Халаан уутуттан эмсэҕэлээбит Нам улууһун нэһилиэктэригэр бастакы көмө оҥоһуллар

Нам улууһун баһылыга Юрий Слепцов сорудаҕынан, волонтер штаба тэриллэн, ыарахан үлэҕэ сылдьар дьоҥҥо, 7 ПВР-га итии ас, бородуукта тарҕатылынна. Улууспут нэһилиэктэрэ халаан уутунан туолбуттара – барыбыт кыһалҕабыт!

“Уопсайа 400-тэн тахса тыһыынча суумалаах аһы-үөлү түҥэтэ, бэрээдэктии олоробут. Амарах санаалаах Нам улууһун дьоно-сэргэтэ бары үлэҕэ улахан күүс-көмө буолла, бэйэлэрин кылааттарын киллэрдилэр”, – диир улуустааҕы дьиэ кэргэн уонна ыччат отделын салайааччыта Екатерина Евстафьева.

Көмө оҥорор пууҥҥа дьахтар сэбиэтэ, «Россия Ийэлэрэ» түмсүү улуустааҕы олохтоох дьаһалта үлэһиттэрэ, Илья Винокуров аатынан Намнааҕы педколледж устудьуоннара көмөлөһөллөр, күргүөмнээхтик үлэ ыыталлар. Ону тэҥэ, суһал көмөҕө  баҕалаахтар, ыччат кылааттарын киллэрэн кыттыспыттар. Күн устата Нам улууһун урбаанньыттара итии аһынан хааччыйан улахан көмө оҥорбуттарын Екатерина Сергеевна бэлиэтиир.

Маны таһынан, ууга барбыттарга Айыллаан Винокуров “Биир ньыгыл Россия” баартыйа аатыттан 3 туонна кэриҥэ бородууктаны, таҥаһы-сабы Маймаҕаҕа уонна Хатырыкка тиэрдибит.

Бүгүҥҥү күҥҥэ Нам улууһа халаан уутуттан эмсэҕэлээбит нэһилиэктэр чөллөрүгэр түһэриллэллэригэр тутуу этэрээттэрэ кыттыыны ылалларыгар, күүс-көмө оҥороллоругар СӨ Ыччатын министиэристибэтигэр сурук суруйуоҕа.

Харысхан Попов

Читайте дальше