситимнээх, барыта остуоруйа курдук. Туундараҕа табалар тамайан сиэлэн иһэллэрэ ырыа сурулларыгар наһаа да үчүгэй. Аҥардас кыһын тиэмэтигэр барыта 50-тан тахса ырыалаахпын.
“Ырыа — олох аргыһа” диэн мээнэҕэ эппэттэр. Ырыа киһини кынаттыыр, үрдүккэ көтүтэр. Ырыаны ыллыыр киһи сааһыттан тутулуга суох ырыа ыллаатаҕына доруобуйата тупсар, уйулҕа да өттүнэн күүстээх буолар. Ол иһин оҕолорго, улахан дьоҥҥо ырыаларбын тиэрдэ, ыллата сатыыбын.
Ырыам тыла-өһө судургу, матыыба чэпчэки, оҕо сааһынан көрөн араарыллан суруллар, ылланарга эмиэ чэпчэкилэр. Урут бу ырыаларбын дискэлэринэн таһааран дьоҥҥо – сэргэҕэ тарҕаппытым, дискэҕэ 10 ырыа киирэр. Онно баар буолар: ырыа бэйэтэ, фонограммата уонна тыла. Уопсайа араас ис хоһоонноох 36 дискэни таһаарбытым Ырыа үөрэтээччилэр, салайааччылар тутталларыгар олус табыгастаах, туһанан абыраммыттара. Ол иһин өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн детсадтарга, оскуолаларга ыллыылларыттан үөрэбин. Олохпун оҕо ыллыыр талаанын сайыннарыыга анаатым,— диир СӨ култууратын туйгуна, РФ үөрэҕириитин бочуоттаах үлэһитэ, ырыа хомуурунньугун ааптардарын Айар сойууһун чилиэнэ, СӨ Президенин Е.А. Борисов аатынан Гранын хаһаайына, Нам улууһун бочуоттаах киһитэ, «Нам улууһун сайдыытыгар кылаатын иһин», «Бөтүҥ нэһилиэгин сайдыытыгар кылаатын иһин» бэлиэлэрдээх, Е.С. Сивцев-Таллан Бүрэ аатынан Бөтүҥ орто оскуолатын ырыаҕа учуутала Надежда Семеновна Макарова.
Быйыл кини айар үлэтин 35 сылын туолла. Бу кэм устата оҕолорго, улахан дьоҥҥо анаан элбэх ырыаны айбытын оҕолор ыллаан сайынныннар диэн сыаллаан – соруктаан ааптарскай республиканскай күрэхтэри ыытар.
-Биһиги «Көмүс ыллык» диэн оҕолорго аналлаах ырыаларбынан кэтэхтэн (онлайн) ыытыллар улахан өрөспүүбүлүкэтээҕи ырыа куонкурустаахпыт. Ону бигэргэтиллибит анал хамыыһыйа сыаналыыр, түмүк таһаарар. Бу ырыабыт куонкуруһа быйыл 15 сылын туолла уонна, үгэс быһыытынан, сыллата тохтоло суох ыытылла турар. Ону СӨ үөрэххэ, наукаҕа министиэристибэтэ, өрөспүүбүлүкэтээҕи «Юные якутяне» үөрэх ресурснай киинэ сүүрүннүүллэр.
Бу күрэҕи таһынан, 2021 сылтан саҕалаан ырыаларбын тиэмэлэринэн тыыран, хас ый аайы биирдии тиэмэҕэ ананыллыбыт ырыаларбын толорууга куонкурустары тэрийэбит. Холобур, алтынньыга оскуола тиэмэтигэр — «Үүнүү-сайдыы суолунан», оттон сэтинньигэ дьыл кыһыҥҥы кэмигэр анаммыт — «Кыһыммыт бэлэҕэ». Ол курдук хас биирдии ыйга тус тиэмэлэринэн ырыа куонкуруһа ыытыллар. Билигин “Кыһыммыт бэлэҕэ” куонкурус бара турар, онно хантан баҕарар кыһыҥҥы ырыаларын толорбут видеоларын ыыта тураллар – диэн быһаарар Надежда Семеновна.
«Кыһыммыт бэлэҕэ» куонкурус — оҕо ыллыыр талаанын арыйар түһүлгэтэ. Кэтэхтэн (онлайн) ыытыллар ырыа куонкуруһа сэтинньи 1 күнүттэн 30 күнүгэр диэри бара турар. Сыала-соруга – айар дьоҕуру сайыннарыы, ырыаны толоруу маастарыстыбатын үрдэтии, талааннары арыйыы, идэҕэ туһаайыы, оҕо искусство эйгэтигэр үүнэн-сайдан тахсарын ситиһии, ырыалары тарҕатыы. Манна 3-тэн 17-гэр диэри саастаах оҕолор «Вокал» номинацияҕа үс хайысханан кытталлар: соло, малай форма (дуэт, трио, квартет) уонна ансаамбылынан, хорунан толоруу. Түмүк ахсынньы 5 күнүгэр тахсар. Билиҥҥи туругунан өрөспүүбүлүкэ араас муннуктарыттан 130 сайаапка киирбит.
Билигин үрдүк технология олохпутугар өтөн киирбит кэмигэр Надежда Семеновна оҕолорго анаммыт өрөспүүбүлүкэтээҕи ааптарскай ырыа куонкурустарын тэрийиигэ, ыытыыга уонна айар үлэтин сырдатыыга, ырыаларын тарҕатыыга Интернет ситимин күүскэ туһанар. Манна анал сайтаах: nadezhdamakarova.ru. Бу үлэтин улахан кыыһа компьютернай график, дизайнер идэлээх Анджелика Григорьева сүрүннүүр, көмөлөһөр, өйөбүл-тирэх буолар.
Сайтка «Көмүс ыллык» уонна темаларынан наарданан ыытыллар — «Үүнүү-сайдыы суолунан», «Кыһыммыт бэлэҕэ», «Көмүскүүр, харыстыыр эр хоһууттарбыт», «Алаһа дьиэбит аанньаллара», «Сахам сирэ – мин дойдум», «Харыстаа, Айылҕа ийэҕин» өрөспүүбүлүкэтээҕи кэтэхтэн куонкурустарын балаһыанньалара, куонкурус ыытыллыыта, киирбит — видеоҕа уһуллубут ырыалар, куонкурус сонуннара, ырытыылара, түмүктэрэ о.д.а. матырыйааллар тахсаллар.
Манна оҕо уһуйааннарын иитээччилэригэр, оскуола учууталларыгар көмөлөөх, ырыаны үөрэтиигэ туһанарга анаан, ырыа матыыба, тыла уонна ырыаны толоруу фонограммалара сайтка эмиэ тахсаллар. Өрөспүүбүлүкэ ханнык баҕарар муннугуттан, ханна да барбакка-кэлбэккэ, үлэлиир миэстэттэн туттарга олус табыгастаах.
Итини таһынан учуутал бэйэтэ айан — хомуйан оҥорбут Саҥа дьыллааҕы сценарийдарын сайтка эмиэ киллэрэр. Холобур, «Чысхааны көрсө хоту дойдуга айан», «Саҥа дьыллааҕы сүпсүлгэн», «Саҥа дьыллааҕы үтүө санаа остуоруйата». Интэриэһиргээбит дьон итинэн сигэнэн сайтка киирэн билсиэххитин сөп.
Ырыа куттаах Надежда Семеновна айымньылаах үлэтэ салҕанар. Кини ылбаҕай ырыалара кэнчээри ыччаты кэрэҕэ, сырдыкка кынаттыы, дууһаны абылыы эйээрэ дьиэрэйэллэр.
Н.С. Макарова айар үлэтин 35 сылыгар анаан кыһыны уруйдуу суруйбут ырыаларынан ырыа куттаах биир идэлээхтэрэ, улууспут биллэр ырыа, үҥкүү ансаамбыллара, төрөппүт оҕолоро, оҕо уһуйааннарын, оскуола үөрэнээччилэрин уо.д.а. кыттыылаах «Хаар түһэр кырсалыы кылбааран…» улахан кэнсиэр ахсынньы 1 күнүгэр А.Ф. Шестаков аатынан Улуустааҕы норуот айымньытын дьиэтигэр 15:00 ч. тэриллэр. Кэлиҥ, сылдьыҥ, кэрэни кэрэхсээҥ.
Касьян Олесов-Олук