Быйыл өрөспүүбүлүкэбитигэр сааскы халаан уутугар эмсэҕэлээбиттэргэ харчынан көмө 5600-тэн тахса киһиэхэ оҥоһуллубут. Бу туһунан СӨ правительствотын председателин бастакы солбуйааччыта Дмитрий Садовников иһитиннэрдэ.
Халаантан эмсэҕэлээбиттэргэ көмө салҕанар. Госуслуга порталга 9 тыһ. тахса сайабылыанньа киирбит. Өҥө 5600-тэн тахса сайабылыанньаҕа оҥоһуллубут, уопсайа 252 мөл. солк. суумаҕа.
Ити 5600 киһиттэн 2400-тэн тахсата 220 мөл. солк. кэриҥэ көмөнү ылбыттар, 3200 киһи 32 мөл. солк. тахса биир кэмнээх материальнай көмөнү туппут.
Быйыл сааскы халаан уутуттан хоромньу, бүтэһик чахчыларынан, 2,4 млрд солк. тэҥнэспит. Бүгүҥҥү күҥҥэ социальнай эбийиэктэр сметэлэрин оҥоруу түмүктэнэр. Ыксаллаах быһыы-майгы режимэ Федеральнай таһымҥа биллэриллэн, чөлүгэр түһэрии улахан аҥаарыгар харчы дойду хааһынатыттан көрүллүөҕэ. Бу үбү-харчыны ылар туһуттан өрөспүүбүлүкэ министерстволара федеральнай салалтаны кытта ыкса үлэлии сылдьаллар. Дмитрий Садовников эппитинэн, олорор дьиэлэргэ испииһэктэр чуолкайданаллар. Экспертиза түмүгүнэн, чөлүгэр кыайан түспэт дьиэлэргэ саҥа дьиэлэнэллэригэр үп-харчы көрүллүөҕэ. Оттон эмсэҕэлээбит дьиэлэрдээх хаһаайыттарга өрөмүөннэнэллэригэр көмө бэриллиэҕэ.
Санатан эттэххэ, быйыл сааскы халаан уутуттан Намҥа, Өлүөхүмэҕэ, Ньурбаҕа 27 нэһилиэнньэлээх пуун эмсэҕэлээтэ. Суол-иис, ОДьКХ, уот-күөс, тыа хаһаайыстыбата, үөрэх, доруобуйа харыстабылын эбийиэктэрэ, олорор дьиэ-уот ууга улаханнык ылларан алдьаннылар-кээһэннилэр.
Ыйыллыбыт муниципальнай тэриллиилэргэ 4056 киһи эмсэҕэлээбитинэн билиниллибит. Төлөбүрдэри (биир кэмнээх материальнай көмө уонна харчынан көмө) кинилэр саҥа бэрээдэгинэн уонна индексация түмүгүнэн ылаллар. Өрөспүүбүлүкэҕэ ыксаллаах быһыы-майгы кэмигэр эмсэҕэлээбиттэргэ төлөбүр кээмэйэ СӨ Ил Дархана Айсен Николаев быһаарыытынан түөрт төгүл үрдээтэ. Материальнай көмө биир киһиэхэ 5 тыһ. солк.-тан 10 тыһ. солк. диэри үрдэтилиннэ. Күннэтэ туттуллар баайы-дуолу сүтэрии иһин харчынан көмө 20 тыһ.-тан 100 тыһ. солк. диэри улаатта (баай-дуол аҥаарыгар 50 тыһ., толору сүтэриигэ 100 тыһ. солк.). Бу туһунан улусмедиа иһитиннэрдэ.
Лена Ноговицына