Хамаҕатта нэһилиэгин «Тускул» уһуйааныгар Байанай ыйын, Олоҥхо күнүн бэрт сэргэхтик бэлиэтээтилэр. Сахалыы таҥастарын кэппит оҕолор, төрөппүттэр, үлэһиттэр саалаҕа муһуннулар.

Бу күн «Һаха һаҥата дуорайар» куруһуок оҕолоро фольклор араас көрүҥнэрин: хоһоону, үгэни ,чабырҕаҕы биирдиилээн, бөлөҕүнэн толордулар. Салайааччы Татьяна Алексеевна Протопопова олохтоох поэт, суруйааччы Василий Васильевич Ушницкай-Сэки айымньыларыгар тирэҕирбит.

Тэрээһин киэргэлинэн иитиллээччилэрэ, олоҥхону толорооччулар, билигин ХСФЛ үөрэнээччилэрэ Анжелика Сунтарова, Сандал Новгородов буоллулар. Кинилэр олоҥхону 4 саастарыттан үөрэтэн саҕалаабыттара. Сыллата кэҥэтэн, тупсаран иһэллэрэ үөрдэр.

Юлиан Слепцов (улахан бөлөх) Сэки айымньыларынан дакылаат ааҕан иһитиннэрдэ. «Отон уонна дьэдьэн» үгэни Милия Олесова, Сайаана Назарова уобарастарын арыйан , итэҕэтиилэхтик толордулар. Саамай кыра саастаахтар орто бөлөхтөн «Тууһут тураах» үгэни Сайаан Новгородов, Эмилия Слепцова, Дархан Новгородов аахтылар. Бөлөҕүнэн толоруллубут «Чыыбы-чаабы чабырҕах» сэргэхтик иһилиннэ. Бэлэмнэнии бөлөх уолаттара хайдах курдук киэн туттан туран аахпыт «Миэнэ дойдум барахсан » хоһоонноро биһирэннэ.

Төрөппүт көмөтүн, өйөбүлүн бэлиэтиир наада. Тэрээһин оһуохайынан түмүктэннэ.

Маргарита Охлопкова

Читайте дальше