Хаһыакка суруйтарыҥ, олоҕу кытта тэҥҥэ хардыылааҥ!

Аппааны бөһүөлэгин почтальона Галина Охлопкова иһитиннэрбитинэн, билиҥҥи туругунан, 44 ыал «Эҥсиэли» хаһыаты суруйтарар. Маны тэҥэ, дьон ордук «Кыым», «Саха сирэ» хаһыаты, «Чуораанчык» сурунаалга дөбөҥнүк сурутарын эттэ.  Алтынньы 2 күнүттэн  «Эҥсиэли» хаһыакка чэпчэтиилээх сурутуу саҕаланна, олохтоохтор кэлэн хаһыакка суруйтарыҥ, олоҕу кытта тэҥҥэ хардыылаҥ.

Хатыҥ Арыытааҕы олохтоох библиотека сэбиэдиссэйэ Варвара Носкова «Эҥсиэли» хаһыаты көтүппэккэ сурутар. Үлэтигэр элбэх туһалаах матырыйаалы туһанар, сайтка угар эбит. Араас викториналары, төгүрүк остуоллары ыытарыгар хаһыат кини солбуллубат доҕоро буолар.

Тапталлаах улууспут хаһыата «Эҥсиэли» алтынньы 5 күнүгэр тэриллибитэ 88 сылын туолбут үөрүүлээх күнүнэн эҕэрдэлиибит. Хаһыаппыт сайда, тупса тур, элбэх саҥа ситиһиилэр, саҥа сүүрээннэр арыаллаатыннар.

Надежда Сивцева

Читайте дальше